Бүгүн Байды нэһилиэгэр самаан сайыны уруйдуур Ыһыах буолла.
Кырдьа5астыын эдэрдиин нэһилиэнньэ мааны сахалыы таҥастарын кэтэн бу күнү уруйдаатылар. Быйыл ыһыахтыыр сирдэрэ саҥа сиргэ буолла. Наһаа үчүгэй күннээх күн туран дьон үөрэ-көтө түөлбэлэринэн арахсан араас күрэхтэргэ кыттан,остуол тула олорон чэйдээтилэр. Аҕа баһылыктара Юрий Константинович алгыс тылы этэн,үбүлүөйдээх дьонун эҕэрдэлээтэ. Сыл ахсын дэйбиирдээх дьон ахсаана элбииригэр гиннес олохтуулларын сэргээтибит,быйыл ханнык да сыллааҕар элбэх дьон оһуохайга уонна дэйбииргэ элбээбититтэн үөрдүбүт. Мин Култуура управлениятын начальнигын Анастасия Владимировналыын бу ыһыахха баран жюрилаан,дуоһуйа сынньанан ,нэһилиэнньэ хайдах ыһыахтыырын көрөн кэллибит.
Ааптар Туйара Кудрина


