Дууһаны кынаттыыр хоһоон — сүрэҕи уматар уот,
ол төлөн көстүбэккэ умайар кутаата күүстээх.
Өлөөкө Күөлүгэр айар куттаах дьон «Төлөн» литературнай түмсүү 2000 сыллаахха тэриллибитэ.
Бу сыллар тухары элбэх айымньы суруллан, хоһоон хоһуллан, кинигэ, хомуурунньук буолан тахсан, нэһилиэкпит култуурата сайдарыгар чөмчүүк кылаат буолан сылын аайы эбиллэр.
Түмсүүбүт айан суруйар хоһоонньуттарынан Анна Егоровна Винокурова–Үрүҥ көтөр, Ирина Егоровна Винокурова, Мария Иннокентьевна Винокурова-Күн Сыралыма, Александра Васильевна Гуляева, Мария Семеновна Созонова, Варвара Иннокентьевна Созонова, Евдокия Николаевна Санникова, Алексей Кирсанович Кудрин, Ньургуйаана Семеновна Кривошапкина буолаллар.
Ааспыт сылга Александра Гуляева «Таптыыбын айылҕам кэрэтин» уонна Алексей Кудрин «Дойдубун эргийэ көттөххө» хомуурунньуктара күн сирин көрбүттэрэ.
Хоһоон киһи дууһатын туругуттан тиллэн тахсар. Хомолтоҥ-үөрүүҥ, сүрэҕиҥ иһигэр киирбит иэйии, ахтылҕан санньыарын тулуйуу, дойдугар муҥура суох таптал — барыта дорҕооно суох тыл долгунугар кутуллан айыллар. Киһи ахсын иэйии араастык киирэр. Суруллар тыл, ааптар тыынынан тус туһунан айыллан тахсар. Суруйар айар куттаахтар, олоххо туспа көрүүлээх дьонунан буолаллар, ол да иһин, тулалыыр эйгэбит күннээҕи олоҕуттан кэрэтин сомсон, таба көрөн хоһуйан суруйалларыттан үөрэбит эрэ. Ол курдук бэйэ иһигэр бүгэ сыппакка, олох хардыытынан, куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар өрөспүүбүлкэтээҕи хоһоон күрэхтэригэр кыттан, элбэх үрдүк ситиһиилэнэбит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, элбэх хомуурунньук кинигэҕэ айар дьоҕурдаах дьоммут айымньылара киирбиттэрэ. Орто Халыма улууһуттан төрүттээх дьон «Күн сардаҥата» диэн, Иккис Мээтис нэһилиэгин олохтооҕо Татьяна Колесова – Айсуура Whatsapp нөҥүө олохтообут бөлөҕөр баарбыт. Бу ситимҥэ санаабытын атастаһабыт, айымньыбытын үллэстэбит, күрэхтэр тустарынан биллэриилэри көрөбүт, уопут атастаһабыт.
«Төлөн» түмсүүбүт биир чаҕылхай айымньылардаах, ураты иэйиилээх, тус көрүүлээх элбэх ситиһиилээх хоһоонньутунан Мария Винокурова-Күн Сыралыма буолар.
Кини ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хоһоон айыытын күрэхтэригэр «Төннө туруох дуу төрөөбүт көлүччэбитигэр» хоһоонунан — «Сырдык эйгэлээх» анал аат, «Сандал сааһы уруйдуубут» күрэххэ — «Табыллыбыт хоһоон», Кыайыы күнүгэр аналлаах куонкуруска 2-с Үктэл үрдүк аатын ылан анал кубогынан биһирэммитэ. Маны сэргэ «Кырыа кыһыны туойабын» куонкурска — дипломан, «Саҥа дьыл дьолу түстээтин» хоһоон айыытын күрэҕэр — Биһирэбил, «Рубаи» жанрынан суруйууга — дипломан, аҕа туһунан хоһоон күрэҕэр — «Үктэл», «Үлэ киһини киэргэтэр» күрэххэ дипломант үрдүк аатын ылан, «Кэрэ эйгэ» ааптардар түмсүүлэрин удастабырыанньатынан, бэлиэтинэн, кубогынан наҕараадаламмыта.
Бу сыл «Оо эдэр саас барахсан!» күрэс кыайыылааҕынан буолбута. Маны сэргэ киниэхэ «Ыксатыма дуу, эн миигин кырдьар саас» күрэскэ — «Кэрэхсэнэр иэйиилэр», аҕа күнүгэр аналлаах «Аҕам баара буоллар» күрэххэ — «Айдарыылаах айааччы», «Ийэм эппит тыллара» күрэскэ — «Хомоҕой тыллаах хоһоонньут» анал ааттар туттарыллыбыттара. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ албан аат» күрэххэ — «Талааннаах хоһуйааччы» анал аатынан бэлиэтэммитэ, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ сүгүрүйэбит» — дипломан, «Сахам сирин кылгас сайына» — дипломан, «Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах «Чырыптанар чыычааҕым» куонкуруска «Кылаан чыпчаал» (Гран-при) үрдүк аатын ылбыта. Бу сыл икки хоһооно ырыа буолан көттүлэр. Күн Сыралыма айар тутар иэйиитэ араас таһымнаах суолунан салаллан, элбэх айымньы суруйан, бэйэтин ааҕыытынан кыттан, айар талаана арыллар, дьон-сэргэ, дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылар. Күн сыралыма — аатын курдук күннээх аартыга арыллан истин!
Бу курдук айар куттаах дьоммут ситиһиилэрэ тиһигин быспакка ааттананнар, түмсэр түөлбэбитин кынаттыыллар.
Ол курдук Александра Гуляева куйаар нөҥүө ыытыллыбыт «Таптал нарын иэйиитэ» хоһоон күрэҕэр Дипломант үрдүк аатын ылан бэлиэ статуэтканан наҕараадаламмыта. «Уйгу быйаҥ ыһыахха» хоһоон айыытыгар «Ыһыах уйгулаах хоһуйааччыта» анал ааты ситиспитэ. Александра Васильевна утумнаахтык иккис кинигэтин айа-тута сылдьар. Ураты иэйиилээх суруйааччыбытыгар айар кынаттаах дабайыыны баҕарабыт.
Мария Семеновна Созоноваҕа «Үлэ киһини киэргэтэр» күрэххэ «Кэрэһэлиир хоһоонньут» анал аат иҥэриллибитэ. «Сахам сирин кэрэ сайына» куйаарынан ыытыллыбыт күрэххэ «Саргылаах хоһоонньут» анал аат анаммыта. Василий Афанасьевич Роббек 85 сылыгар аналлаах улуустааҕы хоһоон айыы күрэҕэр I-кы миэстэни ылбыта. Мария Семеновнаҕа үрдүк ситиһиилэри, ырыа курдук чараас эйгэтигэр кэрэттэн кэрэни баҕарабыт.
Кэнники айбыт айымньыларбынан куйаар нөҥүө кыттыбыт күрэхтэрбэр «Саргылаах хоһоонньут», «Сахам сирин көмүс күһүнэ», «Кэрэ эйгэлээх хоһоонньут», «Баай тыллаах ааҕааччы» анал ааттары ылбытым.
Өлөөкөм айар куттаах, суруйар дьоҕурдаах дьоно элбэх.
Бу нэһилиэкпит эмиэ биир уйан, ол эрэн күүстээх уратыта буолар.
Хаартыскаҕа: Мария Винокурова-Күн Сыралыма.
Ааптар: Анна Винокурова-Үрүҥ көтөр.