Балаҕан ыйын 8 күнүгэр, хара сарсыардаттан Халыма дьоно ардаҕы-самыыры билиммэккэ, быыбардыыр территорияларга утуу-субуу сыбыытаабытынан бардылар.
Орто Халыма киин куоратыгар 489 нүөмэрдээх быыбардыыр хамыыһыйаҕа саамай бастыҥынан Иккис Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээх Екатерина Моттуева, оттон 490 УИК-ҕа Орто Халыма куоратын олохтооҕо Михаил Демин куоластарын биэрдилэр.
Дьиэттэн тахсар кыаҕа суох, аҕам саастаах дьонтон биир бастакынан, дьиэҕэ сылдьан быыбардатар хамыыһыйаны ыҥыран, Алаһыай нэһилиэгиттэн төрүттээх Михаил Николаевич Сивцев быыбардаата.
Бу курдук Орто Халыма куоратыгар, нэһилиэктэригэр тэтимнээх быыбар күнэ саҕаланна.
Ааҕар-суоттуур хамыыһыйа, бүгүн 15ч.00м. төһө киһи быыбарга кыттыбытын эрэдээксийэ нөҥүө сырдатыаҕа.
Биир дойдулаахтарбытын, бу үүнэр үс күҥҥэ, Быыбарга көхтөөхтүк кыттан, дойдубут инники сайдыытын туһугар, хас биирдиибит, дириҥ суолталаах кылааппытын киллэриэххэ диэн ыҥырабыт
Ааптар: Саргылана Кокорина