Орто Халыма улууһа Дойду бэрэсэдьиэнин быыбарын ыытарга бэлэм

Кулун тутар 15, 16 уонна17 күннэригэр Дойду Бэрэсэдьиэнин быыбара ыытыллыаҕа. Быыбарга түөрт кандидат турар.

Бу күннэргэ быыбар үрдүк таһымнаахтык ыытылларын туһугар күүстээх үлэ ыытыллар, бары усулуобуйа олохтонор.

Ол курдук быыбар ыытыллар миэстэлэригэр баһаарынай уонна антитеррор өттүнэн сэрэхтээх буолуу тэрилиннэ, быыбар чиэһинэйдик барарын туһугар видеофиксатордар үлэлиэхтэрэ.

Быыбары тэрийэр эппиэттээх үлэһиттэр, 33 уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү анал үөрэхтээһини ааһан, үлэҕэ бэлэмнэр.

Кулун тутар 11 күнүн түмүгүнэн, пропискалаах аадыраһыгар миэстэтигэр олорбот 320 Арассыыйа олохтооҕо быыбарга кыттар баҕатын биллэрбит.

Орто Халыматааҕы быыбардатар хамыыһыйа иһитиннэрэринэн, ааспыт сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, бу үрдүк көрдөрүү.

Олунньу 8 күнүгэр «60-а» нүөмэринэн тахсыбыт Орто Халыма баһылыгын И.В.Лаптев уурааҕынан, улуус үрдүнэн 11 быыбардатар учаастак үлэлиэҕэ. Орто Халыма куоратыгар быыбар 489 нүөмэрдээх «Родина» элбэх функциялаах успуорт эбийиэгэр, 490 нүөмэринэн «Кулума» култуура киинигэр ыытыллыаҕа.

Улуус нэһилиэктэригэр, Арҕахтаахтар 491 нүөмэрдээх учаастакка быыбардыахтара, Налимскайга — 492, Березовкаҕа — 493, Өлөөкө Күөлүгэр — 494, Эбээххэ — 495, Сылгы Ыытарга — 496, Сыбаатайга — 497, Ойуһардаахха — 498, Хатыҥнаахха — 499 нүөмэрдээх учаастактар үлэлиэхтэрэ.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше