Бу күннэргэ «Полярные авиалинии» тэрилтэ «Ан3» сөмөлүөтэ нэһилиэктэргэ сырыытын саҕалаата.
Орто Халыматааҕы Аэропорт дириэктэрэ Валентина Бандерова иһитиннэрэринэн бүгүҥҥү күн туругунан Өлөөкө Күөлэ уонна Ойуһардаах бөһүөлэктэрин авиа былаһааккаларыгар көҥүл бэриллибит.
Бүгүн маҥнайгы сырыы Өлөөкө Күөл бөһүөлэгэр оҥоһулунна. Пассажирдар бэлиэтииллэринэн олус үчүгэй усулуобуйалаах сырыы буолбут, ол эрэн сөмөлүөккэ 10 эрэ киилэ малы ылар уустуктардаах буолбут.
Анжелика Третьякова, Өлөөкө Күөл:
«Сөмөлүөтүнэн 45 мүнүүтэ көтөн кэллибит. Бырайыас сыаната, бириэмэтэ, син Ми-8 бөртөлүөттэн уратыта суох. Сөмөлүөт 9 миэстэлээх. 10 эрэ киилэни ылар буолан, ыраахтан кэлэр дьоҥҥо уустуктардаах эбит. Сөмөлүөт олус үчүгэйдик көтөр, дайарыгар уонна түһэригэр эрэ далааһына хамсаата», — диэн көтөр аал бастакы пассажирдарыттан биирдэстэрэ санаатын үллэһиннэ.
Хаартыска: Екатерина Созонова, Анжелика Третьякова, Өлөөкө Күөлэ б.