Төрөппүттэрбит оскуолатааҕы сыллара

Нэдиэлэ устата бары кылаастар «Төрөппүттэрбит оскуолатааҕы сыллара» диэн хаартыска истиэндэтин оҥорон таһааран ыйаатылар. Манна оҕолор эһэлэрин, эбэлэрин, ийэлэрин, аҕаларын кэрэ кэмнэрин кэрэһэлиир хаартыскалар барыбытын долгуттулар.

Маны сэргэ оҕолор бэйэлэрэ  оҥорбут муусука үнүстүрүмүөннэринэн быыстапка тэрилиннэ. Манна араас омук үнүстүрүмүөннэрин үтүктэн, сорохторун бэйэлэрэ толкуйдаан оҕолорбут тутан-хабан, уһанан, тигэн мындыр толкуйдарын олус биһирээтибит. Хас биирдиилэрин тыаһатан көрөн астынныбыт.

Нэдиэлэни түмүктүүр «Былыргылыы үҥкүү» диэн үҥкүү дьоро киэһэтэ буолла. Манна кылаас аайыттан биирдии ааспыт кэм үҥкүүлэрин толордулар. Көрөөччүлэр бэркэ диэн биһирээн, ыстанан туран тэҥҥэ үҥкүүлэһэ сыстыбыт. Кылгас кэм иһигэр таҥас тиктэ охсон, үҥкүү үөрэтэн көрөөччү иннигэр толорор судургу дьыала буолбатах. Ол курдук, хас биирдии сүһүөххэ лауреаттар, миэстэлээхтэр ааттанан, добун суруктарынан, минньигэс бэлэхтэринэн наҕараадаланан нэдиэлэбит түмүктэннэ.

Бу нэдиэлэбит биллибэккэ, бэрт көхтөөхтүк ааспытыгар учууталларбытыгар А.Н.Семеноваҕа уонна А.С.Татариноваҕа махтанабыт.

Ааптар: И. Ноговицына, Өлөөкө-Күөл бөһ.

Читайте дальше