Орто Халыма улууһугар икки улахан ойуур баһаарын хонтуруолга туталлар

Бүгүҥҥү күн туругунан, Халыматааҕы ойуур хаһаайыстыбата иһитиннэрэринэн, Орто Халыма улууһун сиригэр-уотугар 2 улахан ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр: К-364 (баһаар иэнэ: 122 309 га) К-428 (иэнэ — 167 933 га). Бу туһунан «Халыма долгуннара» иһитиннэрэр.

Ойуур баһаара, халлаан спутнига көрдөрөрүнэн, Орто Халыма куоратыттан, Халыма өрүс уҥуор үөһээ биэрэгэр 35 биэрэстэ тэйиччи барар.

Орто Халыма улууһун баһылыга Иван Лаптев иһитиннэрэринэн, ааспыт күн, от ыйын 17 күнүгэр Вяткино учаастак олохтоохторуттан, ойуур баһаара дьиэлээх тэлгэһэлэргэ чугаһаата, диэн тыллабыр киирэн, суһал ыстааб тэриллибит. Суһал хомуур күүһүнэн, 21 киһи (Орто Халыма улууһун дьаһалтатыттан, СӨ САУо «Якутлесресурс», Халыматааҕы быыһыыр-көрдүүр этэрээт, Орто Халыматааҕы баһаар утары баҕа өттүнэн үлэлиир этэрээт) баһаар миэстэтигэр үлэлээбит. Маны сэргэ Березовка территориятыгар эмиэ улахан ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Бу территорияҕа таба иитэр ыстаадалар тэлгэһэлэрэ болҕомтоҕо тураллар. Ойуур баһаарын миэстэтин быһаарыыга, тустаах салалтаттан, авиалесопатруль көмөтө ирдэнэрэ биллэрилиннэ.

Бүгүн, от ыйын 18 күнүгэр, «Якутлесресурс» дириэктэрин солбуйааччы Спартак Иванов кэлэрэ күүтүллэр. Билигин баһаар миэстэтигэр уопсайа 24 киһи үлэлиир. Буола турар ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньатын улуус баһылыга Иван Лаптев салайыытынан суһал ыстааб хонтуруолга тутар.

Санатан эттэххэ, от ыйын 14 күнүттэн ойуур баһаарыттан улуус таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.

Ааптар: Саргылана Кокорина.

Хаартыскаҕа: ойуур баһаара Орто Халыма куоратыттан көстүүтэ.

Читайте дальше