Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн соруктара

Бүгүн биһиги ыалдьыппыт – Дмитрий Николаевич Винокуров, улууска тыа хаһаайыстыбатын салааатын салайааччыта. Кини бу дуоһунаска үлэлээбитэ икки сыл буолла.

Кинилиин улууска тыа  хаһаайыстыбата билиҥҥи туругун кэпсэтистибит.

— Бастатан туран, сыыппараларга тохтуохха, төһө сүөһүнү, сылгыны иитэбит, табаны көрөбүт-харайабыт?

— Бу сыл балаҕан ыйын 5 күнүн туругунан, сүөһүбүт ахсаана – 1155 төбө, онтон ынах ахсаана – 454, быйылгы төрүөх -357 төбө. Сылгыбыт – 2803, ол иһигэр биэ ахсаана – 1308, 3 сааһыгар диэри – 597. Быйылгы сайын сылгыларга бэрт бырдахтаах, оҥоойулаах сыл буолан биэрдэ, саас хаары сатаан хаспакка эрэйдэннилэр, онон сүтүктээхпит, билигин сылгылар ахсааннарын ааҕан чопчулааһын, бонитировка буола турар, онон ити сыыппара уларыйыан сөп.

— Бу сүөһүлэрбитин кыстыкка көрөрбүтүгэр төһө от саппаастанныбыт?

—“Өлөөкө Күөл” сылгы Собуота былаанын 110% толордо. Салайааччылара — уопуттаах Константин Николаевич Винокуров. Тиэхиньикэнэн хааччыллан, сибилигин улахан кыһалҕалара суох. Эбээххэ “Арчы” ЖСПК былааннарын 100% толордулар, резервэҕэ кытта оттоотулар. Бу тэрилтэҕэ Владимир Дмитриевич Слепцов, нэһилиэк салалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ, сүбэ-ама, көмө-тирэх буолар. Иккис Мээтис, Алаһыай отчуттара былааннарын 100% толордулар, Бастакы Мээтистэр- 95,8%, Сиэн Күөллэр -92,3%, Хатыҥнаахтар – 84,2%, Эбээхтэр – 80,9%. Саамай кыра көрдөрүүлээх Байды нэһилиэгэ буолла — 40,7%. Уопсайынан, улуус үрдүнэн 4948,5 туонна оттоннубут, ол эбэтэр 90,8% былааммытын толордубут.

— Сүөһү турар саҥа тутуулара улууска ыытыллаллар дуо?

— Өлөөкө Күөлгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөөһүнүнэн, хотон тутуллуохтаах, билигин тендер ыытыллан, кыайыылаах быһаарыллан, үлэ саҕаланыахтаах. Аны сыл Ойуһардаахха саҥа хотон баар буоларыгар былаанныыбыт, онуоха диэн үлэлэһэбит.

— Улуус бүддьүөтэ манна көмө буолар дуо?

— Бу сыл дьокутааттар улуус бүддьүөтүгэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын анал бырагыраамматыгар 11 мөл. солк көрбүттэрэ. Бу мантан элбэх өттө чааһынай хаһаайыстыба сылгы, сүөһү ииттэригэр өйөбүлгэ барар. Холобур, икки убаһаттан элбэҕи ииттэ хаалластар буоллаххына, уоннуу тыһыынча солк төбө ахсын биэрэбит. Бу сылгыны элбэтэргэ туһуламмыт дьаһалбыт буолар. Сыбаатайга балтараа мөлүйүөн солкуобайга от охсор кэмпилиэк тиэхиньикэни улуус харчытыттан ыллыбыт. Хатыҥнаахха от охсор тиэхиньикэлэри ылынаннар, быйыл кыһалҕаны көрсүбэтибит, бэйэлэрэ да бэрт үлэһит, түмсүүлээх нэһилиэк. Аны сыл кинилэргэ прессподборщик атыылаһар санаалаахпыт. Үс нэһилиэккэ үүтү тутар сыахтар үлэлииллэр, онно үүт туттарбыт чааһынай дьоҥҥо улуус үбүттэн биир лиитэрэҕэ 21 солкуобайы эбии биэрэбит.

— Харчы киллэстэргэ, бырайыактары өйүүргэ араас таһымнаах гыраан харчыта оонньонооччу, онно кыттабыт дуо?

