Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр болҕомтоҕо ылыы, көмө оҥоруу тохтообот. «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтин 7 үлэһитэ, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэрин кэлэр сыл бастакы аҥаарыгар хаһыакка суруттардыбыт.
🫶🏼«Бары бииргэ» анал аахсыйа быһыытынан Сылгы Ыытарга буойуттар тустарынан истиэндэ, миитин, дьаарбаҥка, кэнсиэр буолбут. Бу тэрээһиннэргэ киирбит үп, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга ыытылынна.
Халыматааҕы көрдүүр быыһыыр этэрээт үтүө дьыалаҕа күүһү-уоҕу эрэйэр түбүктээх үлэнэн кыттыстылар. Ол курдук кинилэр Орто Халыма куоратыгар анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэа, үс ыал дьиэтин тэлгэһэтиттэн хаардарын ыраастаатылар.
Иккис Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээх Ирина Василий Слепцовтар, Дьокуускай куоракка «маскировачнай» хаххалыыр сиэккэни оҥоруу аахсыйатыгар кыттан, улууспут үтүө дьыалаҕа кыттыспытынан ааттанна.
Бу курдук амарах майгылаах үтүө дьон көҕүлээһининэн араас көмө быыстала суох ыытыллар.