Сылгы сүөһү сүтүктээх быһылааннар таҕыстылар

Бу күннэргэ Иккис Мээтис нэһилиэгин дьаһалтатыттан, бөрөлөр сылгыга саба түспүттэрин туһунан тыллабыр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар киирбит. Бу быһылаан туһунан, Иккис Мээтис нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Николай Колесов бу курдук иһитиннэрэр:

«Бу быһылаан, бөһүөлэктэн 3,5 килэмиэтир тэйиччи Кэтэриинэ диэн учаастакка буолла. Бөрөлөр буулаан, быйыл төрүөх биир кулуну тартылар, түөрт убаһаны бааһыртылар. Сылгылар кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэринэн буолаллар. Сылгыһыттар тутатына үөрдэри бөһүөлэккэ, харахтарын далыгар аҕаллылар, үгүс дьон сүөһүлэрин көрүнэллэр, мананаллар. Сылгыһыттар сабаҕалааһыннарынан, кыыл суолунан көрдөххө, үс-түөрт бөрө сырыыта баарынан бэлиэтэнэр. Адьырҕа кыыллар киһи хараҕын далыгар көстө иликтэр. Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин кытта хамыыһыйа тэриллэн, бөрөлөрү суох оҥорор суолу тобулабыт. Хапкааннаан ылыыны эбэтэр бэтэринэриийэ сулууспатын кытта дьаатынан суох оҥорор ньымаларга үлэ ыытабыт. Соруктаах үлэҕэ анал дьон бэлэмнэр, тырааныспар сырыытыгар уматык көрүлүннэ».

Маны сэргэ бу күннэргэ, сүөһү өлүктээх алдьархай Алаһыай нэһилиэгэр эмиэ бэлиэтэннэ. Ол курдук үс учаастакка, күөллэр тааҥнаабыт, куталаммыт сирдэригэр, Багдьаҕа — 2, Ындыыһыҥҥа — 1, Муҥурдаахха 1 сылгы өлүгэ булулунна. Олохтоохтор этэллэринэн сүөһүлэр бүттүүн түспүт буоланнар, ким сүөһүлэрэ буолаллара биллибэт.
Онон олохтоох дьаһалта, хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэрин көрүнэллэригэр, күөллэрдээх, куталаах сирдэргэ сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолалларыгар ыҥырар.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше