Ойуһардаахтааҕы С.Н.Горохов аатынан орто оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэр

Оксана Слепцова
Эрэдээксийэ бүгүҥҥү ыалдьытынан Сиэн Күөл нэһилиэгэ буолар. Ойуһардаах дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан билиһиннэрэр олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Галина Ефимова.
Нэһилиэккэ күн бүгүн 559 киһи олохсуйан олорор. Кэлэр 2024 сылга С.Н. Горохов аатынан оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөөрү бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар: кинигэ тахсыытыгар, Степан Николаевич аатыгар искибиэр аһыллыытыгар уо.д.а.
Бу сыл Дьокуускайтан быраастар мобильнай биригээдэлэрэ нэһилиэк дьонун доруобуйаларын көрөн-истэн, сүбэ-ама биэрэн барбыттара.
Ойуһардаах бөһүөлэгиттэн 3 уолбут анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар, биир байыас соторутааҕыта дойдутугар уоппускаҕа кэлбитэ. Уолаттар дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэнньэ уонна олохтоох дьаһалтаттан араас таһымнаах көмө оҥоһуллар. Сайын 8 миэстэ ас бэлэмнэнэн ыытыллыбыта.

Нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа
Бөһүөлэк уулуссаларыгар, оҕо оонньуур, успуорт былаһааккаларыгар тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыта. 4 оҕо волонтерунан үлэлээбитэ.
Ааспыт сылга олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн, баһаартан сэрэхтээх буолууга ВТК-90 тыраахтар ылыллан минерализованнай балаһа оҥоһуллубута. Кэлэр 2024 сылга бу бырагырааманан тирэҕирэн нэһилиэнньэ Ленин аатынан уулуссаҕа тырааныспар ааһар муостатын өрөмүөннээһин, аныгылыы тупсарааһын үлэтэ былааҥҥа киирдэ.
Сайыҥҥы кэмҥэ ыһыах былаһааккатыгар саҥа тимир муоста тутулунна. Таалалаах түөлбэҕэ 100 м уу турбалара тардыллыбыттара, хочуолунайга саҥардыы үлэтэ оҥоһуллубута, тиэхиньикэлэр өрөмүөннэммиттэрэ.

Тыа хаһаайыстыбата
Сиэн Күөлүгэр бу күн 244 ынах сүөһү (116 ыанньык), 384 (175 биэ) иитиллэр. 3 киһи бааһынай хаһаайыстыбаны тутар. Ааспыт күннэргэ идэһэ дэкээдэтин чэрчитинэн, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын көҕүлээһининэн, эт, үүт ас (эриллибит эт, күөрчэх, хаан уо.д.а.) Орто Халыма куоратыгар атыыламмыта. Сааһын Дьокуускайтан 128 куурусса ситиллибитэ, онтон 40 төбөнү урбаанньыт Д.А.Жирков ылбыта. Онон нэһилиэнньэ сибиэһэй сымыытынан толорду хааччыллар. Сайын, күһүн оҕуруот аһын арааһын элбэх киһи үүннэрэр, онтон өлгөм үүнээйилээх ыалларынан В.С.Кокорина, А.Н.Оконешникова, З.А.Еремеева, Е.В.Бандерова буолаллар.

Үөрэхтээһин
Быйылгы үөрэх сылыгар «Ладушка» оҕо уһуйаана цифровой үөрэхтээһиҥҥэ киирэн, «Сферумҥа» холбонон үлэлии олорор. Онон уһуйаан үлэтин, сонуннарын Госпаблик анал саайдыгар регистрацияланан QR-кодунан киирэн көрүөххүтүн, билсиэххитин сөп. Сайын үбүлээһин көрүллэн, уһуйаан кухнятыгар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир өрөмүөн оҥоһулунна, маны сэргэ өр күүтүүлээх оҕо оонньуур былаһаакката туруорулунна.
С.Н.Горохов аатынан Ойуһардаах оскуолатыгар 73 үөрэнээччилээх. Быйыл маҥнайгы кылааска алта оҕо киирдэ.
Оскуолаҕа нуучча уонна омук тылларыгар вакансиялар аһаҕас тураллар. Кэлэр сылга нэһилиэккэ үөрэхтээһин тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэрэ былааннанар. Учууталлар сылын ахсын үөрэхтэрин таһымын үрдэттэн, араас куурустарга үөрэнэллэр. Алын кылаас учууталлара Е.Н.Винокурова, С.И.Винокурова оҕону анимация эйгэтигэр уһуйан дойду таһымнаах күрэхтэргэ дипломант, Лауреат, Гран-при буолары ситистилэр. Оҕолор ситиһиилэринэн «Артек», «Орленок» лааҕырдарга босхо путевканан сайыҥҥы сынньалаҥнарын атаараллар. Ол курдук «Юные якутяне» мультик (ойуулук) өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна, кыайыылаахтар «Сир уустара» Сунтаар улууһун, Кэмпэндээйи нэһилиэгин лааҕырыгар путевка ылыахтара. Успуорка П.Е.Шкулев уһуйуутунан оҕолор элбэх ситиһиилээхтэр. Сыл ахсын нэһилиэккэ чулуу спортсменнарбыт ааттарынан, улуус таһымнаах араас спортивнай күрэхтэр ыытыллаллар: Н.Е.Горохов кэриэһигэр тустуу, М.П.Бандерова аатыгар хайыһар; М.А.Бандерова бирииһигэр саахымат, дуобат, А.Г.Горохов кэриэһигэр «Дыгын оонньуулара».
Оскуола биир тутаах хайысхатынан ынах сүөһүнү тутуу буолар. Онон агрохайысха чэрчитинэн, 8 ынах, 6 торбос, 1 тыһаҕас иитиллэр. Оскуола үлэһиттэрин, үөрэнээччилэр күүстэринэн хотон туттубуппут. «Эрэл» оҕо үлэлиир сынньанар лааҕыра быйыл 66 тонна от оттообута. Маны сэргэ «Родничок» оҕуруот аһын үүннэрэр лааҕыр үлэлиир буолан, үөрэнээччилэр төгүрүк сыл иҥэмтиэлээх үрүҥ аһынан, сибиэһэй этинэн, оҕуруот аһынан хааччыллаллар.