От ыйын 20 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна наукатын миниистирэ Ирина Павловна Любимова үлэлээтэ. Үлэтин сырыытынан, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуола хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын көрдө-иһиттэ. Үлэ барылын оскуола дириэктэрэ Колымана Слепцова, өрөмүөнү ыытар бэдэрээччит «КЕН и компаньон» салайааччыта Егор Константинов, бэрэстэбиитэл Руслан Гаврильев билиһиннэрдилэр. Суолталаах көрсүһүүгэ улуус баһылыга Иван Лаптев, баһылыгы социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Александра Явловская, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Любовь Оконешникова кытыннылар.
Өрөспүүбүлүкэ миниистирэ үөрэх эбийиэктэрин миэстэтигэр көрүүтэ-истиитэ, салайааччылары кытта билсиитэ, улууска үөрэхтээһин сайдарыгар, боппуруостары быһаарыыга, баар кыһалҕалары туоратыыга үтүө тирэх, төһүү күүс буолуо диэн сыаналыыбыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна наукатын миниистирэ Ирина Павловна Любимова:
«Орто Халыма улууһугар бу сыл икки үөрэх тэрилтэтигэр, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа уонна Өлөөкө Күөллээҕи агрохайысхалаах үөрэх кыһатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Федеральнай таһымнаах бырайыак бырагырааматынан олоххо киирбит үлэ, үрдүк таһымнаахтык, тэтимнээхтик ыытыллар диэн бэлиэтээтим. Күн бүгүн үлэ былаана 76% туолбут. Онон үлэ түмүктүүр түһүмэҕэр үктэммит. Өрөмүөнү ыытар бэдэрээччит үлэ торумнаммыт болдьоҕор туттарыллыа диэн иһитиннэрбитинэн, үөрэнээччилэрбит саҥа үөрэх сылыгар, саҥардыллыбыт, тупсаҕай, сырдык ыраас оскуолаҕа үктэниэхтэрэ диэн эрэнэбит».
Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуола дириэктэрэ Колымана Александровна Слепцова:
«Үлэлиир дьоҥҥо бары усулуобуйа тэриллэн, үлэ күүстээхтик ыытыллар, болдьоҕор эппиэттиир. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна наукатын миниистирэ Ирина Павловна кэлэн үлэ барылын сыаналаан, оскуолабыт үлэтин хайысхатын билсэн-көрөн барда. Чуолаан, успуорт сааланы, остолобуойу, ититэр ситим тардыллыытын, антитеррор өттүнэн сэрэхтээх буолууга болҕомтотун уурда. Өрөмүөнү толорор бэдэрээччит уонна үлэһит дьон үксүлэрэ олохтоох дьон буолалларын сэргээтэ. Маны сэргэ успуорт саала муостата, манна үүнэр тиит маһынан оҥоһуллубутун сэҥээрдэ. Бэдэрээччиккэ үөрэх сылын саҕаланыыта эбийиэк бэлэм буоларыгар туһаайда».
Ааптар: Саргылана Кокорина