Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэрэринэн, бу күн туругунан кыстыкка 1076 ынах сүөһү, мантан 439-һа ыанньык ынах (сүөһү иитэр тэрилтэҕэ — 162, бааһынай хаһаайыстыбалаахтарга — 222, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо 692 төбө) үктэннэ. Бу сыл 358 ньирэй төрөөтө.

Сылгы сүөһү ахсаана 3342-гэ тэҥнэһэр, (сылгы тутар тэрилтэҕэ — 1770, 704 бааһынай хаһаайыстыбаҕа, 853 төбө кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо) бу иһиттэн 1342 биэ, быйыл 681 төрүөх ылыллыбыт. Хаһаайыстыбалаах дьон, тэрилтэлэр, сайын, күһүн кыстыыр хотонноругар өрөмүөн үлэтин ыытан, сүөһүлэр кыстыыр миэстэлэрин буллулар. Кыстыкка отунан хааччыллыы үчүгэй. Ол курдук Сылгы Ыытарга уонна Өлөөкө Күөлүгэр саппаас от, маны сэргэ Эбээххэ уонна Ойуһардаахха кур от баарынан бэлиэтэнэр. Ааспыт нэдиэлэттэн идэһэлэнии саҕаланна. Налимскайга Мария Шадрина уонна Максим Кудрин тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара 76 ынах сүөһүнү тутар. Кинилэр сайыҥҥы өттүгэр саҥа дьиэ, гараас туттан, бэйэ күүһүнэн усулуобуйаларын тупсарынан көрүстүлэр.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше