Улуус үрдүнэн Улуу Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллара дьон сүргэтин көтөҕөр.
Кэлиҥҥи кэккэ сылларга «Кулума» КК кэнсиэртэригэр, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ араас дьэрэкээн тигиилээх ырыа-үҥкүү таҥастарын үгүс дьон бэлиэтии көрөн олус астынар, дуоһуйар.
Ааспыт өрөбүл күннэргэ Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгиттэн төрүттээх Орто Халыма куорат олохтооҕо, СӨ норуотун маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы «Солнечный олень-2016» бэстибээл дипломана Любовь Семеновна Слепцова Байды нэһилиэгэр ыалдьыттаан, иис эйгэтигэр тус үлэтин сиһилии билиһиннэрдэ. Манна «Кырадаһын ырыата» түмсүү иистэнньэҥнэрэ уонна иистэниэн баҕалаах дьон «Түмсүү» дьиэҕэ мустан, икки күннээх маастар-кылаас үөрэҕэр уһуйулуннулар.
Бастакы күн «Алгыстаах оһуорунан арчылыыбын» диэн Любовь Семеновна үбүлүөйдээх бэлиэ киэһэтин тэрээһинигэр тигиллибит кэрэ Куоларга аналлаах киэһээҥҥи былааччыйа, эдэр дьоҥҥо анаммыт дьыалабыай көстүүмнэр, аныгылыы типтээх хаһыаччык, кыыс уонна уол мааныга кэтэр сахалыы сонноро, маны тэҥэ синель технологиянан тигиллибит ураты көстүүмнэри мустубут дьон тэлэбиисэр нөҥүө көрөн, тутатына ыйытык биэрэн, санаа үллэһиннилэр.
Кинилэр Любовь Семеновна хас биирдии иистэнэр таҥаһын быһыытын-таһаатын, оһуорун бэйэтин ураты көрүүтүнэн, ханна да хатыламмат, ол эрээри сахалыы үгэһи тутуһан уларытар буочардааҕын бэлиэтээтилэр уонна иис бары көрүҥүн баһылаабытын сөҕө-махтайа көрдүлэр-иһиттилэр.
Ол курдук норуот маастара унтуу, андаатар тириититтэн саҕынньах, араас түүлээхтэн бэргэһэ, үтүлүк тикпитин ааһан, биисэринэн дьарыгыран илин-кэлин кэбиһэри, киэргэллэри оҥорон таһаарарын, кыбытык тигиини баһылаан сахалыы оһуордаах көбүөрү, саха далбар хотуна кыһыҥҥы сонун уустаан-мындырдаан тикпитин иис кыттыылаахтара тутан-хабан көрөн сыаналаатылар.
Любовь Семеновна иистэнэр дьарыгар норуот маастара Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус «Саха ойуута-бичигэ» диэн кинигэтин туһанарын кэпсээтэ. Кини дьэрэкээн оһуордаах таҥаһы Үрүҥ Тунах ыһыахха эрэ буолбакка, күннээҕи олохпутугар кытары таҥныахха сөптөөҕүн тоҕоһолоото. Итиэннэ иистэнэригэр саха, нуучча уонна омук технологиятын тутуһарын, тикпит таҥастарыгар көрдөрөн дьон сэҥээриитин ылла.
Иккис күнүгэр иистэнньэҥнэр икки хамаандаҕа арахсан кыбытык тигиигэ ылыстылар. Бэлэм, араас өҥнөөх дыраап матырыйаалтан үс муннуктуу кырыллыбыт кыраһыннары дьүөрэлии тутан, олбох тигиитигэр үлэлээтилэр. Любовь Семеновна ыйан-кэрдэн биэрбит сүбэлэрин улгумнук ылынан, хамаандалар бэртээхэй олбох тигэн таһаардылар. Манна даҕатан эттэххэ, олбох кээмэйэ хайаан да 50*50 буолуохтааҕын норуот маастара чопчулаата уонна бу тиэмэҕэ үгүс өйдөтүү үлэтин ыытта.
Маннык интэриэһинэй, тартарыылаах киэһэлэри бэлэхтээбит Любовь Семеновнаҕа махтанан туран «Айаан» этно-култуурунай киин дириэктэрэ Екатерина Тарасова махтал сурук уонна сэртипикээт туттарда.
Маны тэҥэ «Кырадаһын ырыата» түмсүү бэрэссэдээтэлэ В.И.Еремеева кыыһа Маина Сивцева уруһуйдарынан таҥмыт дьиэ кэргэн халандаарын бэлэх гынан уунна. Маастар кылаастан үөрэҕи ылбыт иистэнньэҥнэр инникитин маннык тэрээһин үгүс нэһилиэккэ ыытылларыгар санааларын үллэһиннилэр уонна улуус киинигэр иискэ аналлаах матырыйааллар, оҕуруолар, миэтэрэлээх таҥастар, киэргэл араас таастара атыыланалларыгар баҕардылар.
Ааптар: Анастасия Кокорина