Тыа сиригэр үтүө күннэри баттаһа бары күүс окко ууруллар. Ыспааһап таҥара ардахтара түһүөхтэрин иннинэ үгүс былаан туолуох тустаах.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Орто Халыма улууһун Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Иван Иванович Винокуров салайааччылаах Тааллаах от биригээдэтэ быйылгы былаанын толордо.
Онон сылгы Собуотун «Сарыал» ынах сүөһү иитиллэр пиэрмэтигэр 350 туонна от бэлэм буолла.
Сылгы Собуотун дириэктэрин эбээһинэһин толорор Софья Куликова: «Тааллаах тиэхиньикэнэн толору хааччыллыылаах биригээдэ, 8 киһи састааптаах үлэлээтэ. Ол курдук аныгы тиэхиньикэ күүһүнэн 200 киилэлээх 1750 устуука түүрүллүбүт (рулон) от ынах сүөһү кыстыырыгар бэлэмнэннэ. Маны сэргэ сылгы Собуотун биригээдэлэрэ, Чоҥкуйа 600 туонна былаантан бу күн 520 туоннаны ылла. Ойуһардаахтааҕы Илин эбэ филиалбыт 400-тэн 250 туонна от бэлэмнээтэ. Бу күн пиэрмэҕэ уопсайа 185 ынах сүөһүлээхпит. Быйылгы от былаана туолуо диэн эрэллээхпит».
Ааптар: Саргылана Кокорина