Ыксаллаах быһыыга үлэ, дьаһал былаана түргэнник оҥоһуллуохтаах. Уот бохсор ньымабыт, дьаһалбыт сөкүүндэ иһигэр уларыйыан сөп. Биһиги маҥнайгы сүрүн сыалбытынан, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уоту чугаһатыа суохтаахпыт. Бары кыахпытын кутталлаах балаһыанньа суоһаабатын, уот тэнийбэтин туһугар уурабыт.
Ол курдук бастаан оҥоһуллар ньыматтан биирдэстэрэ, оту-маһы солоон, сылбахтары эрбээн, минерализованнай балаһаны оҥоруу буолар. Бу үгүс күүһү-уоҕу эрэйэр үлэ. Манна олохтоох нэһилиэнньэ эр дьоно уонна Орто Халыматааҕы баһаарынай этэрээт уолаттара күүстээх үлэ ыыппыттара.
Биир туһалаах ньыманан уот утары уоту ыытыы буолар. Бу үлэ ылбычча оҥоһуллубат. Ол курдук бу ньыманы туһаныы күн-дьыл туруутуттан, тыал хайысхатыттан тутулуктаах. Маны сэргэ баһаар миэстэтин сирэ-уота үөрэтиллиэн, уу (күөл, сиэн, үрэх) баар миэстэтэ чопчуланыан, кээмэйдэниэн наада. Бүтэһик быһаарыыны РТП (руководитель тушения пожаров) салайааччыта Иван Сибиряков ылыныытынан, кини көҥүлүнэн оҥоһуллар. Төһө да көдьүүстээҕин иннигэр олус сэрэхтээх ньыма. Быйылгы да сырыыга бу сатабыл төһүү күүс буолбута. Ол эрэн ийэ айылҕабыт көмөлөһөр, быйылгы улахан баһаар умуруорулларыгар ардах көмөлөспүтэ.
Бу курдук бүгүҥҥү дьоруойум, этэрээт салайааччыта, хорсун, уопуттаах баһаарынайдартан биирдэстэрэ, элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Валентин Давлетов, быйылгы улахан ойуур баһаарын утары үлэ барылын туһунан кылгастык сэгэтэн кэпсээтэ.
Кинилэр хорсун быһыылара, үлэлэрэ сурукка тиһиллибэтэ, сүрүн өттө кистэнэрэ биллэр. Төһө элбэх сэрэхтээх балаһыанньаҕа түбэспиттэрин, кутталга киирбиттэрин, күүстэрин-көлөһүннэрин тохпуттарын бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Биллэн турар, кинилэр элбэҕи кэпсээбэттэр, арыйбаттар, кинилэр үлэлэригэр ис сүрэхтэриттэн бэринэллэр, кыһаллаллар, чуумпутук толороллор.
Ааптар: Саргылана Кокорина