Күн-дьыл кыһыҥҥы күүһүн ылан, томороон тымныы кэмэ саҕаланна. Өрүүр диэни билбэт, сүөһү ииттэр, хаһаайыстыбалаах дьоммут аны сааска диэри биир тыынынан үлэ үөһүгэр түстэхтэрэ.
Хайдах дьыл-кэм үүннэ? Кыстык ортото хаһаайыстыбалар балаһыанньалара хайдаҕый? Болҕомто киинигэр турар сүрүн боппуруос тула, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениятын начаалынньыгын солбуйааччытын, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгунун, үлэ бэтэрээнин Мария Александровна Шариналыын кэпсэттибит.
Сүөһү ахсаана элбиир, ол эрэн…
Бу күн туругунан улуус үрдүнэн ынах сүөһү ахсаана 985 тэҥнэһэн турар. Мантан 437 ыанньык ынах. Бөдөҥ хаһаайыстыбалартан, Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуотун «Сарыал» пиэрмэтэ 155, Налимскайга Мария Шадрина 76 төбөнү тутар. Бу хаһаайыстыбабыт кыстыкка бастакы ньирэйбитин биэрдэ. Сылгы сүөһү 3176 тэҥнэһэн турар, мантан 1320 биэ. Сылгы Собуота 1243 сылгылаах. Ааспыт сыл баччаларга, ынах сүөһү ахсаана 934, оттон сылгы төбөтүнэн 3055-кэ тэҥнэһэн турар эбит. Төбөнөн сүөһү ахсаана ааспыт сылтан эбиллибит, ол эрэн билигин дьон идэһэлэнэр уонна Иккис Мээтис нэһилиэк территориятыгар бөрөттөн 10 кэриҥэ сылгы сүөһү эмсэҕэлээтэ, мантан өллө. Билигин анал хамыыһыйа тэриллэн, бэйэ күүһүнэн, 3 уопуттаах булчут Николай Слепцов, Алексей Гуляев, Андрей Тырылгин бөрөлөрү сонордууллар. Уматык ороскуотун, үбүлээһин көрүллүбэт буолан, сылгылаах дьон бэйэлэрэ уйуннулар. Онон сыһыыттан 8 үөр сылгы (уопсайа 49 төбө) эбии аһылыкка бөһүөлэккэ харалла турар.
От саппааһа тиийиэ диэн эрэнэбит
4852 туонна от саппаас баар. Ол эрээри, ахсынньыга саҥа үктэннибит, элбэх хаар түстэ, өссө да түһүө турдаҕа, онон сылгылар эбии аһылыкка туруох чинчилээхтэр. Саппаас от Эбээххэ, кур от Ойуһардаахха баар. Суол арылыннаҕына нэһилиэктэр тиэниэхтэрэ. Тустаах хамсааһыҥҥа улуус управлениета тиэйии-таһыы ороскуотун уйунар.
Ахсынньы 9 күнүгэр СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Хоту дойду оҥорон таһаарар салаа салайааччытын солбуйааччы А.А.Оконешников үлэлии кэлэрэ күүтүллэр. Үлэ былаанынан, «Березовка» таба иитэр хааһынай тэрилтэ тула үлэ ыытыллыаҕа. Ол курдук начаалынньыкпыт Д.Н.Винокуров, «Березовка» ХТ начаалынньыгын эбээһинэһин толорор М.М.Винокуров бураанынан баазаҕа тиийэн үлэни-хараны кытта билсиэхтээхтэр. Кинилэри кытта бэтэринээринэй сулууспаттан Рустам Оконешников барсыаҕа.
