Тоһуттар тымныылаах кырыа кыһыммыт кыйданан, утуйбуту уһугуннарар, сылайбыты сылаанньытар, тоҥмуту ириэрэр, сылааһынан угуттуур күүтүүлээх сайыммыт сатыылаата.
Оҕо аймах үөрүүтэ үрдээтэ. Кэлии- барыы элбээтэ. «Чыып- чаап» ырыалаах эгэлгэ чыычаахтарбыт сарыкынаһа көттүлэр. Номнуо сайыны аҕалар Ньукуолун күнэ, сайыҥҥы хонуктар саҕаламмыттарын кэрэһэлээн, бар дьону үмүрү тарта. Ньукуолуну саха аймах сайын саҕаланар күнүнэн бэлиэтиибит. Ол курдук, биһиэхэ В.А. Местников аатынан Алаһыай орто оскуолатыгар, оҕолор, төрөппүттэр, үлэһиттэр сомоҕолоһон бэрт тэрээһиннээхтик бырааһынньыктаатыбыт.
Тэрээһин сыала — соруга: сахалыы сиэри-туому, итэ5эли иҥэрии, саха фольклорун, өбүгэ оонньууларын сөргүтүү, төрөппүтү кытта үлэни тэрийии.
Алгыстаныы, арчыланыы сиэрин – туомун эйэҕэс эбээлэрбит “Дьүөгэлиилэр” ансаамбыл уонна “Ча5ыл” фольклорнай ансаамбыл ( салайааччы: Кондакова Нарыйа Николаевна) толордулар.
Тэрээһиммит төрөппүттэр күрэхтэринэн саҕаланна: саха музыкальнай инструменын «Сиксиир» хайдах, туохтан оҥорбуттарын кэпсээтилэр уонна бу оҥоһуктарын музыка кэбиниэтигэр бэлэх ууннулар. Күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар: 1миэстэ – Винокуров Вадим Дмитриевич, 2 миэстэ – Винокурова Татьяна Иннокентьевна, 3 миэстэ – Винокурова Нюргуяна Петровна. Кыттыыны ыллылар: Винокурова Варвара Ивановна, Гуляева Ньургуяна, Антонова Сардана Егоровна, Созонова Варвара Афанасьевна, Третьякова Марианна Матвеевна, Созонов Егор Егорович, 5 кылаас кыргыттара – Оконешникова Аина уонна Созонова Элина.
Бырааһынньык сүрүн киэргэлинэн «Саха үҥкүүтүн» күрэҕэ буолла. Бу күрэххэ төрөппүттэр, оскуола оҕолоро уонна оскуола үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Манна элбэх киһи ахсаана, туттуу-хаптыы, көстүүм сыаналанна. Түмүккэ, 1 миэстэ – оскуола үлэһиттэрин кэлэктиибэ, 2 миэстэ – оскуола үөрэнээччилэрэ, 3 миэстэ — төрөппүттэр буоллулар.
Сайыҥҥы куйааска абыраллаах тэрил- “Сапсыыка” арааһын — сиэлтэн, көтөрдөр түүлэриттэн оҥорбут, чочуйбут оҥоһуктарын учууталлар ыалдыттарга көрдөрдүлэр.
Сайылыкка, киэһэ өттүгэр оҕо-уруу күнүскү үлэ кэнниттэн мустан оонньоон-көрүлээн сайыҥҥы киэһэлэрин атаараллара.
Саамай сөбүлүүр өбүгэлэрбит оонньуулара сырсыы, кылыйыы, хапса5ай уо.д.а. буолаллара. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ эмиэ өбүгэ оонньууларыгар кытыннылар: уолаттарга
“Кириэс тэбии”, кыргыттарга туһунан 1,2,3 миэстэ ананна. Бу күрэҕи тэрийэн ыытта — Иннокентий Матвеевич Третьяков. Кыайыылаахтар: 1 миэстэ – Шадрин Эрчим, 10 кылаас; Винокурова Нарыйаана, 10 кылаас; Никулина Светлана, 7 кылаас;
2 миэстэ – Созонов Андрей, 11 кылаас; Иванова Вилена, 8 кылаас; Гуляева Ньургуяна, 7 кылаас;
3 миэстэ – Кондаков Андрей, 7 кылаас, Оконешникова Аина, 5 кылаас.
Алын кылаас оҕолоругар: уолаттарга “Сыаҥааннаһын”, кыргыттарга “Ойбонтон уулааһын” 1,2,3 миэстэлэр ананнылар.
Бу күрэҕи салайан ыытта — Терентий Владимирович Лаптев.
1 миэстэ: Колесов Александр (4 кылаас); Шадрина Сайнаара (3 кылаас).
2 миэстэ: Полюхов Денис, (1 кылаас); Кондакова Лилианна (2 кылаас).
3 миэстэ: Явловский Виктор (3 кылаас); Антонова Лиана (3 кылаас).
1-4, 5-8, 9-11 кылаас кыргыттарыгар “Уһун суһуох” күрэх ыытылынна. Күрэҕи ыытта — Ольга Афанасьевна Потапова.
Кыайыылахтар:
1 миэстэ: Винокурова Алгыстаана (2 кылаас); Иванова Вилена (8 кылаас); Винокурова Нарыйаана,+ (10 кылаас).
2 миэстэ: Кондакова София (4 кылаас); Гуляева Ньургуяна (7 кылаас); Винокурова Александра (9 кылаас).
3 миэстэ: Шадрина Сайнаара (3 кылаас); Созонова Элина (5 кылаас); Винокурова Раиса (9 кылаас).
Маны тэҥэ, быйыл ыам ыйын 25 күнүгэр Саха сиригэр Оһуохай күнэ аан маҥнайгытын бэлиэтэннэ. Бу күн чэрчитинэн кылаастан биирдии төрөппүт оһуохай эттэ. Оһуохай былыр – былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри үйэлэри уҥуордаан кэллэ. Норуот сэһэнигэр уонна ырыатыгар – тойугар үҥкүүнү төрүттээбит дьонунан Эллэй, Эллэй кэргэнэ Сыппай уонна Омоҕой ааттаналлар. Ол иһин оһуохайга: «Дьээ – буо, Эллэй Боотур саҕаттан, дьээ – буо, Омо5ой баай саҕаттан, дьээ – буо, оһуохайдыыр оонньууну, дьээ – буо, олохтуоҕуҥ, доҕоттоор!» — диэн ыҥыраллар. Бу күн Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Ыйааҕынан 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Ол курдук оһуохайы эттилэр: Кондаков Николай Николаевич, Винокурова Нюргуяна Петровна, Явловская Мария Ивановна, Винокурова Варвара Ивановна, Еремеева Пелагея Алексеевна, Потапова Ольга Афанасьевна, Созонова Варвара Афанасьевна, Винокурова Екатерина Гаврильевна, Оконешникова Софья Викторовна, Винокуров Вадим Дмитриевич.
Бырааһынньык түмүгэр бары сахалыы аспытын, саһарчы буспут алаадьы, сибиэһэй хаас миинин аһаан, астынан дуоһуйан тарҕастыбыт.
«Ньукуолун» уонна Оһуохай бырааһынньыгын иилээн-саҕалаан ыыттылар саха тылын уонна литературатын учууталлара Варвара Афанасьевна Созонова уонна Марианна Сергеевна Шадрина, иитэр үлэ завуһа Ольга Афанасьевна Потапова.
Махталбытын тириэрдэбит бары кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ. Төрөөбүт Ийэ айылҕабытын харыстыаҕыҥ, өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһуоҕуҥ!
Марина Полюхова, Арҕахтаах бөһ.