Сүрүн сыал-сорук нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыы

Ил Дархан ыгым бириэ-мэтиттэн быыс булан, Пресс-подход быһыытынан «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтигэр, үлэтин сырыытын түмүгүн билиһиннэрдэ, санаатын үллэһиннэ.

Саха сиригэр дьон уһуннук дьоллоохтук олорорун ситиһиэхтээхпит.
Бүгүн Байды нэһилиэгэр дириҥ суолталаах эбийиэктэр үөрүүлээх арыллыыларыгар кыттыыны ылан олус үөрдүм. Ол курдук уһуннук күүтүллүбүт, норуот күүһүнэн тутуллубут оҕо уһуйаана уонна быраас амбулаторията олоххо киирдилэр. Оҕо уһуйаана сотору кэминэн миэбэлинэн, тээбирининэн толорду хааччыллан, иитиллээччилэрбит саҥа үөрэх сылын саҥа эбийиэккэ үктэниэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэбит хайа да муннугар маннык суолталаах эбийиэктэр улахан куораттартан саҕалаан кыра нэһилиэктэргэ тиийэ үөрүүлээхтик арыллаллара үксүү турара кэрэхсэнэр. 2022 сыл түмүгүнэн 274 социальнай суолталаах эбийиэк үлэҕэ киирбитэ. Бу сыл өссө 80 эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Тутуу үлэтэ маннык тэтимнээхтик барар буоллаҕына, дьон-сэргэ төрөөбүт дойдутугар олохсуйан хаалар, ыччат сайдыылаах улаатар, дьон доруобуйата тупсар. Ол иһин кэлэр кэмҥэ дойдубут бэлиитикэтэ маннык хайысхалары, хамсааһыннары өрө тутан, социальнай, ол эбэтэр оскуолалар, уһуйааннар, успуорт уонна култуура дьиэлэрэ, балыыһалар уо.д.а. эбийиэктэрин тутууларыгар болҕомтобутун ууран, өрөгөйүөн хайа да муннугар дьон олорор усулуобуйата тупсарыгар, олох хаачыстыбата үрдүүрүн туһугар кыһаллыахтаахпыт. Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ уһуннук дьоллоохтук олорорун ситиһиэхтээхпит.

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр атыы-эргиэн логистическай киин үлэтин саҕалыаҕа.
Атыы-эргиэн логистическай кииннэрин тутууларын, чуолаан хоту улуустарыгар, дириҥ суолталаах бырайыак быһыытынан сыаналыыбын. Бырайыак биир тустаах сыалынан, маннык кииннэр арыллыбыт улуустарыгар бородуукта сыаната улааппат. Төттөрүтүн элбэх табаарга сыана лаппа түһүөхтээх. Бу күн туругунан, атыы-эргиэн логистическай киинэ алта хоту улууһугар үлэлиир. 2024 сыл түмүгүнэн, Аартыка бары улуустарыгар олоххо киириэхтээх. Орто Халымаҕа атыы-логистическай киин балаҕан ыйын 10 күнүгэр үлэҕэ киириэҕэ. Билигин бородуукта тиэйиитэ ыытыллар. Бу эбийиэк бары ирдэбилгэ толорду эппиэттиир, анал оборудованиялаах, бородуукта үчүгэй хаачыстыбалаахтык уһун болдьоххо хараллар анал миэстэлэрдээх. Инникитигэр манна бородуукта эрэ буолбакка, атын да ас-үөл, холобур переработкаламмыт, бэлэмнэниллибит балык, эт, отон хараллан, нэһилиэнньэни сибиэһэй, иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйыы кыаллыа диэн эрэнэбит.

Алтынньыга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын саҥа кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллуоҕа.
Аартыка сайдыытыгар, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар тустаах болҕомтобутун уурабыт. Оройуоҥҥа элбэх киһи тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. улууска тыа хаһаайыстыбатын бары хайысхата баар диэн бэлиэтиибин. Ол курдук ынах, сылгы сүөһүнү тутар, таба иитэр күүстээх хаһаайыстыбалар бааллар. Бары билэрбит курдук Сэбиэскэй Сойуус былааһа ыһыллыытын кэннэ, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, чуолаан таба иитиитигэр аллараа түһүү буолбута. Кэнники сылларга түһүүнү тохтотон, кыаллыах хайысхалары өрө тардан, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар бары суолу тобула сатыыбыт, араас бырагыраамалары олоххо киллэрэбит. Кэнники сылларга таба иитиитигэр үчүгэй көрдөрүүлэр бааллар диэн сыаналыыбын.
Бүгүҥҥү мунньахха бырабыыталыстыба салалтата улуус баһылыктарын кытта, ынах уонна сылгы сүөһү иитиитигэр турар тыын боппуруостар тула аһаҕастык кэпсэттибит, кыһалҕалары ырытыстыбыт.
Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар алтынньы ыйга диэри, Аартыка улуустарыгар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа кэнсиэпсийэ оҥоһулларыгар соруктары туруордум. Кэнсиэпсийэ бигэргэммитин кэннэ, бырабыыталыстыба бырагырааматыгар киирбит дьаһаллар, кэлэр сыл бүддьүөтүгэр киирэн, таба, ынах, сылгы иитиитигэр, оҥорон таһаарар олохтоох бородууксуйа сайдыытыгар күүстээх өйөбүл буолуохтаах. Аартыка улуустарыгар үүт сыанатын субсидиятын туһунан сыаналаан, билиҥҥи систиэмэҕэ сөп түбэһиннэрэн үрдэтэн киллэрэргэ былаанныыбыт, тоҕо диэтэр хоту улууска, манна, олох атын тыйыс айылҕалаах сирдээх-уоттаах усулуобуйаҕа дьон үлэлиир. Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тутар, бэтэринээр идэлээх дьоммутугар эмиэ төһүү күүс буолар болҕомтобутун ууруохпут.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше