Бу сыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла биллэһиллэн турар. Үлэ элбэххэ үөрэтэр, уһуйар. Биһиги көлүөнэ дьон кыра эрдэхпититтэн от-оттоон, мас-мастаан, уу баһан төрөппүттэрбитигэр күүс-көмө буолан улааппыппыт. Билиҥҥи кэм оҕотугар илиинэн толорор үлэ суоҕун иннигэр, үүнэригэр-сайдарыгар элбэх хайысха күн-түүн баар буолар. Оҕону үлэҕэ үөрэтии, кыыһыттан уолуттан тутулуга суох, ас астааһынтан, таҥас-иһит сууйартан, дьиэни-уоту хомуйууттан саҕаланар дии саныыбын.

Биһиги аймах-билэ дьоммут Екатерина уонна Владимир Кузьминнар үс оҕолоохтор. Оҕолоро төрөппүттэригэр олус көмөлөөх дьон. Кирилл диэн уоллара үһүс сылын Майа оройуонун спортивнай оскуолатыгар үөрэнэр. Дойдутугар сайылыы кэлэ сылдьан, биһиэхэ ыаллаан ааһар, кэлэн уу таһан, мас киллэрэн үөрдэр. Успуордун дьарыгын таһынан кини минньигэс бурдук аһын астыырын сөбүлүүр. Дьиэтигэр туорт, кекс астаан дьонун күндүлүүр. Бу сырыыга биһиэхэ туорт астаан бэлэх уунан үөртэ. Оҕобутугар үтүө санаатын, көмөтүн иһин махтанабыт, үөрэҕэр, дьарыгар ситиһиини, бу курдук дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннаах киһи буола улаатарыгар баҕарабыт. Маны сэргэ биһиэхэ саас аайы Замира Васильевна Березкина салайааччылаах «Тимуровскай үлэ» оҕолоро, Орто Халыматааҕы орто оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн уубутугар, хаарбытыгар көмөлөһөн барааччылар. Кинилэргэ эмиэ истиҥ махталбытын биллэрэбит. Бу курдук ычаппыт, эдэртэн эрчимин, кырдьаҕастан сүбэтин ылар, үтүө дьон буола улааталларыгар баҕарабыт!

Ааптар: Розалия, Егор Стручковтар, Орто Халыма куорат олохтоохторо

Читайте дальше