Орто Халыма оройуонугар олохтоох араадьыйа «Социалистическая Колыма» хаһыат иһинэн 1943 сыллаахха тэриллибитэ.
Араадьыйа үлэтин боломуочунайынан М.М.Бубякина үлэлээбит. Орто Халыма куорат Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Гаврильевич Жирков миэхэ «Мария Михайловна араадьыйа бастакы үлэһитэ уонна кини билигин баар буолуохтаах» диэбитин сэҥээрбитим. Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан кылгас сонуннары биэрэрбинэн туһанан, Мария Бубякинаны көрдүүр үлэбин саҕалаабытым. Хата ол сонуммун кини дьүөгэтэ түбэһэ истэн «Эйиигин Халыматтан Акулина Колесова диэн дьахтар көрдүүр» диэбит. Мария Михайловна «Халымалар миигин өйдүүр эбиккит, оройуон оччотооҕу салалтатын болҕомтотунан И.В.Сталин мэтээлинэн наҕараадаланан, тыыл бэтэрээнэ ааттанан, олус үөрэбин, астынабын» уо.д.а. ахтыылаах уһун суругун туппутум.
Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатын биллиилээх суруналыыһа Валентина Дмитриевна Петрова, Мария Михайловна ити ахтыытын уонна мин маннааҕы араадьыйа урукку уонна аныгы үлэтин туһунан суруйан ыыппыппын «Араадьыйа долгуннарын 70 сыла» диэн уочаркалары, докумуоннары, ахтыылары улахан кинигэтигэр киллэрэн үйэтиппитигэр махтанабын. М.М.Бубякина уонна Георгий Ильич Колесов икки ардыларыгар кимнээх үлэлээн-хамсаан ааспыттарын мин чуолкайдык билбэппин. Онон, быйыл төрүттэммитэ 80 үбүлүөйдээх сааһын туолбут, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кэмиттэн саҕалаан дьон-норуот туһугар үлэлээбит олохтоох араадьыйа суолтатын өйдөөн тураммын, араадьыйаҕа дикторынан уһуннук үлэлээбит Н.Н.Непомнящихтан көрдөспүтүм туолла. Ол курдук Нина Николаевна элбэх сылы хабар, үлэлээбит дьону барыларын ахтан ааһар сэргэх ыстатыйата «Халыма долгуннара» 46-с №-дээх хаһыатыгар «Говорит Среднеколымск» диэн төбөлөөх тахсыбытын аахпыккыт буолуо.
Улууһу ордук уустук кэмҥэ салайбыт баһылык Владимир Афанасьевич Григорьев бэчээт, тэлэбидиэнньэ, араадьыйа үлэтин суолталыырын түмүгэр, биһиги билиҥҥи дьаһалта дьиэтин үһүс этээһигэр баар икки хоско үлэлээн ааспыппыт. Саха өрөспүүбүлүкэтин «Саха НКИХ» филиалын быһыытынан үлэлиир кэммитигэр дириэктэринэн Гаврил Романович Крылов салайбыта. Кини төһө да ирдэбилгэ эппиэттиир анал дьиэбит-уоппут суоҕун, аныгы аппарааттарынан хааччыллыыбыт мөлтөҕүн уонна хамнаспыт кыратын иннигэр кэлэктииби биир сыалга-сорукка түмэн үчүгэйдик үлэлэппитин умнубаппын. Оччолорго улууспут олоҕун-дьаһаҕын чулуу үлэһит дьонун туһунан өрөспүүбүлүкэ тэлэбидиэнньэтинэн уонна араадьыйатынан былааннаахтык көрдөрөрбүт-иһитиннэрэрбит.
Мин билигин ити кэмнэри суохтуубун, Аартыка улуустарыттан биир бөдөҥ Орто Халыма улууһун туһунан сонуннар бэриллэр кыахтара суоҕуттан хомойобун. Ол иһин бэйэм көҥүл санаабынан «Кыым» уонна «Саха сирэ» хаһыаттарга дьоҕус суруктары ыытабын.
Түмүккэ, ааспыт өттүгэр олохтоох араадьыйа биэриилэрин сэҥээрэн истибит сэргэх дьоммутугар 80 сыллаах үбүлүөйүнэн истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин.
Акулина Колесова