Феофан Сивцев: күн аайы билбэтиҥ, көрбөтүҥ элбээн иһэр курдук

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьытын, талаан эргиччи кууспут киһитин, СӨ култууратын туйгунун, урбаанньыты Феофан Феофанович Сивцевы билбэт киһи суоҕа буолуо.
Феофаны норуокка үҥкүүһүт, ырыаһыт, иистэнньэҥ, тамада, парикмахер быһыытынан билинэбит. Кини «Саха сатаабата суох», «Талааннаах киһи барытынан талааннаах» диэн өс хоһооннорун итэҕэтэр, дьоҕурдаах киһибитинэн буолар.
Бу күн кини дьарыктарын, идэлэрин сүүмэрдээн, урбаанньыт күнүн чэрчитинэн, «ФЕОСТИЛЬ» салон салайааччытын быһыытынан сэһэргэстим.

— Феофан, талаан эйиигин анаан талбыт киһитэҕин, оҕо сааскар туох идэтин баһылыыр баҕа санаалаах этигиний?
— Ыанньыксыт. Ыаллыы олорор чүөчэлэрбин сырса сылдьан, ынахтары ыаһарым. Хороҕор муостааҕы олус таптыыр, харайарбын сөбүлүүр этим.
— Интэриэһинэй баҕа санаалаах эбиккин. Эйиигин дьон үҥкүүһүт быһыытынан бастаан билиммитэ. Үҥкүү эйгэтигэр хаһан үктэммиккиний?
— Ынахтарбын ыанарым быыһыгар, 3-с кылаастан, үҥкүү куруһуогар сылдьар этим. Онтон ыла култуура суола иннибэр арыллыбыт эбит. Ол курдук 1984 с. Дьокуускайдааҕы култуура сырдатар киинигэр, билиҥҥинэн Кульпросвет колледжын хореограф идэтинэн бүтэрбитим. Үөрэнэр сылларбар, аармыйаҕа сулууспалаан, Дойдубар Ытык иэспин толорон кэлбитим, олоҕум аргыһын көрсөн ыал буолбутум. Онон үөрэнэр кэммэр барытын ситиспит эбиппин (күлэр).
— Онтон ыла култуура олоҕуҥ  сүрүн сыалынан буоллаҕа.
— Оннук, идэбин баһылаат төрөөбүт нэһилиэкпэр, Сыбаатайбар, дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлэн, кулуупка худругунан үлэлээбитим. Дьокуускайга, Орто Халыма куоратыгар оҕо ускуустубатын оскуолаларыгар хореографтаабытым, куорат «Кулума», Хатыҥнаах «Алгыс» култуураларын кииннэригэр дириэктэрдээбитим. Кэлин «Саһарҕа» оҕо уһуйааныгар харабылынан, күнүскү өттүгэр бэйэм баҕарар хайысхаларбынан дьарыктаммытым.

