Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана

Суруйааччы Евдокия Иринцеева-Огдо «Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана» диэн кинигэни бэлэмнээн бар дьонугар утары ууммутун улаханнык биһирээтим, хайҕаатым.
Кинигэ киирии тылыгар маннык этиллибит: «Айылҕаттан анатыылаах, үөһэттэн этитиилээх, саха сиригэр биллиилээх дьарыктаах Эдьиий Дора инники кинигэлэригэр салгыы саха саргытын туһунан санааларын түмэр, самныбат туһугар тугу тутуһар ордугун оҕоҕо-ыччакка, сиппит дьоҥҥо уу сахалыы быһаарар…».
Кинигэ алта бастаах.
Олор «Сааһылаатахха — маннык», «Сэрэттэххэ — маннык», «Сэмэлээтэххэ — маннык», «Сорудахтаатахха — маннык», «Сүрүннээтэххэ — маннык», «Салайдахха— маннык» диэн ааттардаахтар.
Мин Дора Кобякова-Эдьиий Дора урут тахсыбыт кинигэлэрин барытын ааҕан, уура-харайа сылдьан, мунаах түгэннэргэ хос ааҕан, чопчу хоруйу хайаан да булан олохпор, билиибэр-көрүүбэр туһанабын.
Бу билиҥҥи тахсыбыт кинигэ сахалыы тылы, тыыны туруулаһар дьоҥҥо олус туһалаах норуот педагогикатын тарҕатар, онно уһуйар уратылаах эбит.
Бэрт өйөдөнүмтүө уонна ураты судургу тылынан суруллубут буолан, бу кинигэни эдэр да, эмэн да, оҕо да дьон тартаран, биһирээн ылынан ааҕыахтарын сөп.
Эдьиий Дора биһиги ыраах сытар улууспутугар иккитэ тиийэ сылдьан айылҕабытыгар сыһыаммытын сааһылаабыта, дьону-сэргэни кытта кэпсэппитэ, элбэҕи сүбэлээбитэ-амалаабыта.
Ону хоту сир дьоно бэркэ биһирээбиппит, олохпутугар туһаммыппыт.
Ол курдук кини 2009 с. биһиги улууспутугар кэлэн үлэлииригэр мин суруксут быһыытынан бииргэ сылдьыһан, кини дьоҥҥо истиҥ сыһыанын, көмөтүн аматын илэ көрбүппүн умнубаппын.
Онон Эдьиий Дора туһунан Огдо «Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана» кинигэтин ааҕыҥ, ырытыҥ, тускутугар туһаныҥ.

Ааптар: Акулина Колесова

Читайте дальше