От ыйын 18 күнүгэр Орто Халыма орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Здоровячок» сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырын «Колымские патриоты» этэрээт оҕолоро улуус дьаһалтатын архыыбыгар ыалдьыттаатылар.
Этэрээт салайааччыта Александра Устенкова оҕолору кытта архыып үлэтин билистилэр, архыыпка харалла сытар докумуоннары көрдүлэр-иһиттилэр. Бу иннинэ архыып үлэтин-харатын көрө-истэ илик буоланнар элбэх саҥаны биллилэр.
Ол курдук биһиги архыыппытыгар 12 тыһыынчаттан тахса единица докумуон харалла сытар. Уопсайа 76 пуонда иһиттэн 12 личнай пуонда хараллан турар. Манна Аҕа дойдуну көмүскээбит улуу буойуттарбыт, сэрии толоонугар төрөөбүт дойдуларын дьоруойдуу көмүскээбит биир дойдулаахтарбыт дьыалалара, ону тэҥэ Орто Халыма бастакы профессиональнай композитора А.Н.Созонов, Орто Халыма улууһун кыраайы үөрэтэр музейы төрүттээбит биир дойдулаахпыт, учуутал-краевед Н.С.Бандеров, уус-уран тыллаах, элбэх хоһоон ааптара Д.И.Кокорин уо.д.а. биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбыт пуондаларын көрүөххэ сөп.
Ону таһынан билиҥҥи кэмҥэ үлэлээн бүппүт (ликвидируйдаммыт) тэрилтэлэр докумуоннара, үлэ чааһын бирикээстэрэ, хамнас биэдэмэстэрэ, үлэһиттэр личнай дьыалалара итиэннэ араас ис хоһоонноох хаартыскалар, улууска араас сылларга бэлиэ түгэннэргэ уһуллан хаалбыт видео устуулар оройуон устуоруйатын көрдөрөллөр.
Оҕолор архыыпка хараллан сытар докумуоннары бэрийэн, тутан-хабан, илэ харахтарынан көрөн улуус истриятын кытары билистилэр. Чинчийэр үлэни хантан, туохтан саҕалыахха сөбүй диэн ыйытыыга туһалаах сүбэлэри ыллылар. Төһө даҕаны мэник-тэник оҕо саас кэмигэр сырытталлар архыып хранилищетын материально-техническэй базатын туруга мөлтөҕүттэн олус соһуйдулар. Бэл диэтэр «Хранилище тоҕо маннык эргэний?» диэн ыйытыыны биэрэн соһуттулар. Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл сайын улуус дьаһалтата архыып хранилищетыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытарга тустаах үлэни ыыта сылдьар.
Оччотугар олохпут историятын кэрэһилиир докумуоннарбыт аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэтэһэр дьиэҕэ-уокка хараллан үйэлэрэ уһуохтара, оттон үлэһиттэргэ үлэлиир усулуобуйалара тупсан салгыы үлэлииргэ эбии кыаҕы биэриэҕэ.
Маны таһынан куорат орто оскуолата 85 сыллаах үбүлүөйүнэй сылын баттаһа кыраайы үөрэтэр олохтоох краевед Мирослав Иннокенттевич Никитин кэлэн оҕолорго Родчевай оскуола төрүттэммитин туһунан олус интэриэһинэй лиэксийэни аахта, ол кэминээҕи хаартыскалары көрдөрөн оҕолор интэриэстэрин тарта. Родчево оскуолатын тутуутугар үлэлэспит уран тарбахтаах тутуу маастарын хос-хос эһээлэрин Егор Саввич Винокуров аатын истэннэр сиэннэрэ оҕолор Катя уонна Дьулустаан Михайловтар бэркэ үөрдүлэр, Мирослав Иннокентьевич интэриэһинэй кэпсээнин истэн сэҥээрдилэр. Оччотооҕу оҕолор төһө даҕаны улуу сэрии аас-туор кэмигэр олорон үөрэммитэрин иһин, ол көлүөнэ дьонтон элбэх үөрэхтээх-билиилээх дьоннор үүнэн-сайдан тахсыбыттарын истэн олус сөхтүлэр. Билиҥҥи олоҕу кытары оччотооҕу ыар кэми тэҥнээн көрөннөр кэккэ түмүктэри оҥордулар. Уонна үөрэххэ, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар, инникигэ дьулуһар киһи туохтан да иҥнэн-толлон турбат эбит диэн түмүктээтилэр. Туох барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕын өйдөөтүлэр.
Көрсүһүү түмүгэр архыып үлэһиттэрэ бэлэмнээбит «Куорат пааматынньыктарын төһө билэҕиний?» оонньууга көхтөөхтүк кыттан билиилэрин хаҥаттылар. Бу курдук оҕолор дойдуларын историятын билиигэ уонна үөрэтиигэ интэриэстээхтэрин көрдөрөннөр архыып үлэһиттэригэр үтүө өйдөбүлү хааллардылар. Инникитин даҕаны үүнэр көлүөнэни кытары бииргэ алтыһарга, үлэлэһэргэ кыах үөскүүрүгэр туһалаах тэрээһин ыытыллыбытыттан санаабыт өрө көтөҕүлүннэ.
Ааптар: Анастасия Бережнова, Орто Халыма к