— Урбаанньыт, бэйэ дьыалатын тэринии хаһан саҕаламмытай?
— Ийэбин көрө-истэ диэн Дьокуускайга олохсуйа сылдьыбыппыт. 1998-1999 сс. закройщик уонна парикмахер  куурустарыгар үөрэммитим. Иллэҥ кэммэр иистэнэн, баттах кырыйан үп эбинэрим. Онтон саҕаламмыта.  2019 сыллаахха Орто Халыматааҕы Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Галина Михайлова көҕүлээһининэн,  парикмахер кууруһугар буор-босхо үөрэммитим. Дьоҕус тэрилтэ тэринэргэ сананан, Санкти-Петербург куоракка тустаах дьону көрсөн, үлэлии олорор дьиэбин дуогабардаһан кэлбитим.  Дьиэм төлөбүрэ кэлэр сылга түмүктэниэхтээх.
—    Дьэ хайдах тэринниҥ, туохтан тирэҕирдиҥ?
—    Бэйэ дьыалатын тэринии, уустуктардаах буоллаҕа. Төһөнөн хамсанаҕын, оччонон сатанаҕын. Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Биллэрин курдук улахан кирэдьиит ылан саҕалаабытым. Онтон  ААУо «Аспект» тэрилтэ нөҥүө удамыр сыанаҕа малбын-салбын ситтэрбитим. Түгэнинэн туһанан «Аргыс» кирэдьиит сиэрбиһигэр уонна «Аспект» тэрилтэҕэ истиҥ махталбын тиэрдэбин.  Үлэбин саҕалыырбар, сакаас тутатына киирбитэ. Кыһыныгар дьиэм тымныы буолан атахтыыра, оһох отторум, обогреватель күүһүнэн үлэлиирим. Онтон кылааһынньыктарым көмөлөрүнэн өрөмүөннэнэн, усулуобуйабын оҥостон үлэлии сылдьабын.  Куоракка үксэ эр дьон стрижкаҕа наадыйар. Кыһыҥҥы суолунан нэһилиэктэргэ сылдьа сатыыбын.
—    Салоҥҥар атын өҥөлөр эмиэ оҥоһуллаллар эбит ди?  
—    Түөрт буолан үлэлиибит. Яна Епанчинцева кэрэ аҥардар сэбэрэлэрин тупсарар. Таня Роббек сибэкки арааһын атыылыыр, Березовкаттан төрүттээх Андрей Нестеров массаас оҥорор. Кыргыттарым үлэһит дьон, хаһаайыстыбабын тутан олороллор. Быйыл тэпэлииссэбитин үлэлэттибит, күн бэҕэһээ биир биэдэрэ оҕурсуу ылбыппыт. Кыргыттарым бэйэлэрэ көрөллөр-истэллэр. Мин эбээһинэһим — уу кутааччы. 

—    Инники былааннартан сырдаттахха, сүрүн сыалгынан тугуй?
—    Былаан элбэх. Күн аайы билбэтиҥ, көрбөтүҥ элбээн иһэр курдук. Муода күн аайы уларыйар, ол аайы бэйэ билиитин таһымын тэҥҥэ тобулан иһиэхтээххин. Иистэнэр идэбин сөргүтүөхпүн баҕарабын. Баҕалаах дьоҥҥо закройщик  кууруһун тэрийиэм этэ. Маны сэргэ массааска анал кууруска үөрэнэн кэлбитим, онон бу күннэргэ массааспын саҕалыырга бэлэмнэнэбин. Тустаах малбынан-салбынан хааччыллыбытым.

—    Биһиги улууспутугар урбаанньыт салаата хайдах сайдан турар дии саныыгын?
—    Улууспутугар «Мой Бизнес» тэрилтэ арыллыбыта олус табыгастаах. Салайааччы Алена Алексеевна көмөтүнэн, сүбэтинэн тохсунньу ыйга дьыалам докумуоннарын сааһыланан,  цифровой бэчээт оҥорторон, анал усчуот, терминал арынан кэллим. Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Ил Дарханын иитинэн үлэлиир урбаанньыттар координационнай Сэбиэттэрэ кэлэн бэртээх сүбэ-ама биэрэн, көрөн-истэн, кыһалҕабытын үөрэтэн  бардылар. Кинилэргэ тустаах сурук суруйбуппут, эппиэти күүтэбит. Салалта өттүттэн өйөбүл баар диэн сыаналыыбын.
   Дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ?
—    Кэргэним, оҕолорум Дьокуускайга олохсуйан олороллор. Уоллаах кыыһым номнуо үөрэх, үлэ баһылаабыт, олохторун оҥостубут ыал дьон. Түөрт уол сиэннээхпин. Улахан сиэним номнуо 10 сааһын туолбута.
—    Феофан Феофанович, быыс булан сэһэргэспиккэр махтанабын. Бэйэ дьыалаҕар ситиһиилэри, саҥаттан саҥа арыйыылары, үүнүүнү-сайдыыны баҕарабын. Сатабыллаах талааннаах тарбаххыт, дьон-сэргэ туһатыгар, кэрэтигэр аптыы-алыптыы турдун. 

Ааптар: Саргылана Кокорина