Суол арыллыыта — дьыл туруутуттан тутулуктаах

Сотору кэминэн кыһыҥҥы суол арыллан, кэлии-барыы, тиэнии-ситтии, улуус сайдыыта күөстүү оргуйуоҕа. Били эппиккэ диэри, хамсааһын саҕаланыаҕа, улуус олоҕо уһуктуоҕа. Кыһыҥҥы суол арыллыыта, ыраах сытар, куталаах, күөллэрдээх сирдээх-уоттаах Аартыка улуустарыгар дьыл-хонук туруутуттан тутулуктааҕын бары өйдүүбүт.

Кыһыҥҥы суол улууспут бөһүөлэктэригэр хаһан арыллыаҕай, туох-ханнык былааннаах үлэлэр күүтэллэрий? Бу туһунан эрэдээксийэҕэ кэпсиир, СӨ «Аартыка суоллара» Орто Халыматааҕы учаастагын начаалынньыга Илья Моттуев.

Үлэһитинэн, тиэхиньикэнэн хааччыллыы — үлэ сүрүн тирэҕэ

Күн бүгүн тэрилтэ 30 үлэһиттээх (тырахтарыыс, суоппар, суол үлэһитэ, маастар, силиэсэр, ыскылаат сэбиэдиссэйэ, хачыгаар, сыбааркаһыт). Биир тырахтарыыс дуоһунаһыгар аһаҕас бакаансыйа баар. Кэлэктиипкэ эдэр ыччат баар, уопуттаах настаабынньыктар тирэх-үөрэх буолаллар.Үлэһиттэри кыһыҥҥы, сайыҥҥы таҥаһынан, сезоннай атах таҥаһыттан саҕалаан, бейсболкатыгар-футболкатыгар тиийэ хааччыйабыт. Тырахтарыыстарга бэриллэр таҥас болдьоҕо кылгас. Маны сэргэ уолаттарбытын үөрэттэрэбит. Холобур, баҕалаах киһи, суол үлэһитинэн киирэн баран, араас тиэхиньикэни салайар категорияҕа үөрэниэн сөп. Кэлэр-барар бырайыастара, үөрэхтэрэ төлөнөр. Бүгүҥҥү туругунан, сэттэ киһи үөрэннэ. Сылын аайы саҥа тиэхиньикэнэн хааччыллабыт. Ааспыт сылга гириэйдэр уонна «Камаз» самосвал аҕалыллыбыта. Быйыл кыһыҥҥы суолунан түөрт тиэхиньикэ («Кировец» тыраахтар, чэпчэки ыйааһыннаах вахтовка-массыына, 8 миэстэлээх УАЗ, экскаватор) кэлэрин күүтэбит. Билигин 90% тиэхиньикэ бэлэм турар, сорох тиэхиньикэбитигэр сапчаас күүтэбит.

Былаан быһыытынан ахсынньы ыйыгар диэри суол туругун, күөллэр муустарын мээрэйдиир үлэ түмүктэниэхтээх, ол эрээри…

Дьыл туруутуттан тутулуктаах. Былаан быһыытынан, сэтинньи 7 күнүттэн Ойуһардаахха диэри, суол туругун көрөр-истэр, күөл муустарын мээрэйдиир үлэбитин саҕалаабыппыт. Көрөрбүт курдук быйыл дьыл тымныйа, халыҥ хаарын эрдэ түһэрбит буолан, күөллэр тааҥныы сыталлар, муус халыҥа кырата 20 эрэ см. көрдөрөр. Бу табыгаһа суох көрдөрүү. Тиэхиньикэ тахсарыгар муус 40 см. куоһарыахтаах. Онон суолу арыйар тиэхиньикэ барыан иннинэ, көрүү үлэтин өссө биирдэ оҥоруохтаахпыт. Бүгүн тустаах үлэ Үөһээ Халыма кыраныыссатыгар тиийэр суолга (сиринэн) оҥоһуллар, итиэннэ Хатыҥнаах суола көрүллүөҕэ. Кэллэхтэринэ Алаһыай суолугар (Сыбаатай-Эбээх-Өлөөкө Күөл) үлэ ыытыллыаҕа. Билиҥҥи туругунан хойутуур кутталлаахпыт. Көрүүнү ааһан, бигэргэппит суолларга, бастаан чэпчэки ыйааһыннаах Беларусь тиэхиньикэлэр суолу оҥоруохтара.

Улуус тохсус нэһилиэгин суола эппиэккэ ылылынна

Тэрилтэбит сүрүн салалтата ааспыт сылга диэри Абый улууһугар үлэлээбит эбит буоллаҕына, быйылгыттан Дьокуускай куоракка кэлэн, үлэлиирэ табыгастаах буолла. Онон быйыл 10 улууһу хааччыйар «Аартыка суоллара» тэрилтэ салайааччыларыгар бастакы сэминээрбит буолбута. Онно кыттан, атын учаастактары кытта билсэн-көрсөн кэллим. Ол курдук айаммыт кыраапыгын, суол-иис министиэристибэтэ бигэргэтэр. Сүрүн уларыйыыбытынан, быйыл Березовка суола биһиэхэ бэрилиннэ. Бу иннинэ, Березовка суола, улуус дьаһалыгар, үбүлээһинигэр турар этэ. Бырабыыталыстыба мунньахтарыгар нэһилиэк дьоно «кольцевой», эргиччи суолу туруорсаллар этэ. Бу үлэ, биһиги быһаарыыбытыгар киирбэт, үөһээ дьаһалтаттан оннук сорук суох. Ол эрэн чугас нэһилиэктэри хаба сатыыбыт. Холобур Сылгы Ыытар — Ойуһардаах, Хатыҥнаах — Үөһээ Халыма кыраныыссата, Сыбаатай — Эбээх—Өлөөкө Күөлэ.

Үлэбит кыһыҥҥы суолунан эрэ муҥурдаммат

Сааһыары тиэхинькиэлэрбит сылайаллар, элэйэллэр, онон сайыҥҥы өттүгэр улахан өрөмүөҥҥэ турабыт. Ол эрэн сайыҥҥы кэмҥэ Налимскай суолугар үлэ ыытыллар. Дойдубут куталаах-уулаах сирдээх-уоттаах буолан, суол түргэнник алдьанар. Гравийынан тэҥнээтэххэ, аҕыйах кэминэн тимирэр. Ааспыт сыл оҥорор матырыйаалбыт тиийбэтэҕэ, онон быйыл 5000 туонна кэриҥэ гравийы хостуур былааннаахпыт.

Суол-иис болдьоҕор арылларыгар бары күүс ууруллар

Эр дьон кэлэктиибэ, ол эрэн биир кэрэ аҥар тутаах үлэһиттээхпит, Светлана Пантелеймоновна — ыскылааппыт сэбидиссэйэ, профсойууспут тэрилтэтин эмиэ кини салайар.
Кэлэктиип үлэҕэ, тэрээһиҥҥэ көхтөөх. Уолаттарым бары үлэлэригэр бэриниилээх дьон. Ааспыт сылга биир тырахтарыыс тутаах үлэһиппит, анал байыаннай дьайыы хомууругар хапсан барбыта. Кини дьиэ кэргэнигэр болҕомтобутун тутабыт, көмө оҥоробут.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Хаартыска: «Аартыка суоллара» ХТ Орто Халыматааҕы учаастагын начаалынньыга Илья Моттуев / Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше