Василий Иванович арыйыыларынан суруллубут «Инженерия шаманизма», «Лечение невозможного», «Постарайся быть здоровым», «Модель мира Василия Оконешникова» диэн кинигэлэри сахалыы тылбаастаабыппын, Дьокуускай куорат кинигэни оҥорор «Айар» кыһата бэчээттээн таһаарда.
Кини аан дойду баар буолбут мадьыалын хайдах өйдүүрүн, ыарыылары быһаарар, эмтиир ньымаларын, көстөр уонна көстүбэт эйгэлэр киһиэхэ хайдах дьайалларын, ойууннааһыны научнайдык быһаарыытын, Халыманы аан дойду наукатын киинэ оҥорор сүүнэ бырайыагын саха саҥалаах туох баарынан өйдүүрүн, ылынарын курдук, ис хоһоонун уларыппакка дьоҥҥо тириэрдэ сатаатым.
Бэйэм харчы булан бэчээттэттим, онон кинигэни элбэх ахсаанынан таһаарар кыаллыбата. Ааспыт саас, харчы хомуйан сакаастыыр саҕана Сылгы Ыытартан — 2, куораттан — 2, Хатыҥнаахтан — 1, Арҕахтаахтан — 1, Өлөөкө Күөлүттэн — 1, Ойуһардаахтан — 10 киһи кинигэни ылар баҕаларын биллэрбиттэрэ. Ол дьон миэхэ билсэн кинигэни ылыаххытын сөп.
Кинигэни ылан ааҕан баран дьоҥҥутугар, оҕолоргутугар кэпсииргитигэр, дьоҥҥо уларсан аахтараргытыгар баҕарабын, тоҕо диэтэххэ, Василий Иванович хаһан даҕаны, ханна даҕаны суруллубатах баараҕай арыйыыларын саха норуота билбэт, учуонайдар кыайан ырыппаттар уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарбаттар.
Учуутал буоларбынан, хайдах суруйдахпына оҕолор, төрөппүттэр өйдүөхтэрэй, сүрэхтэринэн ылыныахтарай, диэн соругу бэйэбэр туруоран үлэлээтим.
Василий Иванович: «Халыма — хаайыы сирэ диэн ааттанан, дьон эрэйэ-муҥа мустан, көмүскэлэ кэбирээтэ, аурата алдьанна», — диирэ. Аан дойдуга Халымаҕа эрэ куосумастан саамай ыраас сардаҥалар түһэллэринэн, үөһээ айыылартан анаммытынан, аан дойду 6643 бастыҥ учуонайдара мустан, сир үрдүнэн ханна даҕаны сэриитэ суох, дьоллоох олоҕу түстүүр бырайыактары оҥорон, олоххо киллэриэхтэрэ, Халыма аан дойду дьолун киинэ буолуоҕа, аурата көнүөҕэ, Халыма олохтоохторо бары дьоллоох буолуохтара диэн кини булгуруйбат ыра санаалааҕа.
«Колымский проект» диэн улахан бырайыагы оҥорон Арассыыйа саҥаны арыйааччыларын уопсастыбаларыгар көмүскээн, сибидиэтэлистибэни ылбыта.
Бииргэ үөскээбит, үөрэммит, олохпут устата алтыспыт үтүөкэн доҕорбут Оконешников Василий Иванович – биһиги кэммитигэр уһулуччулаах саҥаны арыйааччы, бөлөһүөк этэ. Кини курдук үрдүк таһымнаах илиичинэс саха норуотугар үөскүү илик, диэн биһиги, Орто Халыма орто оскуолатын 11-с кылааһын 1966 сыллаахха бүтэрбиттэр мэктиэлиибит.
Кини арыйыылара олус сөҕүмэрдэр, билиҥҥи наука таһыма олору кэмниир, туһанар, олоххо киллэрэр кыаҕа суох. Ол гынан баран, инники кэлэр көлүөнэлэр биһиги Василийбыт арыйыыларын сөпкө сыаналыахтара, сөптөөхтөрүн дакаастыахтара, диэн бигэ эрэллээхпит.
Биһиги кылааспыт үйэ аҥаарыттан тахса кэм биир дьиэ кэргэн курдук, тутуспутунан, ситиһиилэртэн үөрэн, ыар кэмнэри өйөнсөн бачча кэлбиппитигэр Василий Ивановичпыт суон-дурда, халыҥ хахха, кылааспыт салайар атома буолбутун билинэбит. Билигин даҕаны кини барыбытын үөһээ эйгэттэн харыстыы, эмтии сылдьарыгар эрэнэбит уонна итэҕэйэбит. Улуу киһини кытта бииргэ алтыһыннаран дьолу бэлэхтээбит дьылҕабытыгар махталбыт муҥура суох.
Улуус оскуолаларын бүтэрээччилэр, биһиги кылааспыт курдук тиийэ өйдөһөн, биир дьиэ кэргэн курдук убаастаһан, чиэстээхтик үлэлээн, төрөөбүт дойдугутун киэргэтэр дьылҕаланаргытыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт. Бары дьоллоох, доруобай буолуҥ.
Автор: 1966 сыллаахха 11-с кылааһы бүтэрбиттэр ааттарыттан Иннокентий Оконешников