Улуус баһылыга сыллааҕы отчуотун тохсунньу 23 күнүттэн ыытар. Бу күҥҥэ 4 бөһүөлэк нэһилиэнньэтин кытта сирэй көрсөн сэһэргэстэ. Дьон-сэргэ мунньахха көхтөөхтүк кыттар, долгуйар кыһалҕатын этинэр, суолталаах боппуруоһун туруорар. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ ыытыллыбыт мунньах туһунан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ суруйан күүс-көмө буолаллар.
Байды нэһилиэгэ
Тохсунньу 29 күнүгэр улуус баһылыга И.В.Лаптев Байды нэһилиэнньэтин кытта көрүстэ. Кинини кытта тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Д.Н.Винокуров, нэһилиэнньэ уонна үлэ социальнай көмүскэлин холбоһук киинин салайааччыта Л.А.Оконешникова, Орто Халыматааҕы кииннэммит балыыһа бырааһын солбуйааччы Т.М.Березкина, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга А.П.Петрова, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киин салайааччыта Г.Е.Михайлова кытыннылар.
Байдылар тыа хаһаайыстыбатын уонна «Халымалыы иитии тускула» иитии-үөрэтии боппуруоһугар тоһоҕолоон тохтоотулар. Улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туох көмө көрүллэрий диэн ыйытыкка аҕа баһылык уонна управление начаалынньыга, судаарыстыба улуус да өттүттэн, урукку сыллардааҕар, элбэх көмө көрүллэр, Ил Дархан улууспутугар үлэтин сырыытынан кэлэ сылдьан, тыа хаһаайыстыбатын тула мунньах ыыппыта, ынах сүөһүгэ субсидия харчыта Аартыка улуустарыгар 45 тыһ. диэри үрдээтэ, иккиттэн элбэх сылгылаах дьоҥҥо сүөһү төбөтүгэр 5 тыһ көрүллэр буолла, хаһаайыстыбалаах дьон тиэхиньикэ атыыласпыт ороскуотугар көмө оҥоһуллар, эбии аһылык Дьокуускай сыанатынан атыыга кэлэр, үүт бородууксуйатын оҥорор кэпэрэтииптэргэ улуустан 1 киилэҕэ 20солк. төлөнөр, улуус өйөбүлүнэн Дьокуускайтан куурусса, сибиинньэ ситтэбит диэн эппиэттээтилэр. Налимскай, куоракка чугас турар нэһилиэк быһыытынан, куораты үрүҥ аһынан хааччыйарыгар дьиҥэ, бары кыах баар диэн бэлиэтээтилэр, ол курдук кыһыннары-сайыннары суол-иис, ынах сүөһү тутуллар пиэрмэтэ баар, нэһилиэнньэни бэйэ-бэйэҕэ көмөлөөх, ынах сүөһүнү тутар Мария Шадрина хаһаайыстыбатыгар күүс-көмө буолалларыгар ыҥырда. Оттон үөрэхтээһин тула кэпсэтиигэ баһылык, улууска үөрэхтээһиҥҥэ күүстээх үлэ ыытар, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр, каадырынан хааччыллыыны өрө тардар сыалтан улууска үөрэхтээһин сыла биллэһиллибитин иһитиннэрдэ.
«Халымалыы иитии тускула» бырагыраамаҕа тирэҕирэн, үөрэх эйгэтин көмөтүнэн, төрөппүттэр көҕүлээһиннэринэн үөрэнээччилэр дойдуларыгар бэриниилээх туһа дьоно буолалларын, төрөөбүт улуустарыгар үлэлии кэлэллэрин, олохторугар сөптөөх суолу тобулалларын ситиһиэхтээхпит диэн этилиннэ. Бу тиэмэ тула учууталлар мунньахтарыгар сиһилии үлэ ыытыллыа диэн былааннанна. Маны сэргэ олохтоох дьаһалта баһылыга, оскуолаҕа агро хайысхатын киллэрэн, оҕо оҕуруот аһын үүннэрэн, куурусса, сибиинньэ, уод.а. дьиэ кыылын ииттэн, оттоон-отонноон, үлэнэн иитиллэн, барыыс эргинэри кытта толкуйдуур кыахтанарыгар толук уурар былаан баарын кэпсээтэ. Александра Павловна, быраас амбулаторията саҥа эбийиэктээҕинэн, быраас идэлээх үлэһит тиийбэтинэн, медицина өттүгэр профориентационнай хайысхаҕа күүстээх үлэ ыыталларыгар сүбэлээтэ.
Мунньах түмүгэр, улуус баһылыга социальнай эйгэ үлэһитигэр Гаврил Константинович Созоновка уонна ынах сүөһү иитиллэр пиэрмэ салайааччытыгар Мария Гаврильевна Шадринаҕа Бочуоттаах кырааматалары туттарда. Байдылар улуус баһылыгын отчуотун сэргэхтик ыытыллыбытынан сыаналаатылар.
Акулина Сибирякова, Хатыҥнаах:
Биһиги нэһилиэкпитигэр аҕа баһылыгы кытта улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Д.Н.Винокуров, нэһилиэнньэ уонна үлэ социальнай көмүскэлин холбоһук киинин салайааччыта Л.А.Оконешникова, Орто Халыматааҕы кииннэммит балыыһа бырааһын экэнэмиичэскэй салааҕа солбуйааччы Л.М.Кулагина, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы П.Дь.Васильев, ОДьКХ Орто Халыматааҕы филиалын дириэктэрэ А.В.Третьяков отчуоттаатылар. Мунньах кыттыылаахтарын кытта икки аҥаар чаас устата атах тэпсэн олорон, сэргэх кэпсэтиилэр буоллулар. Улуус баһылыга 2024с олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн, улуустан успуорт саала өрөмүөннэниэҕэ диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.
Араас таһымнаах ыйытыылар, этиниилэр киирдилэр.Ол курдук олохтоох балыыһа эбийиэгэ хаарбах туруктааҕынан, саҥа тутуу ирдэнэрэ, улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго тиис бырааһа, олохтоох ОДьКХ-тыгар тиэхиньикэ ирдэнэрэ, сайыҥҥы кэмҥэ эмп-томп аҕалтарыы биир уустук кыһалҕа буолара этилиннэ, бу сылга сайаапканан куурусса, сүөһү эбии аһылыга толорду аҕалыллыаҕа, орто оскуола үлэһиттэрин күүһүнэн гараас тутулуннаҕына, ититии ситимин төлөбүрүгэр көмө көрүллүө дуо? — диэн боппуруостар киирдилэр. Маны сэргэ сэтинньи ыйга быраастар мобильнай биригээдэлэринэн сорох оҕо доруобуйатын көрдөрбөккө хаалбытын, аныгы сырыыларыгар нэһилиэк оҕолорун толорду хабан көрөллөрүгэр баҕа санааларын эттилэр.
Ыйытыыларга эппиэттэр уонна ырытыылар түмүктэринэн, олунньуга күүтүллэр СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар, ОДЬКХ тэрилтэтигэр тиэхиньикэ көрүллүүтүн уонна балыыһа тутуутун туруорсарга диэн этии киирдэ.
Мунньах бүтүүтэ, Үлэ сыла түмүктэммитинэн, Иван Васильевич олохтоох ДЭС массыныыһыгар Павел Викторович Третьяковка, Хатыҥнаах орто оскуолатын техническай үлэһитигэр Егор Михайлович Сибиряковка Бочуоттаах кырааматалары туттарда.
Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска: Улуус баһылыга Байды нэһилиэнньэтин кытта көрсөр / Ааптар: Саргылана Кокорина