Куорат сиригэр-уотугар, мэччийэр миэстэтэ суох, тула таас хаамыска дойдуга тыа хаһаайыстыбатын тутар уустуктардаах буоллаҕа.
Биһиги куораппытыгар, соҕотох, биир санаанан салайтаран кыһалҕаны быһаарар, туруу үлэһит, ис сүрэхтэриттэн сүөһүнү таптаан иитэр, дьарык оҥостор ыал баар.
Бүгүн кинилэр биһиги ыалдьыппытынан буолаллар. Анна Яковлевна Слепцова уонна Алексей Иннокентьевич Оконешников хаһаайыстыбаны тэриммиттэрэ 11 сылыгар барбыт. Сэһэргэһэ турдахпытына, биир ыанылла турар козаны атыылаһан бардылар. Хаһаайыттарга туһунан долгутуулаах тэрээһин буолар эбит, бэл мин хараастан, долгуйан ыллым. Бу, бэйэ дьыалатын эргинии биир көрүҥэ буоллаҕа.
Хаһаайыттар харамайдарын харайа-бэрийэ, биир-биир билиһиннэрэн кэпсээтилэр. Эргинии эйгэтин аан бастаан чоппуускаларынан саҕалаабыттар. Онтон Валерий Лаптевтан козалары ылбыттар. Сүөһүлэр-көтөрдөр бары анал ааттаахтар.
Маҥнай уопсай хотоҥҥо үктэнним. Манна 9 коза, 10 сибиинньэ, 30-тан тахса куруолук тутуллар эбит. Ыаныллар козалар туһунан тураллар. Куруолук этэ олус минньигэс, тириитин астаан баран Дьокуускай куоракка сокотуопкаҕа ыытабыт диэн хаһаайка кэпсээнин саҕалаата. «Бастаан хас биирдии харамай сытар миэстэтин ириэйкэлэринэн килиэккэ оҥорон тутар этибит, билигин тимир килиэккэ оҥорор буолтара үчүгэй», — диэн хаһаайын Алексей Оконешников санаатын үллэстэр.
Хас биирдии харамай ураты харалтаны ирдиир
Коза үүтүн олус иҥэмтиэлээх үүт буоларын дьон өйдүүр буолла, сакаас киирэр диэн бэлиэтээтилэр. Үс чоостоох ийэ сибиинньэ сытар. Анна Яковлевна биир түгэнтэн быһа тардан кэпсээтэ. Биирдэ сибиинньэ оҕотун кыайан төрөппөтөҕөр, илиитинэн хостоон тахсарыгар көмөлөспүт. Аны ийэлэрин үүтэ киирбэккэ, коза үүтүнэн аһаппыттар. Ньирэй оҕолуу, 4 чаас арыттаах, түүннэри-күнүстэри бүөбэйдээн, сылааска тутан, сүөһү оҥорон таһаарбыттар. Бу курдук хас биирдии сүөһү ураты харалтаны, бириэмэни ирдиир. Аны туран, майгыта бростуойа суох сүөһү диэн эмиэ баар буолар эбит. Холобур, атыыламмыт ийэ коза барахсан, ыанылларын сөбүлээбэт, кытаанах майгылаах буолан атыыга ыытыллыбыт. Сибиинньэни былаанынан буоһатыллар эбит. Холобур, сибиинньэ чооһо кыһын төрөөн, бурбуйун көтөхпүтүн кэннэ, кыһыҥҥы суолунан нэһилиэктэргэ атыыга ыытыллар.
Сымыыты таһаарыы туһунан харалта, болҕомто
Куурусса хараллар хотонугар 17 төбө иитиллэр эбит. 1 кырачаан чоппууска ийэ-куурусса иннигэр-кэннигэр түһэрэ, көрөргө олус үчүгэй. Анна Яковлевна инкубаторга 10 сымыыттан бу биир чоппууска таҕыста диэн кэпсээтэ. «Аныгы интэриниэт ситимигэр сүбэлэһэр, уопут атастаһар бөлөхтөрдөөхпүт. Биирдэ Мария Егоровна, Леонид Леута буолан кыттыһан, Москубаттан 30 устуука хаас сымыытын сакаастаабыппыт, онтон 6 эрэ устуука тахсыбыта. Атыттар иччитэхтэр этэ. Онон бэйэ сымыытын боруобалаары бу инкубаторга уктубут», — диэн инкубаторга угуллубут 20 устуука сымыыты көрдөрдө. Туһугар харалта бөҕөнү ирдиир эбит. Сымыыттар биир ый, 35 кыраадыс сылааска сытыахтаахтар, 4 чааһынан эргитиллиэхтээх, хаҕа имигиирин туһугар уксустаах уунан ыһа-ыһа, тэмпэрэтиирэтэ нэдиэлэ буола-буола 2 кыраадыс түһэн, сиигэ үрдээн иһиэхтээх эбит. Маны сэргэ дьиэҕэ икки эбээһинэстээх куоска баар. Биирэ кутуйахсыт, хотон харабылдьыта, биир дьиэ араҥаччыта.
Дьарыкпытын ис сүрэхтэн сөбүлүүр буолан тутабыт
«Комбикорм сыаната сылын аайы үрдүүр. Бастаан дьарыктанарбыт саҕана биир куул 800 солк.тэҥнэһэрэ, билигин 1800 буолбут. Бастаан бэйэ дьарыктаах буолуу бырагырааматынан 250 000 ылбыппыт, хотоннору туппуппут, тимир килиэккэлэри атыыласпыппыт. Комбикорм, эбии аһылык ыларга ханнык да чэпчэтии көрүллүбэт. Ол курдук кирэдиитинэн саҕалаабыппыт, бу күҥҥэ диэри төлөнө олоробут. Онон күнүстэри-түүннэри мөҕүстэххэ барыыс тахсар», — диэн Анна Яковлена санаатын үллэстэр.
Сибиинньэ аһылыгын, балык буотараҕын дьон бэрсэр, коза үүтүнэн да эргинэн ылаллар эбит.
Бу курдук, улууска тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар биир бастыҥ үлэһит ыалы кытта астына-дуоһуйа билистибит. Хаһаайыттар бэлиэтииллэринэн, харамайдарын ис сүрэхтэриттэн таптыыр, харыһыйар, түүннэри-күнүстэри мөхсөр дьон буолан тутан олордохторо.
Дириҥ убаастабылы ылар, холобур буолар ыалдьыттарбар доруобуйаны, тус олохторугар дьолу-соргуну баҕарабын.
Кинилэр баар буоланнар, Орто Халыма куоратыгар тыа хаһаайыстыбата баар, бэйэ дьыалатын эргинии салаата сайдар.
Ааптар: Саргылана Кокорина