Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппытынан буолар, эдэр кэскиллээх исписэлиис, «Кулума» култуура киинин фольклорга мэтэдииһэ, «Дьүрүһүй» ансаамбыл салайааччыта Олеся Ивановна Шевченко.
-Олеся Ивановна, бастатан туран ааҕааччыларбытыгар бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ
-Мин Бастакы Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. 1993 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым төрөөбүт томторбор ааспыта. Күн күбэй ийэм Елена Петровна Кривошапкина, бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. 2015 сыллаахха култуура кэлиэһин төрүт култуура салаатын үөрэнэн бүтэрбитим. Идэбин үрдэттэн, быйыл Аартыкатааҕы ускуустуба уонна култуура үнүстүүтүн кыһыл дьупулуомунан үөрэнэн бүтэрдим.
-«Дьүрүһүй» ансаамбыл туһунан сэһэргэһиэх, өссө ханнык куруһуоктары салайаҕыт?
-«Дьүрүһүй» ансаамбылы 2014 сыллаахха, оччолорго култуура киинин фольклорга исписэлииһэ Туйаара Кудрина төрүттээбитэ. Мин ансаамбылы 2019 сыллаахтан салайабын. Ол иннинэ «Спектр» оҕо дьоҕура сайдар киинигэр үлэлээн, фольклор салаатын үлэлэппитим. Ол саҕаттан, хомуска, сахалыы ырыаҕа-тойукка уһуйуллубут «Айтыын» бөлөҕүм оҕолоро билигин да дьарыктаналлар. Сахалыы тыыннарын, тылларын харыстаан тута сылдьалларыттан олус үөрэбин. Маны сэргэ алын кылаастарга «Дьөһөгөй» бөлөхтөөхпүн. Манна 10-нуу оҕо сылдьар. Бу куорат сиригэр диэтэххэ аҕыйах. Ол эрэн нууччалыы тыллаах оҕолор дьарыктаныахтарын баҕараллара үөрдэр.
-Үбүлүөйдээх тэрээһин хайдах таһымҥа ааста?
-Бэлиэ күммүт былаан быһыытынан икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ, олоҥхо уобарастарынан, «Кыыс куо», «Боотур», «Абааһы уола Абааһы кыыһа», «Олоҥхо дойдутун айыылара уонна иччилэрэ», «Орто Дойду дьоно-сэргэтэ» номинацияларынан оҕолорго куонкурус ыытылынна. Манна «Саһарҕа», «Сказка» уһуйааннарыттан уонна Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуолатыттан 40 оҕо кыттыбыта. Быйыл саҕалааһын курдук уобарастары эрэ көрдүбүт, аныгы сырыыттан оҕолор бу уобарастарынан толорон көрдөрөллөрүн ситиһиэхтээхпит. Хомус күрэҕэ кыттааччы суоҕуттан тэриллибэтэ. Саалаҕа көрөөччү ахсаана, толорбут оҕолор төрөппүттэринэн эрэ муҥурдаммыта хомолтолоох. Кэнсиэр арыллыыта, өр кэмҥэ иитиэхтии сылдьыбыт торуммунан, «Коллаборация фольклора» ньыматынан туруорулунна. Манна дойдубут айылҕата, кэрэтэ, элбэх омук түөлбэлээн олороро, култуурата көһүннэ. Кэнсиэркэ ылламмыт, көстүбүт нүөмэрдэрбитин кытта үксэ сонун ырыаларбытын таһаардыбыт. Итиэннэ бурятскай, чукотскай, эвенкийскэй, долганскай уонна чукотскай фольклордартан быһа тардан көрдөрдүбүт. Таҥаспытыгар, симэхпитигэр, «Кулума» култуура киинэ уонна норуот маастара Любовь Семеновна Слепцова көмө буоллулар. 2023 сыллаахха «Кулума» култуура кииммит дириэктэрэ А.В.Павлюк өйөбүлүнэн Горнай улууһугар анал сакааһынан оҥоһуллан кэлбит үнүстүрүмүөннэрбитин туһанныбыт. Кэнсиэрпитигэр, олох аҕыйах көрөөччү сырытта диэн сыаналаатыбыт. Бэл, ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт, чуолаан тэрилтэ салайааччылара кэлбэтэхтэрэ олус хомолтолоох этэ.
