Ол курдук анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга «Сылаас кыһын» анал аахсыйа чэрчитинэн, сылаас таҥас-сап, туттар мал-сал, суунар тээбирин, эргэрбэт кураанах ас, «Кыым» хаһыакка тиийэ хомулунна.
«Бэтэрээннэр күүстэринэн тэриллибит үтүө дьыалаҕа 50 кэриҥэ олохтоох кыттыыны ылла. Хомуллубут баһыылка салҕыы Орто Халыма улууһун дьаһалтатыгар туттарыллыаҕа.
Аахсыйаҕа кыттыбыт, кыайыыны чугаһаппыт, уолаттарбытын өйүүр, санааларын биллэрбит үтүө санаалаах дьоммутугар барҕа махталбытын биллэрэбит. Уолаттарбыт дьиэлэригэр, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ түргэнник кэлэллэрин күүтэбит», — диэн бэтэрээн Сэбиэтин салайааччыта Вера Николаевна Колесова махталын биллэрэр.
Бэй.инф.