Муус устар 13 күнүгэр, «Кулума» култуура киинигэр, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тэрийиитинэн улуустааҕы «Төрүччү төлкөтө» куонкурус буолан ааста. Дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын чэрчитинэн, улууска маҥнайгытын ыытыллыбыт куонкуруска уопсайа 17 үлэ кытынна.
Саамай кыра саастаах кыттааччынан, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуола 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Елена Третьякова, аҕам саастаах- тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Орто Халыма Бочуоттаах олохтооҕо Анна Васильевна Шадрина буоллулар.
Кыттааччылар 5 мүнүүтэ иһигэр үлэлэрин көмүскээтилэр.
Олус интэриэһинэй киэҥ хабааннаах арыйыылар оҥоһуллубуттар, научнай үлэлэр, 500 тахса киһилээх көлүөнэ удьуора, маллара- саллара, хаартыскалара, үйэттэн үйэҕэ хараллан кэлбит архыыптар сырдатылыннылар.
Дьүүллүүр сүбэ, аны икки сылынан куонкуруһу ыытыахха диэн этии киллэрдэ. Төрүччүнү эдэр саастаах дьон ылсан оҥорор буолбута кэрэхсэннэ.
Куонкурус түмүгүнэн, «Лучшее научное содержание» анал аат Мария Семеновна Созонова (Өлөөкө Күөлэ). «Оригинальное генеалогическое древо» — Третьякова Елена (Орто Халыма к.,2 кылаас үөрэнээччитэ). «Наша Династия» — Мария Ивановна Колесова — Турпановтар уонна Явловскайдар (Орто Халыма к.).
«Моя семья в истории Родины» — Анастасия Саввична Бережнова кыыһынаан Екатериналыын (Орто Халыма к.). «Семейная летопись» — Валентина Николаевна Павлова (Налимскай). «Семейная династия» — Айыына Ушакова, Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ. «Удьуор утума» — Мотрена Алексеевна Тарасова (Орто Халыма к.).
Куонкурус кыайыылааҕынан, талба баай архыыптаах, дириҥ устуоруйалаах арыйыылардаах Анна Васильевна Шадрина буолла.
Кыттааччылары итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит, төрүччүгүт хаҥаан, арыйыыгыт үксээн, бырайыаккыт халыҥаан иһэригэр баҕарабыт. Ким төрүттээх — ол инникилээх.
Ааптар: Саргылана Кокорина