-Оччотугар куораппытыгар саха тыла, төрүт култуурата, фольклора намыһах таһымҥа турар дуо? Хайдах өрө тардыахха сөбүй?
-Оннук, чуолаан тылбыт-өспүт өттүн да ыллахха, оҕолорбут нууччалыы чуопчаара сылдьаллар. Төрөппүт оҕотун кытта тыыннаах алтыһыыта аҕыйах, оҕолорбут гаджет, телефон дьоно буоллулар. Ол эрэн сахалыы таҥаһы сэҥээрэн таҥнар буоллубут. Бу үчүгэй… «Саһарҕа» оҕо уһуйаанын курдук атын да уһуйааннарга, оскуолаҕа саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр, төрүт култууратыгар куруһуоктары тэрийэн күүскэ үлэлэһиэххэ наада дии саныыбын. Оччоҕо эрэ аны 4 сылынан ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык көрсүөхпүт.
-Инники былааннартан сырдатыахха.
-Былаан үгүс. Билигин «Кулума» култуура киинин иһинэн, фольклорга аналлаах кэбиниэт оҥоһуутугар үлэ ыытыллар. Таҥаспытын, көстүүмнэрбитин саҥардыахпытын, тупсарыныахпытын, эбии тиктэриэхпитин баҕарабыт. «Дьүрүһүй» ансаамбылы норуодунай ансаамбыл оҥорорго үлэ барар. Ансаамбылбытынан улуус нэһилиэктэригэр гостуруоллуу айанныыр баҕа санаалаахпыт. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах куонкурустарга миэстэтигэр кыттарга бэлэммит дии саныыбын.
-Ааҕааччыларбытыгар түмүккэ тугу тиэрдиэ этигитий?
-Бастатан туран тэрээһиннэрбитигэр кыттыбыт дьоҥҥо, оҕолорго, төрөппүттэргэ, кэлэктииппэр, ансаамбылларым кыргыттарыгар, биһигини өйөөн кэнсиэрпитигэр кыттыбыт дьоммутугар, көрө диэн айаннаан кэлбит ыаллыы сытар Байды нэһилиэгин олохтоохторугар махталбын тиэрдэбин. Маннык тэрээһин үгүс сыралаах үлэнэн, элбэх киһи хамсааһынынан тахсар. Дьоммутун-сэргэбитин, тэрилтэ салайаччыларын, төрөппүттэри, куораппытыгар сахабыт култуурата, фольклора сайдарыгар бары күүскэ үлэлэһиэххэ диэн ыҥырабын. Сахалыы тылынан кинигэтэ, хаһыатта, сурунаалла ааҕыҥ, сахалыы киинэтэ көрүҥ, сахалыы таҥныҥ-симэниҥ. Тэрилтэ аайы сахалыы тыыннаах тэрээһиннэрдэ көҕүлээн ыытыҥ. Саха сиригэр олорор хас биирдии ыал дьиэтигэр сахалыы тыын, эйгэ баар буолуохтаах. Түгэнинэн туһанан, ансаамбылбытын төрүттээбит, билиҥҥэ диэри сүбэлии-амалыы сылдьар дьүөгэбитин, «Дьүрүһүй» ансаамбыл кыттааччытын Туйаара Кудринаны, кэрэ бэлиэ күммүтүгэр «СӨ култууратын туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Олеся Ивановна, сэһэргэспиккэр, санааҕын толорду эппиккэр махталбын тиэрдэбин. Айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиини, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабын. Былааннаргыт олоххо киирэн, айар аартыккыт арылла, кэлэр кэмҥит кэскиллэнэ туруохтун.
Саргылана Кокорина