— Бу хайысхаҕа саҥа кыттан эрэбит. Сир-уот докумуоннара билигин улууска кадастровай үлэ ыытыллан, бэрээдэктэннэхтэринэ дьэ усулуобуйа тэриллиэ. Уонна, мин толкуйбунан, нэһилиэккэ хайаан да биир тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ баар буолуохтаах. 1-2 сүөһүнү ииттэн ыал буолбаппыт. Биир ыарахан кыстык кэллэҕинэ, сылгы-ынах эстэр кутталлаах. Сэбиэскэй кэм да саҕана ыарахан кыстыктар баар буолааччылар, сүөһү эстээччи. Бу сыл тохсунньутугар тибии түһэн, хаары кытаатыннаран, тиэхиньикэ оту кыайан таспат буолта, онно хас биирдии оту ылаары хаары күрдьэр тиэхиньикэ үлэлээбитэ. Оннук үлэлэһэн, сүөһүлэрбитин тыыннаах хааллардыбыт. Урукку дьылларга кулун тутарга хаары кытаатыннарааччы этэ. Эбии күүтүллүбэтэх, ааҕыллыбатах ороскуот буолла. Билигин элбэх ороскуот төлөммөккө турар, сыл бүтэһигэр улуус баһылыга, дьокутааттара харчы эбии көрдөхтөрүнэ эрэ төлөһөр кыахтаахпыт. Онон тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ баар буоллаҕына гырааҥҥа да кыттыа, тиэхиньикэнэн да хааччыныа этилэр. Нэһилиэк уопсай туһатыгар үлэлиэ этэ. Оттон тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ чааһынай дьоҥҥо харчы биэрэ олороро, инники кэскилэ суох дьаһал диэн бэлиэтиибин. Биһиги улууспутугар чааһынай дьоҥҥо хотон тутталларыгар харчы биэрбитэ, ыһыллыбыттара, хотоннорун ким да мөлүйүөн сыанаҕа атыылаһар кыаҕа суох, ол курдук тураллар. Онон хоту, ыарахан усулуобуйаҕа олорор дьон быһыытынан, түмсүүлээх эрэ буоллахпытына сатанар. Билигин сельскохозяйственный потребительский кооператив (СХПоК) диэннэри тэрийэллэр, оннук дьаһаннарбыт сөп буолуо этэ. Нэһилиэктэрбитигэр ама биир эмэ дойдутун туһугар инникини толкуйдуур үлэлииргэ бэлэм салайааччы киһи көстүө суоҕа дуо?!

— Инникитин кыһалҕаларбытын быһаарарга өссө туох үлэ ыытылларый?

— Улахан туруорсуу түмүгүнэн, 13 арктика улуустарын туспа көрөллөрүн ситистибит, киин улуустары кытта биир усулуобуйаҕа олорбоппут, ону аахсалларыгар. Ил Дархан бу сыл алтынньы ый 1 күнүгэр диэри кэнсиэпсийэ барылын оҥороллоругар сорудахтаабыта. Оччоҕо ол СХПоК тэрилиннэҕинэ, тус сыаллаах харчы бэйэлэригэр түһүө этэ, нэһилиэк бэйэтэ бастакы уочарат туох наадатынан көрөн туһанар кыахтаныа. Холобур, тиэхиньикэ ылынарга министиэристибэ 60% ороскуоту сабар, 40% улуус, нэһилиэк бүддьүөттэриттэн көрүллүөн сөп. Оччоҕо атыылаһыллыбыт тырахтар үчүгэй илиигэ нэһилиэккэ сүүрбэччэ сыл сулууспалыан сөп этэ. Сүөһүнү аҕыйаппат сыалтан ыанньык ынах төбөтүгэр бэриллэр төннүбэт көмө харчы улаатарыгар туруорсубуппут. Ол түмүгэр, 2022 сылга 35 тыһыынча солк. буоллаҕына, быйыл 45 тыһыынчаны биэрэр буоллулар. Биир сүрүн усулуобуйата – сүөһүҥ кыстаан, аныгыскы сыл тохсунньутугар баар буолуохтаах. Суох буоллаҕына, ылбыт харчыгын төннөрөргө күһэллэҕин. Мин үлэҕэ киирэрбэр икки нэһилиэк оту охсор биир да тиэхиньикэлэрэ суох этэ, үс эрэ нэһилиэккэ прессподборщик баара. Ол иһин бу кыһалҕаларга сүрүн болҕомтобутун уурбуппут, билигин да бу үлэбитин салгыахпыт. Инники үлэбитигэр чопчу сыал туруоруннубут, кэпсэтиилэр ыытыллаллар, сокуоҥҥа уларытыы киллэрэргэ туруулаһыахпыт. Онон элбэх үлэ ыытыллара былааннанар.

— Дмитрий Николаевич, кэпсээҥҥит иһин махтал. Инники туруоруммут сыалларгыт үлэҕэ киирдиннэр. Улуус олохтоохторо баай –тот олороллоругар сүрүн дьайыыны тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон — эһиги оҥороҕут. Онон ситиһиилэри ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.

Ааптар: Светлана Третьякова

Читайте дальше