Ааспыт 2023 сыл Дойдубут бэрэсэдьиэнин уурааҕынан , өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана туһаайыытынан — Үлэ, улууспут баһылыгын дьаһалынан — Аҕа сылынан бэлиэтэнэн ааста. Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр чэрчилэринэн, үгэс курдук сыл түмүктэрэ таҕыстылар, норуот эрэбилин, хайҕалын ылбыт дьон, сыл бастыҥнара буолан, баһылык аатыттан анал аат, Бочуоттаах наҕараада туттулар. Маны сэргэ баһылык харыйатыгар бастыҥ үөрэнээччилэр, актыбыыстар, туйгун үөрэхтээхтэр биһирэннилэр. Бу туһунан нэһилиэк олохтоох дьаһалталарын исписэлиистэрин уонна уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит бэлиэтээһиннэринэн көрүөҕүҥ.

Сиэн Күөлүгэр

«Бастыҥ аҕа сүбэһит» Галина Яковлевна Горохова , «Бастыҥ уһуйааччы» —Мария Николаевна Волкова, «Бастыҥ үлэһит» —Петр Гаврильевич Винокуров, «СӨ Физкультурнай хамсааһын 100 сылынан» — Петр Егорович Шкулев; Үөрэхтээһин уонна наука кэмитиэтин Ил Түмэн Бочуоттаах кыраамататынан Наталья Николаевна Волкова, Владимир Владимирович Батюшкин, Петр Гаврильевич Винокуров, Геннадий Русланович Еремеев, Светлана Алексеевна Третьякова Аартыка Министиэристибэтин Бочуоттаах кыраамататынан Егор Егорович Оконешников, Эрик Владимирович Андросов наҕараадаланнылар. 42 бастыҥ, 1 туйгун оҕо баһылык наҕараадатын ылла.

Бастакы Хаҥаласка

Хаартыска: «Бастыҥ ыанньыксыт» А.П.Слепцова 

«Элбэх оҕолоох аҕа» — Владимир Иннокентьевич Винокуров, «Үлэтигэр бастыҥ көрдөрүү иһин» — Кирсан Кирсанович Кудрин, «Бастыҥ салайааччы» — Василий Васильевич Ноговицын, «Бастыҥ учуутал» — Анна Николаевна Семенова; «Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ» — Николай Орелович Созонов; «Сыл учуонайа» — Арина Винокурова (10-с кылаас); «Түөлбэ бастыҥ салайааччыта» —Мария Васильевна Макарова, «Бастыҥ уопсастыбанньык» — бэтэрээн Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Вера Николаевна Колесова, «Сыл бастыҥ спортсмена» — Николай Николаевич Бубякин, «Бастыҥ уопсастыбаннай түмсүү» (сал. Ольга Михайловна Винокурова) — «Хаҥалас» түөлбэ. Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар дириҥ кылааты хаалларбыт дьиэ кэргэн Екатерина Ивановна Винокурова, Савва Егорович Винокуров оҕолорун уонна дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан «Бастыҥ ыанньыксыт» анал аат Мария Петровна Михайловаҕа, «Бастыҥ сылгыһыт» Алексей Иванович Радченкоҕа анал бириистэр туттарылыннылар. Сылгы Собуотун тэрилтэтэ 2023 төрөөбүт оҕолорго, Евдокия уонна Николай Колесовтарга, Алена уонна Валентин Санниковтарга тыыннаах убаһалары бэлэх биэрдэ. Итиэннэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга үүт былаанын туолуутугар бастыҥ көрдөрүүлэрин иһин Анастасия Петровна Слепцова уонна Мария Петровна Михайлова, сыл бастыҥ тырахтарыыс-мэхэньисээтэрдэрэ Станислав Юрьевич Рохматуллин, Григорий Григорьевич Батюшкин, төрүөх ылыыга бастыҥ көрдөрүү иһин Алексей Степанович Слепцов анал бириэмийэлэринэн наҕараадаланнылар. Баһылык аатыттан 46 бастыҥ, 10 туйгун үөрэхтээх оҕо бэлэх тутан биһирэннэ.

