Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ хонтуруолга турар

Орто Халыма улууһугар, от ыйын 14 күнүттэн, ойуур баһаарыттан улуус таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэһиллибитэ.
Бүгүҥҥү күн туругунан, Халыматааҕы ойуур хаһаайыстыбата иһитиннэрэринэн, улуус территориятыгар К-364, К-428 нүөмэрдээх икки улахан ойуур баһаара баар.

Ойуур баһаара, халлаан спутнига көрдөрөрүнэн, Орто Халыма куоратыттан, Халыма өрүс уҥуор үөһээ биэрэгэр 35 км.тэйиччи саҕаламмыт.

От ыйын 19 күнүгэр Березовка таба иитэр Туманнаах учаастагар, табаһыттар олорор учаастактарыгар ойуур уота чугаһаан, түөрт киһини (икки оҕо) эвакуациялыыр суһал көмө оҥоһуллубута.
Халыматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэрэринэн бу күн СӨ САУо «Якутлесресурс», СӨ СБУ «Быыһыыр сулууспа», Халыматааҕы быыһыыр-көрдүүр этэрээт, баһаар утары баҕа өттүнэн үлэлиир этэрээт, Орто Халыма улууһун дьаһалтатыттан, нэһилиэнньэ күүһүнэн уопсайа 45 киһи баһаары бохсууга үлэлиир.
Баһаар миэстэтигэр бүгүн эбии 20 тахса киһилээх биригээдэ барара былааннанар.

Улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Александра Явловская көҕүлээһининэн, от ыйын 19-20 күннэригэр баһаары утары охсуһар байыастарга көмө буолар ас-таҥас, тээбирин хомуура ыытыллыбыта. Александра Петровна бэлиэтииринэн, кылгас бириэмэ иһигэр элбэх ас-таҥас хомуллубут. Ол курдук буспут бурдук аһа, бородуукта арааһа, иһэр уу, бырдах эмэ, бэрчээккэҕэ тиийэ байыастарга тиэрдилиннэ.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше