Улууска 987 ынах, 2715 сылгы иитиллэр

Ааспыт сыл баччатыгар, улуус үрдүнэн 971 ынах, 2746 сылгы сүөһү баара бэлиэтэммит.

Бүгүҥҥү субуокка көрдөрөрүнэн, улуус үрдүнэн 987 хороҕор муостаах баар. Мантан 442 ыанар ынах. 155-һэ бааһынай хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүтэ. Бу сылга 145 төрүөх ылыллыбыт. Өлөөкө Күөлүгэр уопсай көрдөрүү — 255-ка тэҥнэһэр («Сарыал» пиэрмэҕэ — 181), Эбээххэ — 84, Сылгы Ыытарга — 63, Сыбаатайга — 111 , Ойуһардаахха — 201, Арҕахтаахха — 63, Хатыҥнаахха — 83, Налимскайга — 127 (М.Г.Шадрина пиэрмэтигэр — 87 ).

Сыспай сиэллээх ахсаана 2715 тэҥнэһэн турар. Мантан 1405 биэ. 587 тэриллиилээх хаһаайыстыба сылгыта. 3 сааһыгар диэри убаһа — 828. 1 кулун төрөөбүт. Нэһилиэктэринэн сылгы ахсаанын көрөр буоллахха, Өлөөкө Күөлүгэр — 1440 (Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуота — 1140), Налимскайга — 128 (С.В.Третьяков хаһаайыстыбатыгар — 70 төбө), Алаһыайга — 223, Эбээххэ — 306 («Арчы» кэпэрэтиипкэ — 168), Сылгы Ыытарга — 141, Сыбаатайга — 227, Ойуһардаахха — 206, Хатыҥнаахха — 42.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салалтата иһитиннэрэринэн, кулун тутар 26 күнүгэр, эбии аһылык бэһис массыыната кэллэ. Онон бу сыл уопсайа 85 туонна эбии аһылык тиэллэн кэлэн, куоракка уонна нэһилиэктэргэ, сайаапка быһыытынан тарҕанна.

Автор: Саргылана Кокорина

Читайте дальше