Бастакы Мээтискэ

Хаартыска: «Туйгун үөрэнээччи» Роксана Башмакова 

«Доруобуйа харыстабылын бастыҥ үлэһитэ» — Виктория Иннокентьевна Винокурова, «Бастыҥ уһуйааччы» — оҕо уһуйаанын иитээччитэ Аксинья Николаевна Лаптева, «Бастыҥ учуутал» — физкультура учуутала Петр Егорович Лаптев, «Бастыҥ энергетик» — Вадим Владимирович Волков, «ОДьКХ бастыҥ үлэһитэ» — Алексей Алексеевич Бандеров, «Таһаарыылаах үөрэх иһин» — эбии үөрэхтээһин педагога Елена Петровна Лаптева, «Учуутал – чинчийээччи» алын кылаас учуутала Маргарита Ивановна Кондакова, «Уһуйааччы – настаабынньык» — Татьяна Николаевна Винокурова, «Бастыҥ иитээччи» — оҕо уһуйаанын иитээччитэ Марианна Борисовна Лаптева, «Саҥа сүүрээни киллэрии иһин» история учуутала Евдокия Степановна Карпова, «Үлэ киһитэ»- ДЭС начаалынньыга Дмитрий Иванович Бекренев, «Холобур буолар аҕа» — ОДьКХ үлэһитэ Игорь Алексеевич Березкин, «Актыыбынай олох иһин» — Мария Дмитриевна Третьякова, «Бастыҥ аҕа-аҕа сүбэһит» ДЭС үлэһитэ Николай Иванович Волков, «Успуорка бастыҥ ситиһиитин иһин», омук тылын учуутала Юрий Афанасьевич Саввинов. Маны сэргэ 6 туйгун, 20 бастыҥ үөрэнээччи бэлиэтэннэ.

Алаһыайга

Хаартыска: Алаһыай нэһилиэгин туйгун үөрэнээччилэрэ 

«Алаһыай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» — Георгий Николаевич Стручков; «Бастыҥ уһуйааччы» — Николай Николаевич Кондаков; «Бастыҥ үлэһит» — Николай Юрьевич Винокуров; «Бастыҥ аҕа сүбэһит» — Прасковья Егоровна Стручкова; «Бастыҥ аҕа» — Егор Егорович Созонов; «Сыл Бастыҥа» — Дьулустан Васильевич Федоров. 33 бастыҥ, 4 туйгун үөрэнээччи бэлиэтэннэ.

Хатыҥнаахха

Хаартыска: «Бастыҥ үрүҥ халааттаах аанньал» аат хаһаайына 

«Бастыҥ иитээччи» — Людмила Николаевна Лаптева, «Бастыҥ учуутал» — Анна Спиридоновна Лаптева, «Оскуола бастыҥ үлэһитэ» — Алексей Алексеевич Третьяков, «ДЭС бастыҥ үлэһитэ» — Дмитрий Алексеевич Гуляев, «ОДьКХ бастыҥ үлэһитэ» — Мичил Ильич Ефимов, «Бастыҥ үрүҥ халааттаах аанньал» — Олег Николаевич Лаптев, «Бастыҥ уопсастыбанньык» —Кюннэй Алексеевна Третьякова, «Култуура бастыҥ үлэһитэ» —Мария Николаевна Роббек, «Бастыҥ аҕа сүбэһит» —Эдуард Васильевич Берёзкин, «Сыл бастыҥ спортсмена» —Ньургун Ариянович Третьяков, олохтоох бибилэтиэкэ аатыттан «Бастыҥ ааҕааччы» — Александр Олегович Сивцев, В.А.Роббек аатынан култуура киинин аатыттан, нэһилиэк олоҕун өрө тутар, тэрээһиннэргэ, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх кыттыыларын иһин 65 ыалга махтал тыллардаах сэмэй бэлэх туттарылынна.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Хаартыска: Сиэн Күөл нэһилиэгэр сыл бастыҥнара бэлиэтэннилэр

 

Читайте дальше