Ас-үөл дьаарбаҥкатын ыытар былаан баар
Сүөһүлээх дьон идэһэлэнэр, үүт ас аһылыктанар, атыыланар. Сибиэһэй аһы дьоммутун көҕүлээн, манна куоракка атыылата ыыттарабыт. Ол курдук Ойуһардаахтан, Өлөөкө Күөлүттэн, Эбээхтэн ынах этин, үрүҥ аһы атыылаабыппыт. Холобур, Өлөөкө Күөлүн пиэрмэтэ 200 киилэ арыы ыыппыта, икки күнүнэн атыыланан бүппүтэ. Ол курдук саҥа дьыл бырааһынньыгар диэри үгэс быһыытынан дьон-сэргэ ас ылынарыгар дьаарбаҥка тэрийээччибит. Быйыл маннык тэрээһини ахсынньы 20-тигэр ыытар былааннаахпыт. Эбэн эттэххэ улуус үрдүнэн үс кэпэрэтиип «Арчы», «Кустук», «Мээтис» үлэлиир. Үүтү Сыбаатайга, Эбээххэ, Өлөөкөҕө туталлар.
Этиниилэр өрүү баар кыһалҕаларга туһаайыллаллар
Дьокуускайга үөрдээн иитиллэр сылгы иитиитин, сайдыытын тула мунньахтарга, тэрээһиннэргэ сылдьан кэллим. Сэминээргэ куруук хатыланар боппуруостар быһаарыыга тураллар. Холобур сүөһү төбөтүгэр бэриллэр субсидия төлөбүрүн хоту улуустар усулуобуйаларын учуоттаан үрдэтэллэригэр, биэҕэ эрэ буолбакка атыыр сылгыга эмиэ көрөллөрүгэр этии киллэрэбит. Сири-ходуһалары, от хаачыстыбатын харыстыыр сыалтан өртөөһүнү сөргүтэр уолдьаспытын ыйабыт. Өртөөһүнэ суох сир дойду эрэ буолбакка, от хаачыстыбата эмиэ мөлтүүр. Ол кэннэ, сүөһүттэн туох иҥэмтиэлээх хаачыстыбатын ирдиэҥий? Маны сэргэ «Роспотребнадзор» оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, убаһа этин көҥүллээбэтэ этилиннэ. Бу, ыччат иҥэмтиэлээх бэйэ бородууксуйатын аһаан улаатарыгар улахан харгыс буолар уонна эт бородууксуйатын эргиниигэ хааччаҕы үөскэтэр. Уматык сыаната улааттар-улаатар. Онон кэлэр сыл көмө төлөбүрдэргэ болҕомто ууруллуо диэн эрэнэбит.
Тыа хаһаайыстыбатыттан тирэҕирэр көмөлөр
Маны сэргэ боропсойуусмунньаҕа ыытылынна. Тыа хаһаайыстыбатын боропсойууһа хоту улуустарга улахан болҕомтотун уурар. Холобур, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалаах дьон эбэтэр тэрилтэ исписэлииһэ 5 сыл үлэлээбит буоллаҕына, бырайыаһа 100%, сынньанар, эмтэнэр путевката 80% төлөнөр, Белокурикаҕа ыытар. Быйыл икки киһи сынньанан, эмтэнэн кэлбитэ. Араас көмө буолар бырагыраамалар үлэлииллэр. Холобур тыа сиригэр олорор дьоҥҥо министиэристибэттэн дьон дьиэ туттарыгар сыл аайы кубуота көрүллэр, исписэлиистэрбит үөрэнэллэригэр көмөлөһөбүт.
Былааннар, туолуохтаах соруктар. Түмүккэ…
Сүдү улахан былааннартан билиһиннэрдэххэ, кэлэр сыл олунньу ыйыгар Уус Дьааҥыттан 180 төбө табаны сиринэн (Абыйынан) аҕалар былааннаахпыт. Алаһыай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 90 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ ат сүүрдүүтүн тэрээһинэ ыытыллара былааннанар.
Түмүккэ, ыччаппыт успуорт, култуура тэрээһинигэр көхтөөх, инники күөҥҥэ ааттанара биһирэнэр, ол эрээри бу курдук үлэни, тыа хаһаайыстыбатын тэҥҥэ өрө тутуохха наада дии саныыбын.
Норуот күүһүнэн, уопсастыбаннай хамсааһыннарынан субуотунньуктары тэрийэн, хаһаайыстыбалаах дьону өйүөххэ, көмөлөһүөххэ, болҕомтобутун, өйөбүлбүтүн биллэриэххэ диэн ыҥырабын.