Эрэдээксийэ бүгүҥҥү ыалдьыта Иккис Мээтис нэһилиэгэ. Сыбаатайдар олохторун-дьаһахтарын туһунан билиһиннэрэр, олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Николай Колесов.

Нэһилиэккэ 400 киһи олохсуйан олорор. Г.Г.Колесов аатынан орто оскуолаҕа 73 оҕо үөрэнэр, «Мичээр» оҕо уһуйаана 26 иитиллээччилээх. Киэн туттар тыыл бэтэрээннэринэн Мария Николаевна Слепцова, Мотрена Ивановна Слепцова уонна улууска соҕотох «Ликвидатор «Маяк» ытык бэлиэлээх Василий Васильевич Тырылгин буолаллар.
Улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн, Сууччун учаастагар турбут оскуола эбийиэгин матырыйаала көтүрүллэн, уопсай олоруу дьиэтэ тутуллан, бу күннэргэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бөһүөлэк дьоно 100% ититэр ситимҥэ холбонон олорор. Сайыҥҥы өттүгэр сүрүн тыраассаҕа өрөмүөн, саҥардыы үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Биир ыал саҥа дьиэҕэ киирэрэ былааннанар. Олохтоох ДЭС күрүөтэ оҥоһулунна, өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Кыһыҥҥы суол туруор диэри чоҕунан, уматыгынан хааччыллыы үчүгэй.
Социальнай хантыраак көмө үбүлээһинин 2 киһи олоҕун тупсарыыга туһанна.

Күргүөмнээх үлэ үтүө түмүктэрэ

Сэтинньи 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка биһиги нэһилиэкпититтэн төрүттээх Сахаттан бастакы бэрэпиэссэр, учуонай-северовод, судаарыстыбаннай диэйэтэл Г.Г. Колесов төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолара былааннанар.
Күһүн Китиик арыыта диэн алтан сэргэ турар былаһааккатын сирин көннөрүүгэ, дэхсилээһиҥҥэ, мас олордууга субуотунньук буолбута. 2023 сыл нэһилиэккэ — ТОС (түөлбэ) сылынан биллэһиллибитэ. «Чолбон» түөлбэ ТОС граныгар кыттан 300 тыһыынча солк.кыайан аһаҕас халлаан анныгар волейбольнай былаһаакка олоххо киирдэ.
Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар 101 киилэ тоҥ ас бэлэмнэниллэн ыытыллыбыта. Анал дьаарбаҥканан 97 500 солк. хомуллан көмө пуондаҕа туттарыллыбыта. Бу күннэргэ муус ылыыга субуотунньук буолуоҕа.
Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылын чэрчитинэн «Доруобай нэһилиэк» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыакка олоҕуран, араас хабааннаах сиэксийэлэр үлэлииллэр.
Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн, Константин Федосеев салайааччылаах биригээдэ ыһыах былаһааккатыгар тупсарыы үлэтин түмүктээтэ. Кэлэр сылга бу бырагыраама чэрчитинэн, дьон сынньанар искибиэрин тутууга тустаах үлэ ыытыллар.
Доруобуйа харыстабыла Бу сыл быраастар мобильнай биригээдэлэрэ «Д» учуокка турар дьарҕа ыарыылаахтарга сүбэ-ама биэрэн, эмп-томп анаан бардылар. Балыыһа эбийиэгэ эргэ, бу сыл туох да өрөмүөн ыытыллыбата, кэлэр сыл бу боппуруос быһаарыллан, өрөмүөн, тупсарыы үлэтэ ыытыллыа диэн эрэнэбит. Биир тыын боппуруоһунан быраас суоҕа буолар, билигин быстах кэмҥэ кэлбит биэлсэр үлэлиир.

Тыа хаһаайыстыбата

Бүгүҥҥү күн туругунан ынах сүөһү ахсаана – 116 төбөҕө (54 ыанар ынах) тэҥнэһэр. Сылгы — 277 (тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа — 98, кэтэх хаһаайыстыбаҕа — 179), мантан 103 биэ буолар. 60 куурусса, 4 сибиинньэ, 40 куруолук иитиллэр.
Бу саас Дьокуускайтан 13 сибиинньэ, 62 куурусса аҕалыллыбыта. Быйыл 395 туонна от ылыллан, былаан 94% тэҥнэстэ. Үүт 15,2 туонна былаантан, 13,5 туонната ситилиннэ. Сылгы тутар хаһаайыстыбалар анал хааччах күрүө-хаһаа туттан, субуотунньугунан өрөмүөннээтилэр.

Үөрэхтээһин

Бу үөрэх дьылыгар 3 эдэр исписэлиис үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи кэмҥэ нуучча тылын, биология уонна химия учууталларыгар аһаҕас бакаансыйа турар. Оҕолор оҕо уhуйаанын 2 кэбиниэтигэр үөрэнэр буоланнар, үөрэхтээһин 2 симиэнэнэн ыытыллар. Онон сүрүн тыын боппуруоһунан саҥа оскуола тутуллуута буолар.
Сайын 3 тэпилииссэ үлэлээн, хаппыыста, оҕурсуу, помидор, кабачок үүнэрэн, үөрэнээччилэр иҥэмтиэлээх аһынан аһылыктаналлар уонна сир аһа нэhилиэнньэҕэ атыыланан, 43000 солк. оскуолаҕа эбии үп киирдэ. 1-га иэннээх сиргэ, хортуоска олордуллан, үөрэнээччилэр аны сааска диэри хортуосканан хааччылыннылар.
Быйылгы ыҥырыа мүөтэ оҕолор аhылыктарыгар туһаныллар.
«Образование» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Точка роста» естественнай-техническай хайысхалаах үөрэх араас тээбиринэ кэлэн таҥыллан турда.
«Мичээр» оҕо уһуйаанын эбийиэгэр бэйэ күүһүнэн, кырыыһатыгар ититии уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэлэрэ оҥоһулуннулар.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше