Тохсунньуттан улуус үрдүнэн 110 ньирэй төрөөн турар.
Бу нэдиэлэҕэ түргэнник ситэр салааны ииттиэн баҕалаах дьоҥҥо Дьокуускай куораттан 542 сымыыттыыр куурусса аҕалыллара былааннанар.
Күөххэ үктэниэххэ диэри саппаас от баар. Бу күннэргэ ыраах тайаан сытар нэһилиэктэргэ Арҕахтаахха, Сыбаатайга, Өлөөкө Күөлүгэр, Эбээххэ уонна Орто Халыма к. эбии аһылык-комбикорм кэлэн тарҕанар.
Дьыл бастакы кулуна Иккис Мээтис нэһилиэгэр, Сыбаатайга төрөөтө.
Ааптар: Саргылана Кокорина


