Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Орто Халыма улууһун уонна Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна, бэтэрээнэ, СӨ Баһаары утары үлэ сулууспатын подполковнига, бильярд успуорт көрүҥүн СӨ уонна Халыма-Индигиирдээҕи бөлөх чөмпүйүөнэ, өр сылларга Орто Халыматааҕы баһаарынай чааска начаалынньыгынан үлэлээбит Василий Васильевич Винокуров күн сириттэн барбыта 1 сыла буолла.
Кэриэстэбил-тэрээһин, Василий Васильевич 27 сыл үлэлээбит идэтин дьиэтигэр, Орто Халыматааҕы баһаарынай чаас эбийиэгэр ыытылынна. Күн чэрчитинэн кини аатыгар тахсыбыт «Знаете каким он парнем был!» ахтыы кинигэ сүрэхтэннэ. Кинигэ, аймахтара, чугас дьоно быһаарыыларынан, И.А.Оконешников эрэдээксийэтинэн уонна тылбааһынан толорду нуучча тылынан, Дьокуускай куоракка «Эрэл» типографияҕа халыҥ тастаах, 104 устууканан бэчээттэммит.
Кинигэ бастакы чааһа, кинигэни түмэн оҥорбут Василий Васильевич таптыыр сиэн балыһа Анастасия Созонова киирии тылыттан саҕаламмыт. 2 түһүмэҕэр аймах-билэ дьонун, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарын, доҕотторун ахтыылара киирбиттэр. 3 чааһыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, 4 түһүмэҕэр Василий Васильевич кинигэ таһаарарбар диэн, түмпүт матырыйааллара киирбиттэр. Уопсайа 54 ахтыы сурук тиһиллибит. Кинигэ ааптара Анастасия Созонова саҥа кинигэни улуус баһылыгар И.В.Лаптевка, кинигэни эрэдээксийэлээн, тыльаастаан таһаарбыт И.А.Оконешниковка уонна улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ, баһаарынай чаас кэлэктииибигэр бэлэх уунна.
Ахтыы биэчэргэ элбэх киһи санаатын эттэ, ахтылҕанын биллэрдэ, билиҥҥи кэлэктиипкэ, убай-настаабынньыктарын үөрэтиитинэн-такайыытынан ситиһиилээхтик үлэлииллэригэр баҕардылар. Баһаарынай чаас начаалынньыга С.В.Оконешников, кэлэктиип аатыттан, баһаарынай ДЕПО тэрилтэтин, Василий Васильевич Виинокуров аатын иҥэрэргэ үлэлэһиэхпит диэн биэчэр кыттыылаахтарыгар иһитиннэрдэ.
Мария Созонова, Василий Васильевич балта: «Кинигэбитин бэйэбит дьиэ кэргэммит күүһүнэн үбүлээн таһаардыбыт. Кыыһым Настя бу иккис кинигэтэ, бастакы кинигэтин эбэтэ, ийэбит М.С. Явловская 90 сааһыгар анаан «Эбээм олоҕо үтүө холобур» диэн сүрэхтээн таһаарбыта. Кинигэ 4-с чааһыгар убайым бэйэтэ түмпүт матырыйааллара киирдилэр. Кинигэ аатын, эрэдээксийэлээн, тылбаастаан оҥорбут Иннокентий Оконешников дьон санаатын түмэн, убайбын, Юрий Гагарин уобараһыгар майгылатан маннык ааттаата. Кинигэ таһыгар, уопсай сүбэнэнэн, таптаан өрөгөйдөөн оонньообут бильярдын күрэҕэр чөмпүйүөннээн турар хаартыскатын ииллибит. Кинигэ убайбыт биир сылыгар уурбут-туппут курдук кэмигэр оҥоһуллан таҕыста, убайым баҕа санаата туолла диэн испитигэр үөрэбит. 100 устуука тутатына атыыга тарҕаммыта. Кинигэни манна улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ уонна Дьокуускай куорат национальнай бибилэтиэкэтигэр ааҕыаххытын сөп. Ахтыыларын ыыппыт дьоҥҥо,Иннокентий Алексеевичка барҕа махтал тылларын тиэрдэбит».
Ааптар: Саргылана Кокорина