Олунньу 28 күнүгэр үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин олунньутааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар «Төрүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус, улуустааҕы түһүмэҕэ ыытылынна.
Улуус устуоруйатыгар киирбит куонкурус, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа, Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын кэлэктиибэ көҕүлээн тэрийиилэринэн ыытылынна.
Куонкуруска кыттыыны ыллылар: Налимскай орто оскуолатын учуутала Василиса Васильевна Еремеева; Г.Г.Софронов аатынан агро хайысхалаах Өлөөкө Күөллээҕи орто оскуола эдэр кэскиллээх учуутала Ньургуйаана Семеновна Кривошапкина; А.Н.Явловскай аатынан Сылгы Ыытардааҕы орто оскуола учуутала Анна Николаевна Оконешникова; Г.Г.Колесов аатынан Сыбаатайдааҕы орто оскуола учуутала Марианна Васильевна Колесова.
Дьүүллүүр сүбэ экспертэринэн, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга А.П.Петрова, Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Е.Д.Ефимова, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Л.Н.Нифонтова, «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтин сүрүннүүр эрэдээктэрэ С.С.Кокорина, шеф-эрэдээктэрэ О.П. Слепцова үлэлээтилэр.
Бырагыраама быһыытынан куонкурус кыттыылаахтара, дьүүллүүр сүбэ иннигэр аһаҕас уруогу көрдөрдүлэр.
Уруоктарга сахалыы тыллаах 6«А», 7«А» кылаас үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Кыттааччылар бэйэлэрин үлэлэрин 35 мүнүүтэ иһигэр көмүскээтилэр.
Ол курдук Василиса Васильевна «Ахсаан аат-саҥа чааһа» тиэмэнэн үлэлээтэ, Ньургуйаана Семеновна А.Д.Неустроева «Тиргэһиттэр» кэпсээнин үөрэнээччилэргэ билиһиннэрдэ, ырыттарда, Анна Николаевна «Ахсаан аат норуот тылынан уус-уран айымньытыгар көстүүтэ» диэн тиэмэҕэ олоҕурда, Марианна Васильевна «Эргэрбит тыллары билиһиннэрии, сөпкө туттуу» төрүт, умнууга хаалбыт (эргэрбит) тыллары сөргүтүү иһин үлэлээтэ.
Маастар кылаас түһүмэҕэр учууталлар иитии-үөрэтии аныгылыы албастарын, сатабылларын көрдөрдүлэр.
В.В.Еремеева «Буктрейлер» оҥоруу, аныгы үйэ оҕотун, кинигэни ааҕарга көҕүлүүр ньымалартан биирдэстэрэ буоларын билиһиннэрдэ.
Н.С.Кривошапкина уруһуй көмөтүнэн, оҕо аахпыт уонна истибит айымньытын ис хоһоонун өйдүүр, ырытар, тылын саппааһа сайдар, уруһуйдуур дьоҕура арыллар диэн бигэргэттэ.
А.Н.Оконешникова «Доруобуйабыт бэйэбит илиибитигэр» диэн тиэмэнэн, эбии үөрэхтээһин куруһуоктарыгар, сылгы сиэлинэн, кылынан доруобуйаҕа туһалаах матырыйааллары туттан үөрэтэрин көрдөрдө.
М.В.Колесова «Литературнай дьоруой уобараһын арыйыы биир ньымата» дьарыгар, оҕо айымньыны истэн, уобарастарын туойунан оҥорон, өйдүүр, толкуйдуур, анааран көрөр дьоҕура, илиитин имэ, тыла-өһө сайдар диэн кэпсээтэ.
Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара куонкурус сүрүн икки түһүмэҕин ситиһиилээхтик аһардылар. Куонкурус түмүгүнэн III-с истиэпэннээх дьупулуомунан Ньургуйаана Семеновна Кривошапкина, II-с истиэпэннээх дьупулуомунан Василиса Васильевна Еремеева, I-кы истиэпэнинэн Анна Николаевна Оконешникова наҕараадаланнылар.
Муҥутуур кыайыылааҕынан Г.Г.Колесов аатынан Сыбаатайдааҕы орто оскуола учуутала Марианна Васильевна Колесова ааттанна.
Эксперт бэрэссэдээтэлэ Александра Павловна Петрова куонкурус кыттыылаахтарыгар сахабыт тыла, төрүт култуурабыт, литэрэтиирэбит сайдарыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэрин иһин махтанна, билиҥҥи цифровой үйэ балысханнык сайдан турар кэмигэр, тыл сүппэтигэр учуутал үлэтэ дириҥ суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Тэрээһин барылын туһунан, Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, РФ иитиигэ уонна үөрэтиигэ Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, 2023 сыллаахха Арассыыйатааҕы «Лучший учитель родного языка и литературы» куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин Лауреата Евдокия Даниловна Ефимова бу курдук кэпсиир: «Биһиги улууспутугар төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ учууталларын куонкуруһа аан бастакытын ыытылынна. 5-һис кыттааччыбыт В.А.Роббек аатынан Березовка национальнай орто оскуолатыттан Евгения Ильинична Заманова тырааныспар көстүбэккэ кэлибинэ хаалла. Учууталлар уопуттаах уонна үлэлэригэр бэриниилээх дьон буолан, кылгас бириэмэ иһигэр бэркэ бэлэмнэнэн, тэринэн кэлбиттэр. ФГОС ирдэбиллэригэр эппиэттиир уруоктары көрдүбүт, бары аныгылыы технологияны толорду баһылыыллара көстөр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар куонкурус 6 түһүмэхтээх, онтон бу икки сүрүн түһүмэҕинэн учууталлар кытыннылар. Кыттааччылар, төрөөбүт түөлбэбит күннээҕи олоҕуттан туһаналларын, төрүт тыллары, олохтоох ааптардар айымньыларын тутталларын сэргээтим. Куонкурус чэрчитинэн тыл сайдыытын тула элбэҕи сэһэргэстибит, кыһалҕа тула ырытыстыбыт, уопут атастастыбыт. Тылбыт баарын тухары омукпут баар, онон учууталларга тылбытын-өспүтүн харыстыыр, арчылыыр дьоҥҥо ситиһиилэри баҕарабын. Куонкурус кыайыылааҕа, салҕыы кулун тутар 13-16 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска баран улууһун чиэһин көмүскүөҕэ».
Ааптар: Саргылана Кокорина