Бар дьонуҥ махтала кынаттыы туруохтун!

Быйыл нэһилиэкпит 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир Ыһыаҕар «Анал байыаннай чааска сулууспалыыр буойуттарбытыгар күүс-көмө буолуоҕуҥ!» диэн олохтоох салалта ыҥырыытын дьон-сэргэ биир санаанан өйөөбүтэ.

Ол курдук саллаат уолаттарбытыгар анаан, дойдуларын астарын мунньан, кэһии оҥоһуллубута. Ону тэҥэ наадалаах мал-сал атыылаһарга нэһилиэнньэ харчынан успуонсардаабыта. Маны барытын нэһилиэкпит дьаһалтатын баһылыга Алексей Николаевич Сивцев көҕүлээтэ. Кини атын улуус дьонун кытта бииргэ сылдьан, хаһыс да сырыытын уолаттарбытыгар аһы-таҥаһы миэстэтигэр тиэрдэр. Ыраах байыаннай дьайыыга кытта сылдьар оҕолорбут кинини кытта көрсүһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, ахтылҕаннаах Алаһыайдарыттан ас-үөл тутан дьоллоннулар, дойдуларын ахтылҕанын таһаардылар. Баһылыкпыт ол кэмнээҕи хаартыскалары куйаар ситим нөҥүө ыытан, сырдатан иһэриттэн астынныбыт, бэл диэтэр төрөппүттэр оҕолорбутун көрөн, долгуйар сүрэхпит арыый уоскуйбукка дылы буолла.

Оттон оҕолорбут: «Дорооболоруҥ, дойдубут дьоно-сэргэтэ! Эһиги үтүө санааҕытынан биһигиниин бииргэ буоларгытыгар махтанабыт. Алексей Николаевич бачча ыраах сиргэ кэлэн биһигиниин көрсөн-билсэн, дойдубут саамай минньигэс аһын уонна олус наадалаах туттар мал-сал аҕалан үөрүүбүт үрдэ суох. Бу барыта кыайыыга сирдиир. Махтал, убаай!» — диэн истиҥ тыллары суруйаллар. Онон маннык көрсүһүүлэри олохтообут нэһилиэкпит дьаһалтатын баһылыгар махталбыт муҥура суох. Киниэхэ бары ийэлэр ааттарыттан ис сүрэхтэн тахсар итии-истиҥ махтал тылларын аныыбын.

Күндү Алексей Николаевич! Эн оҕолорбутун көрсөн, ийэлэр санньыар санаабытын киэр кыйдаан, олохпутугар күүс-сэниэ эптиҥ. Инникитин тобуллаҕас толкуйгунан салайар үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, уҕараабат эрчими, дьиэ кэргэҥҥэр уонна тус бэйэҕэр чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабын. Бар дьон махтала, үтүө баҕа санаата эйиигин өрүү кынаттыы туруохтун!

Ааптар: Наталья Стручкова, Арҕахтаах бөһ.

Читайте дальше