Орто Халыма улууһун Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр күн бүгүн 20 кулун күн сирин көрөн турар

Эбии аһылык көмөтүнэн тоҥ хаары тобулан аһыыр айылгылаах сылгыбыт барахсан, күөххэ үктэнэр күнэ-дьыла билиннэ.

Эбээххэ бүгүн 90 сылгы эбии аһылыкка турар. Кыстык түмүктэнэрэ ахсааннаах хонук хаалла, ол эрэн кыһыныгар ситэ аһаабатах сылгы бу кэмҥэ ырар, охтор диэн Иккис Хаҥалас нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Владимир Слепцов санаатын үллэстэр:

«Эбээх Сылгы Ыытар диэн сылгы хараллар учаастагар күн бүгүн 90 сылгы аһыы турар. Бу учаастак бөһүөлэктэн 15 килэмиэтир тэйиэс сытар. Онон сылгыларбытын кэлэ- бара миэстэтигэр көрөбүт, бөһүөлэккэ сылгылары аҕалбаппыт. Бу учаастак үчүгэйэ диэн, сайын оттонор ходуһалаах дойду. Көмөлөөн дьон көрүммэт сылгытын эмиэ аһатабыт.
Аһылык бүүрүллүбүт от буолан, буранынан тиэйэн тарҕатабыт.
Оппут хаачыстыбата үчүгэй, онон кыстыгы этэҥҥэ ырыыта, өлүүтэ суох туораан эрэбит. Хата бөһүөлэк чугаһын сылдьан хараллар сылгылар ырбыт көрүҥнээхтэр», — диэн уопуттаах сылгыһыт бэлиэтээһиннэриттэн билиһиннэрдэ.

Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска ааптара: Владимир Слепцов

 

Читайте дальше