Быйылгы сайыммыт дьылын батыһа кэлэн, бэйэтин үлэтин күһүҥҥү кэмҥэ туттарда!

Сааскы ыйга биир нэдиэлэнэн эрдэлээн, ыам ыйын 16 күнүттэн ириэриитин саҕалаабыта. Ньукуолун таҥара иннинэ кураанах кустар, кыра көтөрдөр биир түүн тоҕу анньан кэлбиттэрэ. Сайын кураан да буоллар, хаарын саас эрдэ ириэрэн, ийэ-сиргэ, буорга сииги иҥэрэн, от-мас, отон өлгөмнүк үүннэ.

Өҥ сыл буолан, сотору-сотору быстах «ойуун-былыттар» (циклон) кэлэннэр, ардаҕы курулаччы кутан, сири, үүнээйини бириэмэтигэр сиигирдэн, быйыл от былаана 94 % туолан турар. Бэл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от былаана туолбут.

Урут соҕуруу улуустарга кураан кэмнэр тураннар, оту аһыҥа сиэн, куруук былааны толорботторо. Саха сирин үрдүнэн «Үлэ Сыла» биллэһиллэн, от былаана туолуутугар улахан оруолу ылбыта саарбахтаммат.
Хас да сыл курааннаан, сиэннэр уонна күөллэр уулара уоллулар. Үрэх уонна сиэн сүнньүнэн эрэ балык устубут буолан, супту ааһар уулаах айааннарга балык (муҥур) тохтоон, сайын мотуордаах дьон хото балыктаатылар. Абыраллаах «Каракат» көлөнөн дьон бэркэ оттоото, балыктаата, отонноото. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр үгүс үлэ ыытылынна. Ол курдук агрофермерскай хайысхалаах орто оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн үлэтэ түмүктэннэ. Оскуола иһэ-таһа саҥалыы тыыннанан тупсарылынна.
Бөһүөлэкпит төрүттэммититтэн (1951с.) кэлэ-бара сиэни туоруурга үгүс дьон кыһалҕаны көрсөрө. Билигин сатыы киһи кылгас саппыкынан уонна араас кыра тиэхиньикэнэн сылдьарыгар анаожллаах 2 килэмиэтир усталаах кутуу суол оҥоһулунна.

Бу үлэлэри нэһилиэкпит баһылыга А.А.Томскай дьаһалтатын үлэһиттэрин кытта дьаһаллаах былааннарын чэрчилэринэн олохтоммута хайҕабыллаах. Маннык сатабыллаах дьаһалталаах буоламмыт, төрөөбүт нэһилиэкпитигэр тупсарыы үлэтэ көхтөөхтүк барар. Инникитин да сайдыы суола тобулла туруоҕа диэн эрэнэбит.

Автор: Владимир Батюшкин-Болдьумаар, Өлөөкө Күөлэ бөһ.

Хаартыска: Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө Күөллээҕи агро хайысхалаах орто оскуола тас көстүүтэ / ааптар: Изабелла Ноговицына

Читайте дальше