Ыам ыйын 13 күнүгэр, Орто Халыма улууһун аҕа баһылыга Иван Лаптев нэдиэлэтээҕи Планеркалыыр мунньаҕын ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын тэрийэр сыаллаах салайан ыытта.
Хамыыһыйа торумнаммыт пэбиэскэтинэн, тэрилтэ салайааччылара халаан уутуттан уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга бэлэмнэнии бүгүҥҥү туругун хаамыытын иһитиннэрдилэр.
Орто Халыматааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт салайааччыта Алексей Тарасов, балаһыанньа хонтуруолга турарын, өрүс мууһа харыан сөптөөх сирдэригэр сүрүн болҕомто уурулларын, муус кээмэйэ сир сиринэн араастаах диэн, бу күн 8 туонна мууһу дэлби тэбэн эһэр тээбирин аҕалыллыбытын туһунан дакылааттаата.
Баһаартан сэрэхтээх буолууга сэрэтэр үлэни ыытар отдел начаалынньыга Станислав Оконешников тэрилтэ бары салайааччыларыгар, баһаартан сэрэхтээх буолууга сэрэтэр, мэктиэлиир үлэни күүстээхтик ыытарга туһаайда. Ол курдук оттонор ходуһалары өртөөһүн, айылҕаҕа кутаа уоту туһаныы РФ сокуонунан бобуллан турарын тоһоҕолоон эттэ. Өртөөһүн төрүөтүттэн уонна айылҕаҕа харыстабыла суох сыһыантан улахан ойуур баһаардара өрөспүүбүлүкэ үс оройуонугар баһаары умуруорууга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ биллэһиллэн турарын туһунан иһитиннэрдэ.
Улуус баһылыга бары мэктиэлээһиннэргэ сөбүлэһэн туран нэһилиэнньэҕэ сэрэтэр үлэни ыытарга, соҕотох олорор дьоҥҥо болҕомто уурарга, ыраас иһэр ууну хаһаанарга, бэрээдэги көрөр хонтуруоллуур уорганнары дьуһуурустуба үлэтин күүстээхтик ыытарга, халаан уута олоҕу-дьаһаҕы уустугурдуон сөптөөх территорияларыгар, Орто Халыма куоратыгар, Алаһыай, Березовка, Байды, Иккис Мээтис нэһилиэктэригэр бэлэмнэнии үлэтин күүһүрдэргэ, ханнык да балаһыанньаҕа быстах кэмҥэ дьону көһөрөр (ПВР) эбийиэктэр, сүөһүнү үрдүк сиргэ көһөрүү былаана бэлэм турарыгар ыҥырда. Тустаах уорганнарга ыам ыйын 15 күнүттэн улууска баһаартан, халаан уутуттан сэрэхтээх буолуу эрэһиимин биллэрэргэ туһаайда.
Ааптар: Саргылана Кокорина


