Үүнүү-сайдыы нэһилиэнньэттэн тутулуктаах

Олунньу 9 күнүгэр улуус Аҕа баһылыга И.В.Лаптев олохтоох дьаһалта баһылыктарын түмэн мунньах ыытта. Уочараттаах мунньахха нэһилиэк бары дьаһалтата кыттыыны ылла.

Ыспыраапка: Улууска уопсайа 6745 киһи олорор, бу ахсаантан 3131 Орто Халыма куоратын олохтооҕо. 1129 оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, 479 оҕо уһуйааҥҥа иитиллэр.

Иван Васильевич мунньаҕы ааспыт сылтан улуус сайдыытыгар бэлиэтээһиннэринэн саҕалаата. Олох-дьаһах билиҥҥи туругун билиһиннэрдэ, үүммүт сыл суолталаах соруктарын иһитиннэрдэ.

Мантан даҕатан эттэххэ, улуус бүддьүөтэ, улуус дьаһалтатын каадырынан хааччыллыыта, демография көрдөрүүтүттэн тутулуктааҕын тоһоҕолоон эттэ, үлэнэн хааччыллыы, чөл олоҕу тутуһуу, үүнүү-сайдыы, быһаччы нэһилиэнньэттэн тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.

Мунньах кыттыылаахтара нэһилиэк баһылыктарыгар сорунан кэлбит иһитиннэриилэрин оҥордулар, араас боппуруос тула дьүүллэстилэр. Борокуруор А.А.Холмогоров сокуоҥҥа уларыйыылар киирбиттэрин кэпсээтэ, устаабы тутуһан, сокуон-бэрээдэк ирдэбилэ булгуччу кэмигэр толоруллуохтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.

Баһылык бастакы солбуйааччыта П.И.Антипин саас ууттан, баһаартан сэрэхтээх буолуу өттүгэр күүстээх үлэ, хонтуруол ыыталларыгар туһаайда. Байды нэһилиэгин баһылыга А.Д.Бубякин нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын туһунан билиһиннэрдэ, ааспыт сыл икки социальнай суолталаах эбийиэк олоххо киирбитин кэпсээтэ, көмөлөспүт тустаах салайааччыларга махтанна.

Хатыҥнаах баһылыга И.С.Белоногов нэһилиэк гиэрбэтэ (собо, хатыҥ, куба ойуулаах) бигэргэммитин туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ. Быйыл Хатыҥнаахха Николай Сибиряков аатынан ыччакка патриотическай күрэх уонна бэтэрээннэр улуустааҕы Спартакиадалара ыытылларын кэпсээтэ.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу, сэрэтэр үлэ, дьаһалтаттан ирдэнэр дьаһаллар тустарынан, баһаартан сэрэхтээх буолуу уонна сэрэтэр үлэ отдел начаалынньыга С.В.Оконешников иһитиннэрдэ. Хас биирдии дьон олорор дьиэтигэр баһаары сэрэтэр прибор (АДПИ) баар буолуохтааҕын сорудахтаата. Саҥа тутуллар эбэтэр үлэҕэ киирэр эбийиэк эрдэ биллэһиллиэхтээҕин туһунан бэлиэтээтэ. Баһаар утары үлэлиир дружиналар хамсааһыннарын туһунан сырдатта. Өртөөһүн сокуонунан көҥүллэммэт диэн иһитиннэрдэ.

«Саханефтегазбыт» АУо начаалынньыга В.И.Третьяков сыллааҕы былаан, уматык нуорматын, тэрилтэ үлэлиир эрэсиимин, тиэйии-таһыы туһунан билиһиннэрдэ. Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччыта В.А.Третьяков булт-алт болдьоҕор уларыйыыларга, айылҕаны ыраастыыр субуотунньуктарга, убаҕас, кытаанах бөх хараллар сиригэр-уотугар туһуланар быраабылаларга тохтоото.

Балыксыттар илимнэрин тустаах уорганнарга булгуччу бэлиэтиэхтээхтэрин тоһоҕолоото. «Якутоптторг» АУо салайааччыта Т.Н.Тайшина тэрилтэ салалтатыгар уларыйыылар киирбиттэрин иһитиннэрдэ. Баһылыктары кыһыҥҥы суол баарына ас-үөл саппааһын учуоттуулларыгар ыҥырда. Улууска байыаннай учуоту хонтуруоллуур ааҕыныстыба салайааччыта Л.П.Шадрина улууспутуттан хас гражданин анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьарын иһитиннэрдэ. Улуус баайын-дуолун, сирин-уотун ааҕыныстыбатын салайааччыта И.Ю.Григорьев тутууга, хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыытыгар, эбийиэги, сири-уоту оҥорор докумуоннарга олоҕурда.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга А.П.Петрова үөрэх таһымын сырдатта.

Сүрүн кыһалҕанан каадырынан хааччыллыы атахтыырын быһаарда. Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр, ыччат дойдутугар бэриниилээх, туһалаах дьон буола тахсарын ситиһэргэ туһаайда. Маны сэргэ баһылыктарга, оҕо дьарыктаах буолуутугар, сайыҥҥы лааҕыр үлэтигэр, эбии үөрэхтээһиҥҥэ, оҕо доруобай аһылыгар, үөрэх тэрилтэтэ сэрэхтээх буолуу ирдэбилигэр толорду эппиэттииригэр, дьаһалта өттүттэн күүстээх хонтуруолу олохтуулларыгар ыҥырда.

Эдэр ыччат салаатын исписэлииһэ Н.А.Мишина нэһилиэккэ ыччат үлэтин, хамсааһынын, буолар тэрээһиннэр тустарынан иһитиннэриини кэмигэр ыыталларыгар ыҥырда. Улуус дьаһалтатын хонтуруоллуур-анаарар отделын начаалынньыга М.Н.Винокурова нэһилиэккэ олох-дьаһах хаачыстыбатын, нэһилиэгинэн үлэ толоруллуутун анаалыстаабыт түмүктэрин, суол-иис, ОДьКХ, тыа хаһаайыстыбата, үөрэхтээһин, арыгыны утары үлэ, чөл олоҕу тутуһуу, үлэнэн дьарыктаах буолуу, уопсастыбаннай хамсааһын уо.д.а. хайысхаларынан нэһилиэктэр таһымнарын иһитиннэрдэ, инникитин намыһах көрдөрүүлээх хайысхаларга күүстээх үлэ ыыталларыгар туһаайда.

Маны сэргэ нэһилиэктэр улахан масштаабтаах тэрээһиннэргэ, 2029 сыллаахха ыыталлара былааннаммыт «Олоҥхо ыһыаҕын» бэлэмнэниитигэр, Дьахталлар сойуустарын пуорумугар, «Халыма Хотун» куонкуруска, уо.д.а., көхтөөхтүк кытталларыгар, «Халымалыы иитии тускула» бырайыагы үлэлэрин былааныгар киллэрэллэригэр ыҥырда.
Улуус баһылыга нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа, чөл олоҕу тутуһуута, демография тупсуута, олохтоох дьаһалта салалтатыттан, туруорар соругуттан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ. Кулун тутар 15-17 күннэригэр Дойду бэрэсэдьиэнин Быыбарыгар көхтөөхтүк кыттан, үрдүк көрдөрүүнү ылыахпыт диэн эрэнэрин биллэрдэ.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Хаартыска: Улуус Аҕа баһылыгын мунньаҕа / Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше