Дьиэ кэргэн сылыгар эбээлээх эһээм бэлиэ сылларын көрүстүлэр

Мин эчээм Николай Егорович Кудрин уонна эбээм Анна Петровна Кудрина быйыл ыал буолан бииргэ эйэ дэмнээхтик олорбуттара 50 сыла буолла.

Кинилэр аан бастаан ханна, хаһан билсиспиттэрин кэпсиир буоллахха маннык эбит.

Эбээм бэтэринээр идэтин Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, Хатыҥнаахха 1972 сыллаахха ананан кэлбит. Ол саҕана Ан-2 сөмөлүөт көтөр эбит.  Кинини сопхуос управляющайа Владимир Алексеевич Слепцов көрсөн сонно хонтуораҕа ыҥыран маннык күлэн эппит: «Бөһүөлэккэ саамай ыраах дьиэҕэ олоруоҥ» — диэбит. Онто олох да бөһүөлэк ортотугар Анна Васильевна Карповалаахха  дьукаах биир ый курдук олорбут. Онтон Чурпчыттан сылдьар киинэмэхээньик кыыс, Татьяна,  ийэтинээн олорор дьиэлэригэр көспүт.

Эбээм аан маҥнай эчээбин кытта биэчэргэ үҥкүү кэмигэр билсиспиттэр. Эчээм дьиэтигэр диэри атаарбыт. Онтон саас, ыам ыйын 1 күнүгэр, эйэ, үл, күөх Маай бырааһынньыгар демонстрацияҕа көрсүспүттэр.  Салҕыы билсиһэн, көрсүһэр буолбуттар.

Сайын от биригээдэтигэр үлэлии сылдьан тапталлара өссө күүһүрбүт. Ийэм бииргэ олорор эмээхсинэ, ити уол боростуой ыал оҕото быһылаах, санаатынан да сымнаҕас эбит кэргэн таҕыс диэн сүбэлиир эбит үһү. Оттон эчээбэр кырдьаҕастар «Ити кыыһы түргэнник ыла оҕус, баран хаалыа», — дииллэр эбит.  Акулина Спиридоновна ийэтэ Варвара Спиридоновна туох ааттаах  үчүгэй, кыраһыабай паараларый, үрдүктэрэ, уһуннара, маннык паараны көрө иликпин диирэ үһү.  Семен Дмитриевич Лаптев ити кэмҥэ кулуупка үлэлиирэ уонна комсомольскай сыбаайбаны тэрийиэххэ диэбитин эбээм сөбүлэспэтэх.

Ол сыл күһүнүгэр эчээм ийэбин дьиэтигэр көһөрөн аҕалбыт. Кыһын эбээм Арҕахтаахтан, таайа холбоспутугар үөрэн, бэлэх гынан «Кэрэмэс» диэн аты бэлэхтээбит. Оттон ийэтэ иистэнэр буолан күтүөтүгэр айан таҥаһын тигэн, кыыһыгар суорҕан арааһын, түннүк, аан штораларын ыыппыт.
Эчээм көрсүһэр кэмнэригэр хоһоон ааҕар, ырыа ыллыыр эбит. Соһуйбутум диэн эчээм ол хоһооннорун билигин да өйдүүр. Эбээлээх, эчээм  ол кэмнэрин олус долгуйа саныыллар, ахталлар. Биир хоһооннорун истэн суруйдум. Степан Дадаскинов хоһооно

«Ыйдаҥалаах түүн»
Хаамсан иһэбит ыйдаҥаҕа,
Уу долгураҥ чуумпуга,
Көмүс кытаҕын иһиттэн,
Күрүлэс толбонун күлүмнэтэн,
Ый биһиги үрдүбүтүгэр ыһар,
Ыраахтан чуҥнуур аргыстаһар.
Тохтуубут, ый эмиэ тохтуур,
Тонолуппакка өр одуулуур.
Ыал буоларга сананныгыт?
Ыраас дуо эһиги тапталгыт?
Ытыска ытыһы сыһыаран,
Ый сүмэҕин холбуу тутан,
Ыксары, ыксары куустуһабыт.
Ыраас, талба биһиги тапталбыт.
Төгүрүк ый үөрэн мичилийдэ,
Төлөннүрэн сырдыы чэмэлийдэ,
Көмүс кытаҕын күн диэки уунна.
Дьэ, уонна биһиги тулабытыгар
Дьирибинэччи кута турда.
Хаамсабыт, ый аргыстаһар,
Сэгэрбин дьиэтигэр атаарсыһар.

Быйыл сайын ыһыахха эбээлээх эһэм бииргэ олорбуттара 50 сыллаах үбүлүөйдэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаевтан анал Эҕэрдэ сурук туппуттара.

Эбэлээх, эчээбэр өссө да бииргэ уһуннук олороллоругар баҕарабын.

Ааптар: Сиэннэрэ Дамир Кудрин, Хатыҥнаах

Читайте дальше