Үс күн ыытыллар «Үлэ-иис күрэҕэр» хамаандабыт 15 араас таҥаһы (тээбирини) 7 кээмэйинэн оҥоруохтаах

Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аналлаах аһымал аахсыйаларга илиилэрин өрүү утары уунар аһыныгас санаалаах биир дойдулаахтарбыт элбэхтэр.

Кинилэргэ бүгүҥҥүттэн уочараттаах тэрээһиннэрэ саҕаланна.

Дьиэ кэргэн уонна бэриниилээх буолуу күнүн чэрчитинэн, от ыйын 8 күнүттэн, Дьокуускай куорат Кыайыы 50 сыла успуорт дыбарыаһыгар, «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи сыах көҕүлээһининэн, «Үлэ-иис күрэҕэ» куонкурус саҕаланна.

Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 10 хамаанда кыттар. Аламаҕай санаалаах дьон хамсааһыннарыгар биһиги улууспут Орто Халыма, биир бастакынан сайаапка биэрэн кыттыыны ылар.

Биһиги хамаандабытыгар уопуттаах иистэнньэҥнэр, кылгас кэмнээх үөрэхтээһини саҥа ааспыт, көмөлөһүөн баҕалаах иистэнньэҥнэр эмиэ бааллар эбит.

Куонкурус кыттыылаахтара: Екатерина Васильевна Колесова- салайааччы, Мария Егоровна Винокурова, Алевтина Петровна Тарасова, Надежда Гавриловна Оконешникова, Валентина Гавриловна Николаева, Варвара Филипповна Третьякова, Диана Дмитриевна Белолюбская, Туяра Семеновна Винокурова, Нина Владимировна Бандерова, Пелагея Алексеевна Данилова.

Хамаандабытыгар, улууспутуттан төрүттээх Үөһээ Халыма олохтоохторо эмиэ бааллар диэн бөлөх салайааччыта Екатерина Васильевна сэһэргэһиибитин саҕалаата:

«Биһиги хамаандабыт 10 киһилээх састааптаах. Ол курдук Сылгы Ыытартан, Налимскайтан, Ойуһардаахтан, Өлөөкө Күөлүттэн, Хатыҥнаахтан, куораттан уонна Үөһээ Халымаҕа олорор Хатыҥнаахтан, Орто Халыма куоратыттан төрүттээх кыргыттар, Нина Бандерова уонна Туйяра Белоногова бааллар.

Бары «Илии сылааһа» сыаҕар кылгас кэмнээх иис үөрэхтээһинин ааспыт дьон үлэлиибит.

Бу үс күҥҥэ, 15 кэмпилиэги, 7 араас кээмэйинэн (44-тэн 54-кэ диэри) оҥоруохтаахпыт.

От ыйын 10 күнүгэр киэһэ 19ч үлэбитин туттарыахтаахпыт.

Кэмпилиэккэ киирэр: саллаат көстүүмэ (китель), икки араас бүрүүкэ, ардахтан хаххалыыр таҥас (дождевик) уонна анал суумката, ис таҥас, футболка, толстовка, рубашка, шортар, сэлээпэ, рюкзак, автомат саа угар анал хаа, куллуку, снуд, кааска иһинэн тутуллар матырыйаал.

Иистэнэр массыынаны (11 устуука, бу иһиттэн 3 оверлок, 1 коверлок), өтүүгү, кыптыыйы, сапаас иннэни, линейканы, харандааһы, булавканы уо.д.а.туһуланар тээбирини бэйэбит булунан, ким уларсан аҕаллыбыт.

Анал футболкабытын, бэлиэбитин урбаанньыт- успуонсардар М.Н.Бандерова, А.П.Явловская, С.В.Татаринова үбүлээһиннэринэн оҥортордубут. Дьокутааппыт Г.Н.Алексеев малбытын- салбытын тиэйэргэ массыынанан көмөлөстө.

Манна 10 хамаанда Нам, Уус Алдан, Чурапчы, Кэбээйи, Таатта, Саха булт, Мэҥэ Хаҥалас, Арктика-1 уонна дьоҕус холбоһук тэрилтэлэр хамаандалара бааллар. Куонкуруспут бу үс күҥҥэ, сарсыарда 07ч.30м, киэһэ 11 ч.диэри ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» сыах, матырыйаалбытын уонна 2с Бырабыыталыстыба дьиэтин остолобуойугар босхо аһылыктанарга толуон биэрдэ.

Уоппускаларын кэмигэр, барытын быраҕан туран, саллааттарга көмө оҥорор, дойдуларын ааттатар, Кыайыы туһугар кылааттарын киллэрэр кыргыттарбытыгар махтанабыт».

Сынньалаҥнарын, уоппускаларын кэмин аһымал аахсыйаҕа анаабыт аһымал санаалаах үтүө хамсааһыҥҥа кыттар биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махталбытын, киэн туттарбытын биллэрэбит.

Маннык дьон баар буолан, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар, кэмигэр сөптөөх көмө-өйөбүл оҥоһуллар. Уопсай көмөнөн сотору кэминэн Кыайыы кэлиэҕэ, буойуттарбыт төрөөбүт дойдуларыгар, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше