Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, күн иккис түһүмэҕэр, дьиэ кэргэнинэн Олоҥхо уонна фольклор жанрдарынан күрэс ыытылынна.
Манна кыттааччылар дьиэ кэргэнинэн үгэ, хоһоон, чабырҕах уонна Олоҥхо толордулар.
Уопсайа 8 дьиэ кэргэн сыаналанна.
- Семен, Айаал Сибиряковтар, Кыыдаана, Диана Шкулевтар- чабырҕах (Хатыҥнаах),
- Владилена, Сергей, Лена Третьяковтар- үгэ (Налимскай),
- Ярослав, Алена Дьячковтар- үгэ (Орто Халыма к.),
- Туймаада, Дамир, Маргарита, Тимур Васильевтар- олоҥхо (Хатыҥнаах),
- Аким, Анастасия, Екатерина Ильиннар- хоһоон (Налимскай),
- Айыына Ушакова -хоһоон (Эбээх),
- Алена, Ольга Быстровтар- номох (Ойуһардаах)
- Мария, Айнаара Созоновалар — хоһоон (Өлөөкө Күөлэ).
Куонкурус түмүгүнэн, I миэстэни Дьячковтар дьиэ кэргэттэрэ (Орто Халыма к.), II Третьяковтар дьиэ кэргэн (Налимскай), III Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ (Хатыҥнаах)/ Кылаан кыайыылааҕынан Алена уонна Ольга Быстровтар (Ойуһардаах) буоллулар.
2029 сыллаахха СӨ Ил Дархан ыйааҕынан Орто Халыма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларын туһунан илии баттаммыта.
Онон фольклорбутун, олоҥхобутун, култуурабытын сайыннаран, ыччаппытын уһуйан, дьиэ кэргэнинэн өрө тутан, бу тэрээһинтэн тирэх ылан күн бүгүҥҥүттэн бэлэмнэниэҕиҥ диэн ыҥырабыт!
Ааптар: Саргылана Кокорина