Ыспыраапка: 2024 с. тохсунньу 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн Саха сиригэр 1 001 664 киһи олорор, куорат сиригэр – 677004, тыа сиригэр – 334 660, Дьокуускай куоракка 384 979 киһи олорор эбит. («Кыым» хаһыат).

От ыйын 1 уонна 2 күннэригэр Дьокуускай куоракка уопсастыбаннай түмсүүлэр уонна уопсастыбанньыктар (В.Н.Ефремов, П.В.Гладкина, Г.И.Адамов, И.И.Шамаев уо.д.а.) көҕүлээһиннэринэн «Тыа сирэ – омук дьылҕата» диэн пуорум ыытылынна. Тыа сирин кыһалҕатын дьүүллэһэр тэрээһин «Олох усулуобуйатын тупсарыы», «Бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаны сайыннарыы», «Нэһилиэк өйө-санаата», «Нэһилиэк тутула» сиэксийэлэринэн үлэлээтэ.

Тэрээһин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саалатыгар пленарнай мунньаҕынан саҕаламмыта. Манна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар дьон, тыа сирин үөрэҕириитин уонна култууратын үлэһиттэрэ, уопсастыбанньыктар, дьокутааттар, туһааннаах министиэристибэлэр исписэлиистэрэ уо.д.а. кыттыыны ылбыттара.

Кэнники сылларга тыа сириттэн киин куоракка көһүү үксээн, тыа сирин нэһилиэнньэтин ахсаана биллэ аччаата. Онон пуорум сыалынан тыа сирин кыһалҕатын тула биир санаалаах дьону түмэн, хайысхаларынан сааһылаан, үлэни бүтүннүүтүн сүрүннүүр уопсастыбаннай хамсааһыннары тэрийии буолла. Бу сыалы ситиһэргэ араас таһымнаах 50 кэриҥэ этии, этинии киирдэ.

Этиниилэри сүүмэрдээн, сүрүн болҕомтоҕо ылыллыбыт соруктарынан буоллулар:
Олохтоох бэйэни салайыныы: Баһылыктары, дьокутааттары, экэнэмиистэри, юристары, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин түмэр түмсүүнү тэрийии; Нэһилиэк эти-үүтү оҥорон таһаарар, сири таҥастыыр киин буоларын ситиһэр хаһаайыстыбаннай, быраап, экэниэмикэ өттүнэн дьайыылары оҥорор хайысхалары тобулуу; Дьокутааттары, уопсастыбынньыктары түмэн нэһилиэк олохтоох салайыныытын көмүскүүр, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнарыгар туруорсар бөлөхтөрү үөскэтии; Уопсастыбанньыктары, баһылыктары түмэр сүбэ Сэбиэттэри тэрийиини көҕүлүүр, докумуон өттүнэн сүбэ-арыаллааһыны оҥорор бөлөхтөрү тэрийии; Эдэр баһылыктары өйөөһүн; КРСТ (комплексное развитие сельских территорий) судаарыстыбаннай бырагыраама курдук бырайыагы өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киллэрии; Эдэр исписэлиис, эдэр ыал олохсуйарыгар толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуу; Учууталынан, эмчитинэн, култуура үлэһитинэн хааччыллыыга орто анал, үрдүк үөрэхтэр кыһаларыгар тус сыаллаах (целевой) миэстэлэри элбэтэн, чуолаан Аартыка улуустарыгар, оҕо хайаан да идэтинэн үлэлиирин ситиһии; Нэһилиэктэргэ биир киэптээх (типовой) тутуулары сөргүтүү; Сири уһун кэмҥэ түүлээһини (арендалааһыны) сөргүтүү;

Дьиэ кэргэн: Уйулҕа үөрэхтээхтэрин, култуура эйгэтин үлэһиттэрин, социологтары, интэриниэт ситимин нөҥүө анал сыһыарыы арыйан, былыр-былыргыттан үтүө үгэс буолан кэлбит суорумньулааһыны сайыннаран, ыал буолууну үксэтэр, демографияны тупсарар соруктаах түмсүүнү тэрийии; Ыччат төрүт аһынан аһылыктанан чөл буоларын ситиһии; Толору дьиэ кэргэттэри өйөөһүн; Эр киһи, аҕа оруолун үрдэтии; Оҕону биисинэһинэн, үлэнэн иитэн, олоххо тирэхтээх буоларын ситиһии; Хас биирдии дьиэ кэргэни төрүччүтүн үөрэтиитигэр көҕүлээһин.

Үөрэхтээһин: Нэһилиэнньэ, дьиэ кэргэн, педагогтар, социологтар, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ, култуура үлэһиттэрин күүһүнэн үүнэр көлүөнэни иитэр-сайыннарар кыаҕын толору туһанарыгар туһуланар методическай баазаны оҥоруу; оҕо «Дойдумсах» буоларын ситиһии; Суруналыыстарга тирэҕирэн, оҕону-ыччаты, хаһыат, көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар, сыһыарыылар, култуурунай-маассабай тэрээһиннэр нөҥүө төрөөбүт дойдуларыгар, айылҕаларыгар чугаһатар, ситимнэрин ситэрэр киэҥ далааһыннаах үлэни ыытыы; Төрүт тыл, төрүт култуура үөрэтиитин күүһүрдүү, уруоктар бэриллэр чаастарын элбэтии; Үөрэх тэрилтэлэригэр Үрүҥ Уолан, Кыыс Куо предметтэрин сөргүтүү.

Тыа хаһаайыстыбата: Ыччаты тыа хаһаайыстыба тэринэн инники олоххо тирэхтээх буоларыгар иитии; Нэһилиэк бэйэ бородууксуйатын тэринэн, сүөһү ииттэн, эмтээх оту, отону, сир аһын хомуйан, эргинэн, дохуоттаах буоларын ситиһии; Тыа хаһаайыстыбатын тутар дьону эрдэ биэнсийэҕэ таһаарыы; Оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэри, үөрэхтээһин эйгэтин сыһыаран, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар агро оскуолалары элбэтии; сүөһү төбөтүгэр субсидияны үрдэтии, сир боппуруоһун тула элбэх этии, уо.д.а. киирдэ.

Бу курдук 100-тэн тахса кыттааччылаах, 4 сиэксийэлээх пуорум киэҥ- куоҥ бырагыраамалаах, уопсастыбаннас, ситэриилээх былаас уонна сокуону оҥорор былаас бэрэстэбиитэллэрэ бииргэ атах тэпсэн олорон сүбэлэһэр, көдьүүстээх этиилэри киллэрэр түһүлгэлэринэн буолла. Маны сэргэ нэһилиэктэр сүбэлэрэ хайдах быһыылаахтык тэриллиэхтээхтэригэр уонна үлэлиэхтээхтэригэр элбэх хайысха, дьүүллэһии киирдэ.

Хас биирдии сиэксийэҕэ киирбит этиилэр, этиниилэр ырытыллан, дьүүллэнэн, сүүмэрдэнэн, уон саамай тоҕоостооҕо талыллан, алтынньы ыйга диэри Ыҥырыы быһыытынан, Ил Түмэн дьокутааттарыгар туруоруллуоҕа.

Пуорум кураанах куолу буолбакка, тыа сирин сайдыытыгар, олохпут дьылҕата тупсарыгар дьайар хамсааһын тирэҕинэн буолуо диэн эрэниэҕиҥ, итэҕэйиэҕиҥ.

Ааптар: Саргылана Кокорина, Изабелла Ноговицына, Орто Халыма улууһа

Читайте дальше