Үлэбин үйэлээх кинигэнэн түмүктээтим

Эрэдээксийэбит бүгүҥҥү ыалдьыта, дьон-норуот, дьиэ-кэргэн социальнай өттүнэн көмүскэллээх, харысхаллаах, үөрэхтээх буоларын туһугар олоҕун тус суолун анаабыт киһинэн буолар. Кини СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Гражданскай килбиэн бэлиэ кавалера, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Хатыҥнаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Светлана Алексеевна Третьякова буолар.

Светлана Алексеевна 40-тан тахса сыл үлэ үгэнин кэннэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа барда. Киниэхэ улуус баһылыга Иван Васильевич, нэһилиэк дьаһалталарын баһылыктарын ааттарыттан Аркадий Бубякин уонна өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит тэрилтэлэрин салайааччылара махтал сурук, сэмэй бэлэх туттардылар.
Светлана Алексеевна нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын быһыытынан, үөрэхтээһин эйгэтигэр Хатыҥнаах оскуолатыттан саҕалаабыта. Ол кэннэ дириэктэри үөрэх чааһыгар салайбыта, Хатыҥнаах орто оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Онон 19 сыл үөрэҕирии эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

* * * * *

Үөрэхтээһинтэн үрдүккэ

2003 сыллаахха, улуус дьаһалтатын баһылыга Владимир Афанасьевич Григорьев, олохтоох бэйэни салайыныы отдела олохтонорун саҕана, миигин баһылыгы социальнай эйгэҕэ солбуйааччы дуоһунаһыгар ыҥырбыта. Этии киирбитин кэннэ, тутатына сүбэһиппэр, эдьиийбэр Ульянаҕа тахсыбытым. Эдьиийим «Не боги горшки обжигают» диэн, олох саҥа сүүрээниттэн толлубаппар, саҥа үлэни ылсарбар сүбэлээбитэ. Кини этиитигэр тирэҕирэн дьаһалта дьиэтигэр үлэлии кэлбитим. Онтон номнуо 20 сыл ааһа охсубут. Ол сыл, маҥнайгы улахан тэрээһимминэн куораппыт үбүлүөйүн тэрийбиппитин бу баардыы өйдүүбүн. Улуус дьаһалтатыгар үлэбин 5-с баһылыкпынан түмүктээтим.

Аныгы кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ элбэх көмө көрүллэр

20 сыл тухары элбэх киһини, үгүс дьиэ-кэргэни, тэрилтэ салайааччытын кытта үлэлээтим.
Ол саҕаттан элбэх өйөбүл бырагырааманы олоххо киллэрбиппит (эдэр ыал дьиэ-уот тутуутугар, оҕо төрөөһүнүгэр, иитээһинигэр, кыһалҕалаах дьиэ кэргэҥҥэ көмө, дьарыктаах буолуу, чөл олоҕу көҕүлээһин, ытык дьоммутугар болҕомто уо.д.а.), дьон олоҕор төһүү күүс буолан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии тураллар.
Кистэлэ суох, билиҥҥи кэм төрөппүтэ, харчы сырсар, карьера оҥостор. Дьиҥэ, ааспыт сыллардааҕар, билигин судаарыстыбаттан, өрөспүүбүлүкэттэн дьиэ кэргэни, оҕо иитиитин, бэйэ дьарыктаах буолуутун өйүүр элбэх бырагыраама үлэлиир.

2021 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, көһөн барыы, ыччат олохсуйбат буолуута үксээтэ, ыал буолуу, оҕо төрөтүү намтаата. Демография кыччыыр, бу эмиэ сайдыыны саҕар бүддьүөтү көрүүгэ атахтыыр. Холобур, быйыл, куорат орто оскуолатыгар биир эрэ кэмпилиэк кылаас оҕо бастакы кылааска үктэннэ. Бу элбэҕи этэр.
Ол эрэн улууска тутуу-сайдыы барар, күүстээх интэриниэт сотору холбоноро былааннанар, онон дьон төрөөбүт дойдутугар төннүө, үлэлиэ-хамсыа, улууспут үүнүө-сайдыа диэн эрэнэбит.

Ааспыт сылтан сүрүн үлэ, болҕомто, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр анаммыта. Билигин СВО-ҕа 70-тан тахса биир дойдулаахпыт кыттар. Дьиэ кэргэттэрбитигэр удастабырыанньаны оҥорбуппут. Бу туоһу докумуон дьоммутугар тэрээһиннэргэ сылдьалларыгар чэпчэтиини көрөр уонна доруобуйаларын көрдөрүнэллэригэр төһүү күүс буолар. Маны сэргэ аахсыйа быһыытынан элбэх көмө оҥоһуллар, биһиги, Халымалар аһыныгас майгылаах, көмөлөөх, сомоҕо дьон буоллахпыт…

Үлэм сүрүн туоһутунан «Золотые семьи Среднеколымского улуса» диэн кинигэбин оҥорон бүттүм. Манна Орто Халымаҕа 50-тан тахса сыл бииргэ олорбут дьон дьиэ кэргэттэрэ сурулуннулар. Кинигэбитигэр урут олорон ааспыт дьиэ кэргэттэр бары киирдилэр. Онон уопсайа 70 дьиэ кэргэн олоҕо сурукка үйэлэргэ тиһиллэн хаалыаҕа. Кинигэбит үбүлээһинэ быһаарылыннаҕына 100 эксэмпэлээринэн бэчээттэнэрэ былааннанар.

Олоҕум кэлэр кэрдииһин оҕолорбор, сиэннэрбэр аныаҕым

Этэҥҥэ буоллахха, дьыл-күн. Оҕолорум-уолаттарым улаатан дьиэ-уот тэринэн, ыал аҕата буолан олороллор. Онон үлэ сылыгар үлэбин түмүктүүбүн (күлэр). Олоҕум бу кэрчигин-оҕолорбор, сиэннэрбэр аныаҕым. Маҥнай, Дьокуускай куоракка кыра уолум дьиэ кэргэнигэр илии-атах буолар, сиэннэрбин көрсөр былааннаахпын.

* * * * *

Эппиккэ диэри, үлэ үөһүгэр… дьиэ кэргэни, оҕону-урууну, дуоһунас ирдэбилин, улуус сайдыытын, олох-дьаһах сүрүн хайысхатын, дьон-сэргэ олоҕун араас өрүтүн өрө тардыы, дьахтар уйан санна биир суолга ситимниир уустугун, айдарыылаах үлэ дьоно бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ.
Убаастабыллаах тумус туттар киһибитигэр, холобур оҥостор салайааччыбытыгар Светлана Алексеевнаҕа күн сирин үтүөтүн, кэрэ кэм кэскилин аныыбыт. Дьиэ кэргэҥҥит тапталыгар куустаран, сиэнчээннэргит ситиһиилэринэн симэнэн уһун дьоллоох олоҕу олороргутугар баҕарабыт.

Ааптар: Саргылана Кокорина

 

 

Читайте дальше