От ыйын 1 күнэ — Национальнай Бэчээт күнэ. Бу күнү, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана А.С.Николаев, саха тыла, норуота, суруга-бичигэ сайдарын туһугар таһаарбыт уурааҕынан 4-с сылбытын бэлиэтиибит.
Бэлиэтээһин: 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Саха сиригэр бастакытын «Саха дойдута» («Якутский край») хаһыат бэчээттэнэн тахсыбыт. В.В.Ушницкай хаһыаты төрүттээн-көҕүлээн таһаарбыт дьонтон биирдэстэринэн буолар.
Үгэс быһыытынан, национальнай бэчээти төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, суруйааччы-учуонай В.В.Никифоров- Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Сиэр-туом тэрээһинигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.А.Семенов, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриотическай иитиигэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А.Г. Подголов, «Сахабэчээт» САТ генеральнай дириэктэрэ Н.М.Стручкова, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ Лауреата, суруналыыс, суруйааччы И.П.Ушницкай тыл эттилэр.
Кэрэ-бэлиэ күн чэрчитинэн Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ О.О.Марков уонна суруналыыстар Сойуустарын салалтата сойуус бастыҥ чилиэннэригэр, сахалыы тылынан тахсар сурунааллар, эрэдээксийэлэр эрэдээктэрдэригэр, суруналыыстарыгар, куонкурустар кыайыылаахтарыгар, номинаннарыгар Бочуоттаах кырааматалары, анал бэлиэлэри туттардылар.
Ол курдук үгэс быһыытынан, СӨ суруналыыстарын сойууһа, Арассыыйа Национальнай СМИ-лэрин ассоциацията уонна Култуура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын Саха сиринээҕи кэмитиэтэ, саха тылынан суруйар суруналыыстар ортолоругар көҥүл тиэмэҕэ сылын аайы ыытар «Уһун Дьурантаайы» аһаҕас күрэҕэр, Орто Халыма куоратын олохтооҕо, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, Сиэн Күөл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, биһиги эрэдээксийэбит бэтэрээн-эрэдээктэрэ, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Иннокентий Алексеевич Оконешников өрөспүүбүлүкэтээҕи «Туймаада» хаһыакка таһаарбыт ыстатыйаларынан «Бастыҥ ырытааччы» номинация III–с Үктэл кыраамататынан наҕараадаланна.
Үөрүүлээх быһыы-майгы тэрээһинигэр Иннокентий Алексеевич уола Максим Иннокентьевич кэлэн аҕатын кыраамататын уонна уу харчынан бириэмийэтин тутта.
Убаастабыллаах И.А.Оконешниковы сыл бастыҥ суруналыыстарын ахсааннарыгар ааттаммыккытынан, үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит!
Сытыы бөрүөҕүт сыппаабакка, айымньылаах үлэҕит өрүү үрдүк үктэллэргэ ааттата, элбэх ааҕааччыны толкуйдата турарыгар баҕарабыт.
Ааптар: Саргылана Кокорина