«ЧАЙНАЯ ЦЕРЕМОНИЯ НАРОДОВ МИРА» түөлбэнэн күөн күрэх буолла

Сэтинньи 4 күнүгэр норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах «ЧАЙНАЯ ЦЕРЕМОНИЯ НАРОДОВ МИРА» түөлбэнэн күөн күрэх буолла.

Манна нэһилиэкпит түөлбэлэрэ араас дойдулар чэйи иһэр, чэйдэтэр култуураларын, сиэрдэрин көрдөрдүлэр. Ол курдук Китай, Узбекистан,Турция, Казахстан, Индия, нуучча, саха, эбээн омуктарын уратыларын билиһиннэрдилэр.

Бырааһынньык киэһэтэ итинэн эрэ бүппэтэ, күрэхтэһии түһүмэхтэригэр билиһиннэрэр норуотуҥ үҥкүүтүн туруоруу уонна омук быһыытынан төрүттээбит оонньуутун оонньотуу киирбитэ.

Бары түөлбэлэр ох курдук оҥостон, кулууппутун киһи билбэт гына киэргэтэн, таҥнан-симэнэн, ас астаан түбүгүрбүттэрин киһи эрэ сөҕөр. Күннээх Индияттан саҕалаан, хотугу көс омук эбээннэр маллара-саллара, иһиттэрэ-хомуостара барыта баар.

Дьүүллүүр сүбэ норуоттары кэрийэ сылдьан чэй истэ, амтаннаах астарын амсайда, көрдө-иһиттэ. Хаһан да сыанаҕа тахсыбатах үҥкүүһүттэр, сыанаттан түспэт үҥкүүһүттэрдиин тэҥҥэ үҥкүүлээн тэйбиттэрин көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Норуоттар оонньууларыгар көрөөччүлэртэн баҕалаахтар тахсан астына күрэхтэстилэр.

Дьоро киэһэ түмүгэр саха, эбээн норуотун көрдөрбүт «Сайдыы» түөлбэ кыайыылааҕынан таҕыста. Маннык тэрээһиннэр нэһилиэк, түөлбэ олохтоохторун түмэллэр, сомоҕолууллар.

Ааптар: Изабелла Ноговицына Өлөөкө Күөл бөһ.

Читайте дальше